Оломун билбэккэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Оломун билбэккэ эрэ ууга кииримэ диэн киһи саҥа оҥорор быһыыларыгар барыларыгар сыһыаннаах өс хоһооно эдэрдэри үөрэтиигэ хайаан да туттулуннаҕына эрэ табыллар. Бу өс хоһооно сахалар үөрэхтэринэнАйыыны оҥорума” диэн суолталаах. (1,28). Эрдэттэн тугу эмэ оҥоруох иннинэ дириҥник ырытан, сыаналаан көрүү, бу быһыыттан туох содул үөскүүрүн билии сыыһаны-халтыны оҥорууттан харыстыыр аналлааҕын дьоҥҥо быһааран тириэрдии буолар. Ханнык баҕарар саҥаны оҥорууттан, айыыттан туох содул үөскүүрэ уу түгэҕэ көстүбэтин курдук биллибэтиттэн эрдэттэн сэрэхтээх буолуу эрэ быыһыырын бу өс хоһооно биллэрэр.

Куйаас күн сөтүөлүү охсоору тиэтэйэн иһэр оҕо кытылтан умсаары, айыыны оҥороору ыстана охсубута чычаас буолан хаалан, уу түгэҕэр охсулуннаҕына, ыарыыланнаҕына, сыыһа, атын сиринэн, дьон ыстаммат сиринэн ыстаммыппын диэн санааҕа түһүөн сөп. Бу быһыы аһара барбатаҕына, кыратык ыарыыланан баран этэҥҥэ аастаҕына, үөрэх буолан туһалыан сөп. Онтон аһара күүскэ ыстанан, улахан дэҥнэнии, эчэйии буоллаҕына, “Буолар буолбутун кэннэ” диэн этии туттуллар кэмэ тиийэн кэлэр. Оҥоруллан хаалбыт быһыы аны төттөрү барбатынан, кыайан көммөтүнэн, урукку оннугар кыайан түспэтинэн хомолтону билинии эрэ хаалар.

Айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу аан маҥнай үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан биллибэт уратылааҕыттан ордук улахан сэрэхтээх. Төһө эмэ кэм ааспытын кэннэ, элбэхтэ боруобаланнаҕына эрэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан биллэн тахсар. Туһалааҕа билиннэҕинэ үчүгэй эбит диэн сыаналыыллар, үрүҥ айыы диэн ааттыыллар, онтон куһаҕан буолан таҕыстаҕына хара айыы диэн ааттанар, быраҕыллар, хаалар, умнуллар. Ордук туһалаах диэн ааттыыр саҥаны айыылара, атомнай уоту биэрэр станциялар куһаҕан өрүттэрэ саҥа арыллан иһэллэриттэн, киэҥ сири-дойдуну радиациянан сутуйалларыттан сорох дойдулар аккаастанан эрэллэр.

“Оломун билбэккэ эрэ ууга кииримэ” диэн өс хоһооно билигин правительство ыган-хаайан туттара сатыыр химичэскэй заводтарыгар быһаччы сыһыаннаах. Бары химичэскэй заводтарга кыра да буоллар абаарыйалар дьон сыыһа-халты туттуналларыттан тахса тураллар.

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.