Оҕолорум иитиэхтэрэ
Оҕолорум иитиэхтэрэ диэн саха дьонун олохторун үөрэҕин сүрүн көрдөбүлэ буолар.
Урукку кэмнэргэ сахалар дьахталлар олоххо аналларын билэн таба суолу туһаналлар этэ. Оччотооҕу кэмнэргэ кыыс оҕо сааһа ситтэр эрэ эргэ тахсан ыал буолан оҕо төрөтүүтүнэн уонна иитиитинэн аан бастаан дьарыктанара. Ол кэмҥэ сахалар ахсааннара эбиллэн, үлэ-хамнас сайдан иһэрэ.
Оҕолоро ыал буолуутугар төрөппүттэр икки өттүттэн төрүччү үөрэҕин кытаанахтык тутуһан доруобуйаларын, майгыларын-сигилилэрин, үлэлэрин-хамнастарын дириҥник үөрэтэн баран быһаарыыны ылыналлара, кыыстарын ырааһынан кэргэнигэр туттараллара. Саҥа ыаллар оҕолоро, кэлэр көлүөнэлэрэ доруобай, көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайар, эр киһини утумнуур буола төрүүр кыахтаналлара. (1,16).
Ортотунан ыллахха түөрт оҕоломмут дьахтар 20 сылынан түөрт туруу үлэһит дьону улаатыннардаҕына, бу түөрт үлэһит киһи уонна улааппыт элбэх сиэннэрэ эбэлэрин, эһэлэрин кырыйдахтарына көрөр-истэр кыахтаналлара, үлэни-хамнаһы сайыннараллара. Бу олох үөрэҕэ “Оҕолорум иитиэхтэрэ” диэн этиинэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр.
Ыал олоҕун сайдыыта саха дьоно урукку кэмнэртэн ыла туһаммыт суолларынан бардаҕына оҕо төрүүрэ элбээн уонна киһи буолууга иитиллэрэ тупсан аймахтар ахсааннара эбиллэн иһиитэ үөскүүр. Эдэр дьахталлар төрүүр кыахтара улаханыттан уонна элбэҕиттэн сааһырдахпытына оҕолорбут иитиэхтэрэ диэн санаанан салайтардахтарына оҕону көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэрэ тупсан үлэһит дьон элбиэхтэрэ.
Дьахталлары эдэр эрдэхтэринэ эргэ биэрии, үлэлэппэт, уһуннук үөрэппэт буолуу бу оҕолонуу дьыалатыгар тупсарыыны түргэнник киллэриэ этэ. Дьахтар элбэхтик оҕолонноҕуна эрэ, оҕолоро улаатан кинини иитэр кыахтаннахтарына киһилии олоҕу олорорун, олоҕо тупсарын биллэҕинэ ити дьыаланы кыайар кыахтанар. «Оҕолорум иитиэхтэрэ» диэн этии элбэх оҕону төрөтүүнү таһынан киһилии быһыыга, көрсүө, сэмэй буолууга, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиигэ иитэр суолтата улаханын урукку кэмҥэ табан туһаналлара. (2,15).
Үлэһит дьахтар бэйэтин үйэтигэр үлэлээн дуомнаан син хамнаһы өлөрөр курдук сананар, туһалааҕы оҥорор курдук буоллаҕына, оҕото суох хаалыыта кэлэр көлүөнэҕэ үлэһит илии суох буолуутугар тириэрдэр. Билигин Россия государствота маннык ыарахан балаһыанньаҕа киирэн, олохтоох үлэһиттэр ахсааннара быста аҕыйаан, кэлии үлэһиттэр элбээн иһэллэр.
"Элбэх оҕолоох буолуу дьол" диэн сахалар үөрэхтэрэ омук сайдыытыгар, ахсаана эбиллиитигэр уонна үлэни-хамнаһы кыайарыгар тириэрдэр.
Туһаныллыбыт литература
1. “Туймаада” хаһыат. №135. 17.01.2013.
2. Каженкин И.И. Үлэ-олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.