Олоҥхо үөрэҕин таба туһаныы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олоҥхо үөрэҕин таба туһаныы диэн Үрүҥ айыылартан кэлэр билиилэри аныгы олоххо туһаныы ааттанар.

Былыргы, биһиги иннибитинэ олорон ааспыт көлүөнэлэр үөрэтэн, билбит билиилэрин, өйдөрүн-санааларын билиҥҥи олоххо туһалаах, туттуллар өрүттэрин Үрүҥ айыылартан ылынар билиилэр диэн ааттанар. Ол иһин үчүгэй быһыылары батыһан, үтүктэн үөрэнэр таҥара, Үрүҥ Аар тойон диэн ааттанар уонна аатын иннигэр үрүҥ диэн үчүгэй быһыылары туспа араарар аналлаах тыл туттуллар.

Үрүҥ айыылартан, былыргы кэмнэргэ, олоҥхо кэмин саҕана олорон ааспыт өбүгэлэр билиилэрин ылынабыт диэн этээччилэр билигин элбээтилэр, ордук дьахталлар туруналлара сахалыы тылы үөрэтиигэ ситиһиилэнэн иһэр. Тоҕо диэтэххэ дьахтар оҕотун кыра, саҥа саҥаран эрдэҕинэ сахалыы саҥарарга үөрэтэр кыаҕа олус улахан. Бу үлэни салгыы ыытан, аны сахалар олоххо сыһыаннаах, өйтөн-санааттан тутулуктаах былыргы билиилэрин, үйэлээх үгэстэрин олоххо киллэриигэ ылсыһыа этилэр. Үрүҥ айыылартан үөрэҕи буолбакка бэлэм билиилэри ылыныллар.

Уһун үйэлээх сахалар өй-санаа, таҥараларын үөрэҕэ киһи өйө-санаата сайдыытын таба быһаарар, ол иһин олоххо сөптөөх, уһун үйэлээх хайысханы тутуһар. Олус уһун үйэлээх саха омуга буолуубут бу билиилэрбитин, үгэстэрбитин кытаанахтык тутуһарбытыттан тутулуктааҕын билинэбит.

Сэбиэскэй былаас эстэн, өй-санаа үөрэҕин сайдыытыгар була сатаан мэһэйдэһии тохтообутунан туһанан олоҥхону үөрэтии үрдүк таһымҥа таҕыста. Оччотооҕу кэмҥэ үөскээбит, билиҥҥи олоххо туһаны аҕалар билиилэри ылынан, олоххо киллэрэн туһанарбытыгар сөп буолла. Ол кэмнээҕи олоххо сыһыаннаах сайдыыны аҕалбыт билиилэргэ киирсэллэр:

1. Баайдаах, кыахтаах эр дьон хас да кэргэннэниилэрэ.

2. Дьахталлар дьиэни-уоту көрүүлэрэ, оҕону иитиилэрэ.

3. Кыыс оҕолору, кыргыттары харыстааһын.

4. Ыал буолуу үйэлээх үгэстэрэ.

Бу билиилэри тус-туспа ылан төһө кыалларынан дириҥник ырытыллар:

1. Олус былыргы кэмнэргэ сахалар кыахтаах эр дьонноро хас да кэргэннэниилэрэ олох сиэригэр уонна киһи этэ-сиинэ, буор кута сайдыытыгар сөп түбэһэр этэ. Өйдөөх, сайдыылаах буор куттаах оҕону төрөтүүгэ сааһырбыт, олох итиитин, тымныытын билбит, элбэх үөрүйэхтэргэ үөрэнэн, буор кутун сайыннарбыт эр киһи ордук улахан сабыдыаллааҕын кут-сүр үөрэҕэ быһаарарын былыргылар туһаналлар этэ. “Сааһырбыт дьон оҕолоро өйдөөх буолар” диэн этии итини эмиэ бигэргэтэр. (1,16).

Дьон бары биир тэҥ буолбаттар. Сорохторго айылҕа биэрэрэ уратылардаах, атыттардааҕар элбэх, эҥин буолар. Киһи этэ-сиинэ, өйө-санаата, буор кута сайдыытын былыргы кэмҥэ билэр, олоххо туһанар эрдэхтэринэ эр дьон баайдарынан, кыахтарынан көрөн хас да кэргэннэнэллэрэ хааччахтаммат этэ.

Кыахтаах эр киһини быһаарыыга эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии туһалыыр. Ол аата аҥардастыы баайы-малы эрэ аахпакка, дьахталлар сөбүлүүр киһилэрэ, ис эньиэргийэтэ элбэҕэ хас да кэргэннэниигэ тириэрдэрэ ити аат иҥэригэр олук буолар.

Эдэрдэр үлэни-хамнаһы кыайар-хотор буола улаатыыларыгар сайдыылаах буор куттаахтара ордук улахан туһаны оҥорорун кут-сүр үөрэҕин туһанан билэн, олоххо киллэрии ирдэнэр. Ол курдук сайдыылаах буор куттаах оҕо үлэни-хамнаһы кыайар дьоҕура улаханын, ситиһиилэри оҥорор кыаҕын былыргылар билэн ыал буолууга төрүччү үөрэҕин хайаан да туһаналлар эбит.

2. Сэбиэскэй былаас кэмигэр оҕону иитии диэн аналлаах үөрэх баарын оскуолаҕа найылаан уонна өй-санаа үөрэҕин суох оҥорууттан оҕо ийэ кута хайдах иитиллэрин билбэт буолуу түмүгэр, хаалларан сылдьыбыппыт. Билигин кэлэн эдэрдэр оҥорор буруйдара-сэмэлэрэ аһара барбытыгар эрэ өй ылынан оҕону кыра эрдэҕинэ иитии диэн туспа үөрэх баарын, оҕо ийэ кута анаан иитиллэрин өйдөөн, сыыйа-баайа туһанан эрэбит.

Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан оҕо ийэ кута кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ туох саҥаны билбититтэн, оҥорбутуттан хомуллан үөскээн олохсуйар, мунньуллан, таҥыллан иһэр. Ийэ кут киһини салайыыга хаһан баҕарар, улааппытын да кэннэ кыттыһа сылдьар. Онтон итирбит, өйө, салгын кута көппүт кэмигэр киһини быһаччы ийэ кута салайарын кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Ол иһин ийэ куттара киһилии быһыыга иитиллибэтэх эдэрдэр биирдэ эмэтэ да итирдэхтэринэ сыыһа-халты туттуналлара, буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээн хаалар. (2,83).

Дьахталлар оҕону иитиигэ ылар оруоллара аһара үрдүгүн оҕо кыра эрдэҕинэ иитиллэр өйө-санаата ийэ кут диэн сахалыы ааттанара уонна тугу саҥаны билбититтэн үөскээн, эбиллэн, мунньуллан иһэрэ быһаарар. Дьахталлар оҕо иитиитигэр ылсыстахтарына эрэ бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй эдэрдэр элбиир кыахтаналлар.

3. Бука бары сэбиэскэй дьоммут диэн өйдөбүл аһара барыыта, дьону барыларын кэриэтэ дьадаҥыларга кубулуппута дьон бэйэлэрин утумнарыгар, кэлэр көлүөнэлэрин киһилии хаачыстыбаларыгар кыһамматтарын үөскэппитэ. Киһи кэлэр көлүөнэлэригэр буор кутун биэрэрэ, кини утума салгыы баран иһэригэр тириэрдэрин билигин кэлэн билбэт буола сылдьабыт.

Ыраас кыыс оҕо эрэ эр киһи утумун салгыыр оҕону төрөтөр кыахтааҕын сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр. Ол аата эр дьон бэйэлэринэн, утумнарын салгыыр туһугар кыыс оҕону харыстыыр аналлаахтарын, көрөн-истэн улаатыннарыахтаахтарын билиниэ этилэр.

Былыргы олоҥхо кэмин саҕана кыыс оҕо эргэ барарыгар ыраас кыыһынан сылдьарын хайаан да ирдииллэр этэ. Айылҕа талыылары, чулуулары талан ылыыга анаан оҥорбут бүрүөһүнэ дьөлөҕөһү эрэ бүөлээһин буолбатаҕын билэллэрэ, ол иһин кыыс оҕону кэргэн тахсыар диэри олус диэн кыһанан харыстыыллара. Ол кыаллыбатаҕына кэргэн кэпсэтии тохтууругар тиийэр этэ. Бу быһаарыыны аныгы олоххо кыахтаах эр дьон бэйэлэрин утумнарын салгыылларыгар туһаныахтара этэ.

4. Былыргы кэмнэргэ ыал буолуу сүрүн төрүттэрэ энньэҕэ уонна халыымҥа тирэҕирэллэр этэ. (3,33). Ол аата ыал буолааччылар “Тэҥнээҕин булунуу” диэн быһаарыыга сөп түбэһэллэрэ уонна иккиэн баайдара-маллара, уол биэрэр халыыма кыыс мунньуммут энньэтигэр сөп түбэһэринэн, баай-мал тэҥнэһиитэ үөскээн өй-санаа сайдыытын төрүттүүргэ тутуһуллара.

Бары өттүнэн тэҥнээх төрөппүттэр ииппит, улаатыннарбыт оҕолоро өйө-санаата туруктаах, үлэҕэ-хамнаска сыһыамах буола улаатара былыргыттан биллэр.

Тыл үөрэхтээхтэрэ, нууччалары үтүктэр учуонайдар, суруйааччылар сахалыы тылы үрдүттэн, тылы эрэ билиинэн үөрэтэ сатыы сылдьаллар. Уһун үйэлээх сахабыт тылыгар дорҕооннорун дьайыыларыттан үөскүүр өй-санаа өйдөбүллэрэ эмиэ иҥэн сылдьалларын таба өйдөөн туһаныа этилэр. Тыл иччитэ диэн тыл дорҕооннорун дьайыылара киһиэхэ быһалыы, ийэ кутугар тиийиилэрэ ааттанар.

Олоҥхо үөрэҕин үрдүттэн, тылы билиинэн эрэ буолбакка, онно иҥэн сылдьар өйү-санааны үөрэтиинэн уонна аныгы, ырыынах олоҕор, баай уонна дьадаҥы диэн арахсыы баарын билинэн, олоххо сөп түбэһэрин ылынан үөрэтиэххэ сөп буолла. Ол курдук былыргылар билиилэрэ “Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн этиилэрэ хаһан да уларыйбат. Баай киһи өйө-санаата дьадаҥы өйүттэн-санаатыттан улахан уратылааҕын, кинилэртэн туһанар, барыс киллэринэр эрэ санаалааҕын сэбиэскэй былаас умуннаран кэбиспитин былыргы билиибитин туһанан көннөрөн, олоххо киллэрэн, туһаныы эрэйиллэр. Байбыт салайааччылар, депутаттар бэйэлэригэр туһалаах этиилэрин үлэһит дьон улаханнык ыараҥнатан, сиидэлээн баран бэйэлэригэр туһалааҕын эрэ ылыналлар.

Туһаныллыбыт литература

1. “Туймаада уоттара” №93. 22.03.12

2. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

3. Каженкин И.И. Үлэ олох үөрэҕэ. - Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.