Олом
Олом - үрэххэ, өрүскэ кэһэн, кэстэрэн туоруохха сөп чычаас, кытаанах үктэллээх сир.
Атын омук тылларыгар атылыы өйдөбүллэх тыллар бааллар: Олом (туркм., азерб.); олон (негид.) — ууну кэһэн, кэстэрэн туоруурга табыгастаах сирдэр; олом (перс.) — эмиэ итинник, ону таһынан тугу эмэ (хайаны, тыаны, кутаны уо.д.а.) курдары туоруур сир.
Ылыллыбыт сирэ
География Якутии: учеб. для 9-го Кл. сред. шк./ И.И. Жирков [и др.]. – Якутск: Бичик, 2004. -300, [1] с.: ил, карты; 20 см. ISBN 5-7696-1049-2