Оҕолору үөрэтии ньымалара

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Оҕолору хайдах үөрэтэр туһунан араас үөрэхтээхтэр суруйуу бөҕөтүн суруйаллар. Ол гынан баран бу араас элбэх үөрэх барыта онтон-мантан, ыраах, сылаас айылҕалаах сирдэртэн хомуллубут үөрэхтэр саха дьоно сайдан-үүнэн баралларыгар, бэйэлэрин төрөөбүт Сахаларын сиригэр ордук туһалаах дьон буола улааталларыгар, үлэни-хамнаһы кыайалларыгар соччо көмөлөспөттөр.

Бу соҕурууттан кэлэр үөрэхтэр анаан-минээн саҥа үүнэн иһэр көлүөнэлэри саха дьонун итэҕэллэриттэн уонна олохторун сиэриттэн тэйитэргэ аналлаахтар. Онуоха эбии кэнники кэмҥэ нуучча омук мөлтөөһүнэ, ол аата атын омуктар ситиспит сайдыыларын таһы­мыттан ыраах хаалыыта, ахсааннара аҕыйаан иһиитэ, кинилэр бэйэлэрин оҕолорун үөрэтэр ньымала­ра өссө мөлтөҕүн чуолкайдык көрдөрдө. Ол иһин нууччалары үтүктэрбитин тохтотуо этибит.

Сибиир олохтоох омуктара, ол иһигэр сахалар эмиэ олус уһун үйэ­лээхтэр. Кинилэр бэйэлэрэ маннык уһун кэм устата оҕолорун син үөрэтэн, киһи хара оҥортоон, баччаҕа кэлэн олоробут. Кэнники «сайдыылаах социализм» кэмигэр атын омуктар оҕолорун үөрэтэр үөрэхтэрин биһиэхэ үөһээттэн соҥнооннор, эдэр ыччаттарбыт өйдөрө-санаалара уонна үлэҕэ-хамнаска сыһыаннара лаппа мөлтөөтө.

Билигин биһиги сахалар салгыы сайдан иһэрбит туһугар оҕолорбу­тун үөрэтии ньымаларын хаттаан бэйэбит оҥорон туһанарбыт ордук буолууһу. Ол иһин былыргы өбүгэлэрбит оҕолорун үөрэтэр ньымаларын сөхсүттэхпитинэ уонна Аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт «Бытие — опре­деляет сознание» диэн өйдөбүлү табатык туһаннахпытына эрэ табыл­лыыһыбыт. Тоҕо диэтэххэ, биһиги, Россия дьонун олохторун таһыма, атын сайдыылаах омуктар олохторун таһымыттан ыраах хаалан хаалбы­тынан, олохтоох дьоммут өйдөрө-санаалара эмиэ кэнники хаалан иһэ­рин учуоттуур сөп этэ.

Мантан салгыы бүтүн Россия үрдүнэн кэнники кэмҥэ киэҥник тарҕаммыт оҕолору үөрэтиигэ туттуллар сүрүн ньыманы ыламмыт ырытан көрүөхпүт:

Бу ньыма — албыннаан, манньалаан, үрдүттэн хайҕаан уонна киһиргэ­тэн үөрэтии ньымата буолар. Ити ньыма сүрүн төрүтүнэн оҕо үөрэҕи ылынан истэҕин аайытын туох эмэ манньанан эбэтэр хайҕабыл бэлиэтин туттарыынан чиҥэтэн биэрэн иһиллэр. Маннык үөрэҕи оҕо төһө да түргэнник ылыммытын иһин, кэнники, манньалаан чиҥэтэн биэриитэ си­тэ табыллыбатаҕына, ылыммыт үөрэҕиттэн аккаастанан кэбиһэр түбэл­тэлэрэ олус элбэхтэр. Итини тэҥэ, үөрэх уһаан, тэнийэн истэҕинэ манньанан чиҥэтиитэ эмиэ улаатан истэҕинэ эрэ табыллара кэлэр.

Билиҥҥи кэмҥэ бу ньыманы биһиги бары төрөппүттэрбит уонна учууталларбыт, үөрэтэр оҕолорун сааһыттан тутулуга суох барыла-рыгар тутталлар. Оҕону үөрэтэргэ саамай гуманнай ньыма диэннэр бары биһирииллэр уонна дьиэ кыылларын үөрэтэргэ ордук табыгас-таах эбит диэн ааҕаллар. Маннык ньыманан үөрэммит оҕолору улаатан истэхтэринэ лаппа үчүгэй манньата суох хата тарбахтарын да хамсат­тарар, үлэҕэ сыһыарар ураты уустугуран иһэр.

Билигин Россияҕа тарҕаммыт эдэр оҕолор бэйэлэригэр тиийиниилэрэ манньалаан үөрэтии оҕо иитиитигэр сөп түбэспэтин биир көстүүтүнэн буолар. Эдэр кыыс оҕо төрөппүтэ соппуоска, бачыыҥка ылан кэтэрдибэтэҕин иһин балконтан ыстанан кэбиһэрэ маннык үөрэтии эдэр киһи бэйэтин олоҕун букатын сыаналаабат буолан тахсарын бэлиэтиир. Ол курдук, маннык үөрэтии түмүгүнэн оҕо төрөппүттэрин туһугар дуу эбэтэр сыаналаах манньа иһин дуу тыыннаах буолар курдук сананарыгар тиийэрэ ордук хомолтолоох.

Оҕолору маннык ньыманан үөрэтэри кыра эрдэхтэринэ, бэйэлэрин өйдөрө ситэ киирэ илигинэ, эрэ оҥоруохха сөп. Ол аата, кыра оҕо ийэ кута сайдар кэмигэр үчүгэйи оҥорон элбэхтик хатылыырын наадатыгар кыра манньаны туттуохха сөп. Онтон салгыы оҕо улаатан өйө-санаата эбиллэн, салгын кута сайдан истэҕинэ үөрэтии ньыматын уларытан биэриини ситиһиэххэ. Оччоҕуна эрэ эдэр киһи аныгы олох уустугуран иһэр көрдөбүллэригэр сөп түбэһэр иитиилээх буолуон сөп.

Сахалар оҕолорун үөрэтиигэ былыргыттан үтүгүннэрэн уонна өсөһүннэрэн үөрэтии ньымаларын тутталлара. Бу кинилэр куруук туттар уонна ураты биһириир ньымалара. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕинэ бас­таан батыһыннара сылдьан бэйэлэрэ тугу оҥороллорун үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэллэр. Оҕоҕо бэйэтин толкуйдуур өйө киирэ илигинэ, ол аата, биэс эбэтэр алта сааһыгар диэри үтүгүннэрэн үөрэтии олус дириҥник иҥэр. Бу кэмҥэ кини өйүгэр-санаатыгар ханнык киһиэхэ хайдах сыһыаннаһар туһунан өйдөбүл кытта үөскээн олохсуйар.

Оҕо букатын кыратыттан үтүктэн үөрэммитинэн барар. Ийэтэ үөрдэҕинэ үтүктэн үөрбүтүнэн барар, онтон тура үөрэнэр, саҥарар, бары­тын үтүктэн иһэр. Саха дьоно итинник гынан бэйэлэрэ тугу сатыылла­рын барытын, «мин курдук оҥор» диэн көрдөрөн биэрэннэр үтүгүннэрэн үөрэтэллэр. Оҕо батыһа сылдьан, илэ бэйэтинэн көрөн үөрэнэрэ ордук дөбөҥ уонна тиийимтиэ. Kыра эрдэҕиттэн улахан дьону уонна төрөппүттэрин көрөн, тугу барытын кинилэр хайдах оҥороллор даҕаны сол курдук оҥорорго үөрэнэн иһэр, оннооҕор дьоно тугу саҥарал­ларын уонна хайдах тутталларын кытары үүт-үкчү үтүктэр. Маннык үөрэтиигэ төрөппүт иитэр-үөрэтэр оруола ордук улаатан биэрэрэ табыллар. Ити иһин аан маҥнай төрөппүт киһилии киһини үөрэтэн таһаарыан баҕардаҕына, аан маҥнай бэйэтин көрүнэн, кыаҕа баарынан өрө тардынан оҕотугар дьиҥнээх холобур буоларга дьулуһара эрэйиллэр.

Оҕолоро улаатан истэҕинэ саха дьоно өсөһүннэрэн үөрэтии ньы­матын тутталлара. Бу ньыма сүрүн өйдөбүлэ саха өһүн хоһоонугар бэ­риллэн: «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс»,- диэн этиллэр. Ол эбэ­тэр бу өс хоһооно саха оҕолоро төрөппүттэринээҕэр бары өттүлэринэн лаппа ордук дьон буолан тахсыахтаахтарын өйдөтөрүн тэҥэ, хайдах ситиһиллэрин кытта быһаарар. Бу этии үүнэн иһэр киһи майгынын, өйүн-санаатын күүһүн уонна тулуурун, дьулуурун быһаарар. Ханнык баҕарар киһи туруоруммут сыалын ситиһэрин туһугар хайаан даҕаны кыра да буоллар өһөс майгыланнаҕына табыллар.

Итини тэҥэ, маннык үөрэтии оҕолор өйдөрө-санаалара эрдэ ситэн улахан дьоннуу сананалларын, эттэрэ — сииннэрэ ситэрин кытта тэҥҥэ оҥорор. «Маны кэлэн кыайбатаххына улахан киһи буола илик буоллаҕыҥ дии», — диэн этэн такайыы, өсөһүннэрэн үөрэтии сүрүн өйдөбүлэ буолар.

Эдэр киһи улаата охсон барыны-бары кыайа-хото ох­суон баҕара саныыра муҥура суох буолар, ол иһин ханнык баҕарар үөрэҕи ылыныыта ураты түргэтиир. Итиннэ эбии маннык үөрэтии оҕо баар-суох биир баҕа санаатыгар эмиэ сөп түбэһэриттэн ордук түргэнник оҕоҕо тиийимтиэ. Ол курдук, оҕолор бары олус түргэнник улаата охсон төрөппүттэрин курдук буола охсуохтарын эрэ баҕараллар. Онон, маннык үөрэх сөптөөхтүк баран иһэрин туһугар, оҕолор ити баҕа санааларын мөлтөппөккө, өссө куруук сайыннаран, инники диэки тардыһыылаах гына оҥорон биэрэн иһии эрэ төрөппүттэртэн уонна учууталлартан ирдэнэр.

Оҕо улаатан истэҕинэ араас көрдөбүлэ эмиэ улаатан, уларыйан иһэр. Онно төрөппүт бэйэтэ хайдах улаатан испитин, өйө-санаата уларыйыытын холобурун таба туһанан уонна сөптөөх­түк сыаналаан, оҕотугар тириэрдиитэ өсөһүннэрэн үөрэтии ньыматын тутаах көрдөбүлүнэн буолар. Оҕо бэйэтэ сайдан иһиитин куруук төрөппүтүгэр тэҥнээн көрөрө үөрэнии сөптөөхтүк баран иһэрин хааччыйар. Итинтэн салгыы үөрэнии тохтообокко баран иһэрин туһугар холобур ылынар үөрэтээччи билиитин таһыма уонна киһилии хаа­чыстыбалара эмиэ үрдээн биэрэн иһэрин ситиһии ирдэнэр.

Ханнык баҕарар киһи бэйэтин баҕа санаатын ситиһэригэр хайаан даҕаны онуоха сөптөөх өһөс санаалаах буолуо этэ. Ол иһин маннык өһөс санааны, инники диэки тардыһыыланнаҕына, туспа арааран­нар сахалыы тулуур уонна дьулуур диэн ааттыыллар. Онтон итинник, инники тардыһар, сайдыы диэки талаһар үөрэҕи тулуурдаах, дьулуурдаах буолууга үөрэнии дииллэр.

Өсөһүннэрэн үөрэтии оҕо бэйэтэ улаатан истэҕинэ, кини баҕа санаатыгар олус сөп түбэһэр. Ол курдук, бу үөрэх сүрүн төрүтэ оҕо улаатан истэҕин аайы ситиһэн иһэр кэрдиис кэмнэригэр олоҕурар уонна оҕо түргэнник улаата охсон, улахан киһи оҥорор дьыалаларыгар кыттыһан иһэринэн, оҕону иннин диэки сайдыыга сирдиир. Маннык кэр­диис кэмнэр киһи олоҕор соччо элбэхтэрэ суохтар уонна өрө тахсыы, дьиҥнээхтик хайаны дабайыы курдук салгыы кэлэн үрдээн иһэллэр.

Киһи айылҕаттан аналын быһыытынан, тыыннаах буолуон уонна олох олоруон баҕарар. Сорох ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьон олох олоруу, тыыннаах буолуу иһин охсуһууга ордук кыахтаахтарын көрдөрөннөр, араас ыараханнары туорааннар кыайыылары ситиспит түбэлтэ­лэрэ элбэхтэр. Ити иһин киһи бэйэтэ олох иһин охсуһууга тулуурдаах, дьулуур­даах буолуутун кыра эрдэҕиттэн дьарыктаан ситиһиэххэ сөп.

Оҕо олох кыра эрдэҕиттэн кини туох сыаллаах-соруктаах бу Күн сирин көрбүтүн билэр. Ол аата, төрөппүт оҕотун туһунан туох санаа­лааҕын оҕото эрдэттэн сэрэйэн билэ сылдьар. Кини майгына ити са­нааттан тутулуктанан салгыы сайдан барар.

Манньалаан үөрэтии түмүгүнэн, оҕо өйүгэр-санаатыгар төрөппүттэрин эбэтэр манньа туһугар тыыннаах буо­лар курдук өйдөбүл киирэн олохсуйан хаалар. Аһара көрүү-истии түмүгүнэн оҕоҕо төрөппүттэрэ куруук кинилэри көрө-истэ сылдьыахтаах­тарын курдук өйдөбүл киирэн дириҥник иҥэр. Маннык дьоҥҥо төрөппүт эбэтэр ким эмэ көмөтө куруук наада буолар, бэйэлэрэ толкуйдаан, булан-талан оҥорор кыахтара сарбыллар.

Билигин бүтүн Россия үрдүнэн эдэр оҕолор кыайан олох олорбокко­лор бэйэлэригэр тиийинэллэрэ олус үксээтэ. Итилэр тахсыталыыр би­ричиинэлэрин сорох өттө төрөппүттэр өттүлэриттэн манньалааһын кыаттарбатыттан тутулуктанар эбиттэр.

Билиҥҥи биһиги ыарахан олохпутугар көрсөр араас уустук түгэн­нэргэ сөптөөх эппиэттэри уонна быһаарыныылары булуталыырга сытыы, чаҕылхай өйдөөх-санаалаах дьон ордук наадалар. Кинилэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга сөп түбэһэр үөрэтии ньымата туттуллара эрэйиллэр. Ол ньыманан сахалар былыргыттан туттар ньымалара, өсөһүннэ­рэн үөрэтии ньымата буолар.

Саха дьоно улахан болҕомтолорун оҕолору батыһыннаран уонна үтүгүннэрэн үөрэтиигэ уураллар. Кинилэр ити үөрэтиилэрин «Сүрэҕэ суох киһи оҕото сүрэҕэ суох буолар» диэн этиилэрэ толорутук бигэр­гэтэр. Ити холобурдаан этии, оҕону үөрэтии баар-суох сүрүн көрүҥэ буолар. Былыргы сахалар эдэр киһи үлэҕэ хайдах сыһыаннааҕын, төрөппүтэ бэйэтин үйэтигэр тугу ситиспитин туһунан ыйыта­лаһан билэллэр. Төрөппүтэ үлэҕэ-хамнаска хайдах сыһыаннаһар даҕа­ны, оҕото эмиэ оннукка үөрэммитэ, атын дакаастабыла да суох ылыныллар бэлиэ буолар.

А. Е. Мординов киһи киһиттэн үөрэнэрин туһунан: «Иитии диэн өйдөтүү эрэ буолбатах, ону ааһан үөрэнэн хаалыы, үөрүйэх, үгэс. Киһи киһиттэн иитиллэр уонна атын киһини иитэр»,- диэн эппитэ биллэр. Бу этии киһи киһини иитэн уонна үөрэтэн, олохторо салгыы баран иһэрин хааччыйалларын бэлиэтиир. Ханнык эрэ кэмҥэ оҕолору үөрэтии сымнаан-мөлтөөн биэрдэҕинэ, бу дьон олохторун сайдыыта эмиэ бытаа­рар, ардыгар букатын да тохтуур.

Оҕону үөрэтэр туһугар эбэтэр тугу эмэни оҥоттороору гыннахха: «Сүүстэ этиэххэ» диэн сахалар этэллэр. Ити кинилэр уһун үйэ­лэр тухары мунньуммут үөрэхтэрин түмүгэ. Ол курдук, оҕо үөрэҕи таба өйдөөн, сөпкө оҥорор буолуор диэри сүүстэ хос-хос быһааран биэ­риэххэ наада диэн өйдөтөр этии буолар. Итинник сүүстэ этэн үөрэтэр туһугар, элбэхтик саҥарыллыахтааҕа, кэпсэтиллиэхтээҕэ, хос-хос быһаарыллыахтааҕа кимҥэ барытыгар өйдөнөр курдук.

Кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылынан элбэхтик саҥара, кэпсэтэ үөрэммит оҕо мэйиитин сайдыыта түргэтээн үөрэҕи дөбөҥнүк ылынарга үөрэнэр. Ити­ни тэҥэ, кини бэйэтэ элбэхтик саҥара үөрэниитэ мэйиитин эрчийэн сайдан иһиитэ түргэтиир. Ол иһин оҕону кыратыттан бэйэни үтүгүннэ­рэн төрөөбүт тылынан элбэхтик саҥарда үөрэтии улахан туһалааҕа былыргыттан биллэр.

Кэнники кэмҥэ куорат оҕолорун иитиилэрэ мөлтөөһүнүн бу «Сүүстэ этэн» үөрэтии кыаттарбатынан быһаарыахха сөп. Ол курдук, бэйэлэрэ нууччалыы ситэ билбэт төрөппүттэр оҕолорун нууччалыы эрэ аҕыйах тылы саҥарда үөрэтэн кэбиһэн бараннар, кинилэри кытта аанньа кэпсэп­пэттэр, өйүгэр түһэр гына үчүгэйдик быһааран биэрбэттэр. Ити иһин кинилэр оҕолоро дьиэ кэргэн олоҕун, ийэлээх аҕата бэйэ-бэйэлэригэр уонна атын дьоҥҥо сыһыаннарын букатын даҕаны билбэт буола улааталлар уонна аҕыйахтык саҥараллар. Ити курдук кинилэр дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар кэлтэй билиилээх буола улаатыылара кэлин эбиискэ үөрэххэ наадыйалларыгар тириэрдэр.

Онон оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ туһалаах өйдөбүллэри хас биирдии төрөппүт билэрэ олус туһалаах буолуо этэ.

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И. И. Сахаларга оҕону иитии, үөрэтии уратылара. — Дьокуускай: 2023. — 117 с.

Категорияларынан көрдөөһүн: Үөрэх.