Омугу харыстааһын
Бары омукпутун харыстыыр, уһун үйэлиир санаабыт билигин улаатан сылдьар. Нууччалардыын холбоһон саҥалыы үөскээбиппит 300 сылын ааһаммыт билигин сайдыыны ситиһии кэмигэр киирэн олорбуппут ыраатан эрэр. Ол аата саха омук сайдыыны ситиһэн иһии кэмигэр киирэн олорор.
Биһиги быһаарыыбытынан омук үйэтин уһуна 900 сылга тиийэр уонна маннык кэмнэргэ арахсар:
1. Омук саҥалыы үөскээһинин кэмэ, 300 сылы ылыан сөп.
2. Сайдыыны ситиһии кэмэ, 300 сыл курдук кэми ылар.
3. Омук мөлтөөһүнүн кэмэ, 300 сыл устата барыан сөп.
Уһун үйэлээх омуктар олохторугар тэҥнээн көрдөххө бу быһаарыы сөп түбэһэр өрүттэрэ элбэхтэр. 1227 сыллаахха монгол-татаар омуктарга кыаттаран саҥалыы үөскээбит нууччалар 2127 сыллаахха үйэлэрин моҥуур, уларыйар кэмнэрэ кэлэр.
Ыал буолуу үгэстэрин олоххо тутуһа сылдьыы аймахтары, омугу харыстааһын буолар. Омук үйэтин уһуна дьонун эттэрин-сииннэрин туругуттан улахан тутулуктааҕынан ыал бөҕө эттээх-сииннээх, үлэни кыайар кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэн ахсааннарын элбэттэҕинэ омук сайдыыта ситиһиллэр.
Омук уһун үйэни ситиһэригэр анаан маннык харыстанар ньымалары туһана сырыттаҕына табыллар:
1. Омук туттулла сылдьар төрүт тылларын харыстааһын, букатын уларыппакка туһаныы ирдэнэр.
2. Сахалыы Кут-сүр, таҥара үөрэхтэрин туһаҕа киллэрии. Оҕо ийэ кутун иитии уонна үөрэтии үгэстэрин харыстааһын.
3. Ыал буолуу үйэлээх үгэстэрин олоххо киллэрии уонна туһаныы.
4. Үлэ-хамнас аныгы үйэҕэ сөп түбэһэр үгэстэрин үөскэтии.
5. Үрүҥ айыы итэҕэлин олоххо киллэрии. Былыргылар элбэх билиилэриттэн аныгы үйэҕэ сөп түбэһэр өттүлэрэ үрүҥ айыы диэн ааттаналларын талан ылан туһаныы салҕанан иһиитэ.
Саха тылын харыстааһыны тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар кыахтара баарынан оҥороллор. Билигин саха тылын харыстыырга дьахталлар ылсыһыахтара этэ, оҕолорун саҥа саҥаран эрдэхтэриттэн сахалыы саҥарарга үөрэтиини туһаныа этилэр. Ол курдук оҕо аан маҥнайгы саҥарар тылларын ийэтин үтүктэн саҥара үөрэнэрэ хаһан да уларыйбат уонна оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр үөрэммит үгэстэрэ хаһан да умнуллубаттар.
Кут-сүр үөрэҕэ сахаларга эрэ баар, уһун үйэлээх омукка олус былыргы кэмҥэ үөскээн баран, бу үйэҕэ диэри ордон кэлбит. Оҕо өйө-санаата сайдыытын, эбиллэн, мунньуллан иһиитин табатык быһаарара аныгы наука билиниитинэн бигэргэтиллэн иһэр. Кут-сүр үөрэҕин тутуһар сахалар өй-санаа аһара барарыттан сиэри тутуһан харыстанар кыахтара улаатар. (1,112).
Сахалыы таҥара үөрэҕин саамай улахан туһатынан киһи буолуу үөрэҕин былыргы кэмнэртэн арыйан туһанара буолар. Оҕо улаатан иһэн киһи буолууну ситиһиитэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныыта олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар тириэрдэр.
Ыал диэн омук төрүтэ. Ыалтан омук сайдан, үүнэн тахсар. Ыал оҕолору төрөтөн, киһи быһыылаахтык иитэн, үлэҕэ үөрэтэн омук ахсаанын элбэтэрин тэҥэ, өйүн-санаатын сайыннарар уонна баайын элбэтэргэ аналланар.
Ыал буолуу диэн киһи айылҕаттан анала. Ол иһин аан бастаан эт-сиин көрдөбүлэ буолар. Уол уонна кыыс көрсүһэн, билсиһэн холбостохторуна эт-сиин көрдөбүлүн толорууларын саҕалыыллар. Бу быһаарыы ыал буолуу бастакы өрүтэ диэн ааттанар.
Сахалар өй-санаа үөрэҕин былыргыттан баһылааннар ыал буолуу иккис өрүтүн булан олохторугар туһана сылдьаллар. Өй-санаа киһилии быһыылаах буолуута үлэттэн саҕаланарынан үлэттэн үөскүүр энньэни уонна халыымы эбии киллэрэн биэрэннэр ыал буолуу киһилии майгынын үөскэппиттэр.
Өй-санаа ыал буолууга тутуһар көрдөбүллэрэ манныктар:
- Омук этин-сиинин уонна буор кутун харыстааһын уһун үйэни ситиһэр кыаҕын үөскэтэрин ыал буолуу үгэстэрэ хааччыйаллар.
- Ыал олоҕун таһымын сөптөөх кээмэйинэн хааччыйыы, баайы-малы табан туһанан эбиллэн иһэрин ситиһиллэр.
- Элбэх оҕолору киһилии быһыыга иитиини, үлэҕэ үөрэтиини, барынан-бары хааччыйыыны ыал оҥорор.
Эдэрдэр ыал буолууларыгар төрөппүттэрин көмөлөрүн туһанан тэрийэллэрин уонна кыыс оҕолор саастарын ситтэллэр эрэ эргэ барыыларын хойутаппаттарын туһунан Н.Никифоров “Манньыаттаах Баһылай” диэн ахтыы-сэһэнигэр суруйар. (2,79).
“Аҥардас киһи” диэн кэргэн ылбатах эр киһини эбэтэр эргэ тахсыбатах дьахтары ааттыыллара ордук эккэ-сииҥҥэ сыһыаннаах. Эт-сиин атын аҥарга баҕарар санаата эдэр эрдэҕинэ ордук күүстээх. Эр киһи туолан иһэр баҕа санаата көҕүрээн, оннугар түһэн истэҕинэ санаата туоларыттан олоҕо табыллар.
Кыыс оҕо оҥотторон төрөөтөҕүнэ эрэ этин-сиинин улахан баҕа санаата туоларыгар тириэрдэр уонна доруобай оҕону төрөтөрө эдэр эрдэҕинэ ыал буолара ордугун дакаастыыр. Ыал буолуу үгэстэрин тутустаҕына төрөппүттэрин көмөлөрүнэн үлэһит, көрсүө, сэмэй эр киһини таба талан ылар кыаҕа улаатарын туһаныыга тириэрдэр.
Өй-санаа аһара сайдыыта омугу уһун үйэлээбэт. Ону-маны саҥаны билэ-көрө сатааһын солумсаҕырыыны үөскэтэриттэн бииртэн бииргэ, атынтан атыҥҥа көтүөккэлээһин дьон туһалааҕы, улахан суолталааҕы оҥороллорун суох оҥорор, быстах быһыылары оҥоро сатааһын элбээһинэ үөскээн кэлэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ солун диэн солумсах буолууну үөскэтэр тылы “сонун” диэн сахаларга суох тылынан солбуйан эдэрдэр солумсах буолууларын улаатыннаран саха дьонугар куһаҕаны оҥороллор. Эдэр ыаллар арахсыылара элбээһинэ солумсахтара улааппытыттан ордук улахан тутулуктаах.
Өй-санаа солумсаҕырыыны үөскэттэҕинэ дьон ол-бу саҥаны айыылары оҥоро сатыыллара элбээн, сыыһа-халты туттунуулары үгүстүк оҥороллор. “Айыы үөрэҕэ” ол-бу айыыны оҥоруу “үчүгэй” диэн этэрэ эдэрдэр сыыһа-халты туттуналларын элбэтэр. Сыыһа-халты туттунуу куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэҕин үлэһит дьон бары билэллэр.
Үлэни кыайа-хото үлэлээбэт буолуу атыттарга, кыахтаахтык үлэлээччилэргэ баһыттаран, барыстаах үлэттэн үтүрүттэрэн иһиигэ тириэрдэр. “Хоро салаҥ” диэн хоро омуктары сирэн ааттаабыттарын кэнниттэн хоролор симэлийэн, саха буолан хаалбыттар. Үлэни табан, сатаан үлэлээбэт омук эстиигэ, симэлийиигэ тиийэрин ити холобуртан билии ордук табыллар.
Омук уһун үйэлээх буолуутун харыстыыр ньымалартан саамай туһалаахтарынан итэҕэл икки өрүттэрин баһылааһын уонна тэҥнээн туһаныы буолар. Ол курдук таҥара итэҕэлэ аһара бардаҕына омук уларыйара түргэтиир, онтон үрүҥ айыы итэҕэлэ баһыйдаҕына, сайдан иһэр олохтон хаалан хаалыы, туоратыллыы үөскүөн сөп. Ол иһин итэҕэл икки өрүттэрэ тэҥнэһиини тутуһа сылдьаллара эрэйиллэр.
Киһи баҕа санаата хаһан баҕарар көҥүлүнэн барыыны үөскэтэ сатыырынан хайаан да хааччахтаннаҕына эрэ табыллар. Бу хааччаҕы сахалар арааран билэн “Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн этиини оҕо иитиитигэр туһаналлар. Итини тэҥэ сиэр уонна киһи быһыыта диэн аналлаах хааччахтары оҥорон сахалар таҥараларын үөрэҕэ аһара барар өйү-санааны кытта, аһара барыыны оҥорууну эмиэ хааччахтаан киһиэхэ туһаны оҥорор.
Ыал буолуу былыргы үгэстэрин харыстааһын, оннугар киллэрии омугу харыстааһын буоларынан олоххо киирэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолла. (3,125).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. “Харыстас” таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2015. – 128 с.
2. “Чолбон” сурунаал. 7 / 2018.
3. Каженкин Иван Иванович. Ыал буолуу үгэстэрэ / Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.