Оросин Константин Григоьевич.

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Оросин Константин Григорьевич (18531903) — олоҥхоһут.

Боотур Уус улууһун Бастакы Игидэй нэһилиэгэр 1853 сыллаахха баай ыалга төрөөбүтэ.

Төрөппүттэрэ аатырбыт олоҥхоһуттары ыҥыраллара, ол иһин эдэр сааһыттан ылыыр-туойар буолбута.

Кэргэннэнэн баран «Намара» үрэххэ олохсуйбута. Кини дьиэтигэр ырыаһыттар мэлдьи мунньусталлара.

Кини доҕотторунан биллэр дьоннор этилэр: протоиерей Д. Д. Попов, көскө олорооччулар Э. К. Пекарскай, В. М. Ионов, Н. А. Виташевскай, В. Ф. Трощанскай.

Ити дьоннор сабыдыалларынан үөрэхтэммит, фольклору хомуйааччы буолбут.

Э. К. Пекарскай бэлэхтээбит тэтэрээтигэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйбута.

Айымньылара

  • Образцы народной дитературы якутов, собранные Э. К. Пекарским. — СПб, 1907.
  • Ньургун Боотур Стремительный. Текст К. Г. Оросина. Вводная статья, перевод и комментарии Г. У. Эргиса. — Якутск, 1947.
  • Саха фольклора. Хрестоматия. — Якутск, 1970.