Олли
Олли Кукабаара, Сид Кус-мурун, Милли Ехидна – 2000 сыллаахха Австралия Сидней куоратыгар ыытыллыбыт Олимпия сайыҥҥы XVII оонньууларын үс ымыыта.
Суолтата
2000 сыллааҕы Олимпия оонньууларын тэрийээччилэр үс бэлиэни толкуйдаабыттар: Олли Кукабаара, Сид Кус-мурун уонна Милли Ехидна. Бу кыллар Австралияҕа эрэ үөскүүллэр. Үһүөн холбоон олимпиятааҕы доҕордоһууну көрдөрөллөр. Ону таһынан үөскүүр сирдэринэн үс эйгэни көрдөрөллөр: Сир, Уу уонна Салгын. Бу кыыллар үс буолуулара маны таһынан Үһүс тыһыынча сылга киирэри кытта ситимнээх.
Майгылара
Хас биирдии ымыы бэйэтэ ааттааҕын таһынан ураты майгылаах. Кус-муруну Сид (Syd, Сидней диэнтэн бастакы сүһүөҕэ) диэн ааттаабыттар. Австралия айылҕатын бэлиэтэ буолбут кыыл күүһү, сэниэни уонна кыайыыга дьулуһууну көрдөрөр. Австралиятааҕы Олли хохотуун-зимородок (Olly — «олимпиада» диэнтэн кылгатыы), олимпия тыынын илдьэ сылдьар, атыттартан олус көрдөөҕүнэн, дэлэйинэн уонна аламаҕайынан уратылаах. Ехидна Милли диэн ааттаммыт (Millie — millenium диэн тылы кылгатыыттан) Үһүс тыһыынча саҕаланыытын бэлиэтигэр. Кини олоххо сырдык сарсыҥҥыны көрүүнэн, үлэһитинэн уонна кэскилгэ дьулуһуунан биллэр. Ону таһынан, Милли – информация уонна технология, буолбут чахчылар уонна сыыппаралар сүрүн уобарастарынан буолбут.
"Утары ымыы"
Пол Ньюэл диэн карикатура худуоһунньуга Оонньуулар историяларыгар аан бастаан «утары ымыы» толкуйдаабыт. Оннук уобараһынан Фэтсоу диэн ааттаах вомбат буолбут. Бу кыыл Олимпия сайыҥҥы оонньууларын ымыыларыгар утары турар күүс буолбут[1].
Манна эбии көр
- ↑ Властелины колец. Олимпиада в Китае. // GEO : журнал. — 2008, август. — № 8. — С. 58 — 59.