Оҕону иитии туһата
Оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата, ийэ кута аан бастаан иитиллэр, онтон улаатан истэҕинэ салгын кута үөрэтиллэр. Кыра эрдэҕинэ тугу саҥа көрбүтүн-билбитин, оҥорбутун сонно үгэс оҥостунан өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн иһэрэ иитиллэр диэн этиллэр уонна ийэ кутун үөскэтэн иһэр уратылаах.
Оҕо ийэтин таба көрөр кэмиттэн саҕалаан өйө-санаата, ийэ кута сайдан, эбиллэн барар, 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри күүскэ сайдар, бэлэм үгэстэринэн иитиллэн иһэр. Бу кэмҥэ тугу саҥаны билбитин, көрбүтүн сонно үгэс оҥостон иҥэринэн иһэрин иһин уонна бу өйө-санаата ийэтин көмөтүнэн үөскүүрүттэн ийэ кута диэн ааттаабыттар.
Бэлэм, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии, улахан киһи маннык оҥор диэн көрдөрөн, үтүгүннэрэн оҥотторон биэриитэ иитии диэн ааттанар. Ол иһин ийэ кут үгэстэринэн иитиллэр. Бу кэмҥэ оҕо оҥорбут быһыыларын сонно үгэскэ кубулутан иҥэринэн, мунньунан иһэриттэн ийэ кут өйө-санаата үйэтин тухары дьайа сылдьар.
Ийэ кут иитиллэрин туһанан оҕону киһи буолууга иитии, үөрэтии кыра эрдэҕинэ оҥоруллара туһатын, тиийимтиэтин улаатыннарар. Бэйэни үтүгүннэрэн, хамсаныылары оҥотторуунан үөрэтии буор кутун урутаан сайыннарар, ол иһин оҕо биир сааһыгар диэри икки атаҕар туран хаамары ситиһэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ыаллаах буола оонньоон ыал буолуу үгэһин кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэриннэҕинэ улаатан баран ыал буолар, элбэх оҕолонор баҕа санааны үөскэтинэр кыаҕа улаатар.
“Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн өс хоһооно оҕону кыра эрдэҕинэ иитии хайдах барыахтааҕын быһаарар. Кыра эрдэҕинэ көҥүлүнэн бара үөрэнэн хааллаҕына уонна ол көҥүлэ ийэ кутугар иҥнэҕинэ, улаатан баран бас-баттах быһыылаах киһи буолан хаалан төрөппүттэрин хомотуон сөп. Оҕону кыра эрдэҕинэ улахан киһи этэрин истэргэ, бэрээдэккэ, киһилии быһыыны тутуһарга иитэр, үөрэтэр төрөппүттэр оҕолоро улааттаҕына сыыһа-халты туттунуо диэн куттана сылдьаллара аҕыйыа этэ.
Оҕо улаатан иһэн төрөппүттэрин этиилэрин, үөрэхтэрин истэн, ылынан, олору толорон сыыһа өйүн-санаатын көннөрүөн, тупсарыан сөп. Киһиэхэ төрөппүтэ түүлүгэр куһаҕан көрүҥнээх көстүүтэ туга эрэ табыллыбатын, баҕа санаата туолбатын көрдөрөн, сыыһаны оҥороруттан харыстыырга аналланар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн оҕону иитии икки өрүттэнэр. Оҕо иитиитин уратыларыттан тутулуктанан өйө-санаата икки аҥы арахсар:
1. Үчүгэй, киһилии иитиилээх.
2. Куһаҕан иитиилээх.
Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии бу икки тус-туспа өрүттэрин сахалар арааран билэн олохторугар туһаммыттара букатын ырааппыт, ийэ уонна кут диэн тыллар саҥа үөскүүр кэмнэригэр буолбута сөп. Оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторон, ийэ кутун иитэн үчүгэй үгэстэнэрин ситистэҕинэ төрөппүт үчүгэйгэ баҕарар санаата туолуон сөп.
Иитии диэн оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй, киһилии быһыылары көрөн-истэн оҥотторон, ийэ кутугар үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии ааттанар. Оҕо тугу аан маҥнай оҥорбута, өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэн иһэрин сахалар быһааран ийэ кут иитиллэр диэн этэллэр.
Үчүгэй үгэстэрдээх оҕо үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирин төрөппүттэр билэн туһаныа этилэр. Киһи үгэстэринэн салаллар. Оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээбит ийэ кута оҥорор быһыыларын салайыыга куруук туһалыы, быһаара сылдьара уларыйбат.
Ийэ кута үчүгэй быһыыларынан иитиллибэтэх оҕо куһаҕан иитиилээх буолан хаалыан сөп. Ол иһин төрөппүттэр оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорботугар кыһаналлар.
Сахалар оҕо өйө-санаата сайдыытын, ийэ кута үөскээһинин кэмин арааран билэллэриттэн таҥара үөрэҕин туһатын улахан, өйдөрө-санаалара сиппит дьоҥҥо тарҕата сатаабаттар. Ол иһин араас таҥара дьиэлэрин тутан уонна олор салайыыларыгар киирэн диктатураны олохтооботохтор. Киһи санаата ханна баҕарбыт сиригэр бэйэтэ тиийэн хааларынан, туох да кыайан туппатынан, дьиэлэригэр олорон эрэ араас элбэх санааларын салайар кыахтаахтарын билэллэр уонна олохторугар туһаналлар.
Былыргы кэмнэргэ сайдыбыт улахан таҥара дьиэлэрэ салайааччылар бас билиилэригэр киирэн хаалбыттарынан билигин буддизмтан уонна джайнизмтан уратылара бары диктатураларга кубулуйан сылдьаллар. Ол иһин бэйэлэрин тустарыгар кыһаналлара улаатан байыыны эккирэтэ сатыыллара улаатан хаалбыт.
Оҕо улаатан иһэн киһи буолууну ситистэҕинэ, оҥорор быһыылара бары киһи быһыылаах буолан тахсалларыттан, үрүҥү уонна хараны, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныыны ситиспитин кэнниттэн эбии үөрэтэн биэриини олох бэйэтэ оҥороруттан атын үөрэххэ кыһаммакка эрэ олоҕун олорор кыахтанар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ иитии ордук улахан суолталааҕын сахалар быһаараннар, бу кэмҥэ үөскээн мунньуллар өйүн-санаатын ийэ кут диэн атыттартан биллэр уратылааҕын иһин ааттаабыттар. Өй-санаа, куттар бары биллэр уратыларын арыйан Кут-сүр үөрэҕин үөскэтэн туһаналлар.
Оҕону тулуурдаах буолууга иитиигэ “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун туһаннахха табыллар. Бу саханы саха оҥорбут өс хоһооно киһи тулуурун, туттунар күүһүн улаатыннаран сыыһа-халты туттунара, киһи быһыытын аһара барара аҕыйыырын үөскэтэрин тэҥэ, ыарахан диэн ааттанар үлэни кыайа-хото үлэлиир кыахтанарыгар, ситиһиилэри оҥороругар тириэрдэр.
Тулуура аҕыйах киһи өйө-санаата аһара барара улаатан хааларыттан сиэри, киһи быһыытын таһынан барар быһыылары оҥоруон сөп. Өйө-санаата туруга суоҕуттан киһи оҥорор быһыылара олус улахан тутулуктаахтарын маннык куһаҕан быһыылары оҥоруулар дакаастыыллар:
- Москваҕа биир киһи 2019 сыллаахха ыам ыйыгар автобуска салгына тиийбэт курдугуттан уордайан түннүгү огнетушителинэн үлтү сынньан алдьаппыт.
Аныгы психология наукатыгар мания диэн киһи куһаҕаны оҥорор майгынын ааттыыллар, онтон маньяк диэн ол оҥорбут куһаҕан быһыытын хатылаан оҥорор киһи ааттанар:
- Михаил Попков диэн милиционер 22 дьахтары өлөрөн тутуллан сууттаммыта, үйэтин тухары хаайыыга олорорго анаабыттара. Кэлин биллибитинэн өлөрбүт дьонун ахсаана 59 буолуон сөбө сабаҕаланна. М.Попков ангарскай маньяк диэн ааттанан Россияҕа бастакы миэстэни ылар буолбут.
- Новосибирскай маньяк диэн ааттанааччы Евгений Чуплинскай 19 проститутка дьахталлары өлөрбүт. 1998 сылтан 10 сыл устата дьахталлары өлөрүүнэн дьарыктаммыт. Таксист буолан олорсубут дьонун өлөртүүр эбит.
Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ куһаҕан иитиилээх оҕо куһаҕан быһыылары оҥорор кыаҕа улаатан хааларын быһаарар. Куһаҕан иитиилээх диэн кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллэн уонна куһаҕан быһыылары оҥороруттан куһаҕан үгэс үөскээн хаалыыта ааттанар. Куһаҕан үгэстээх киһи оҥорбут куһаҕан быһыытын хатылаан оҥорор кыаҕа аһара улаатарыттан маньяктар үөскүүллэр.
Киһи тулуура улааттаҕына эрэ киһилии быһыылары оҥорор кыахтанарын аныгы сайдыылаах, сымнаҕас олоххо өссө кытаанахтык тутуһа сылдьыы эрэйиллэр. Онтон тулуура суох буолуу куһаҕан быһыыны оҥорууга тириэрдиэн сөбө хаһан да суох буолбат. Үчүгэйи уонна куһаҕаны киһи таба арааран туһаммакка куһаҕан баҕа санаатын үгэс оҥостунан кэбистэҕинэ, онтун толорон кэбиһиэн сөбө улаатан хаалар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн, быһыыларынан иитилиннэҕинэ олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын сахалар тутуһаллар. (1,110).
Туһаныллыбыт литература.
1. Каженкин Иван Иванович. Ыал буолуу үгэстэрэ / Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.