Ойуун эттэниитэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эттэнииойуун буолар дьылҕаламмыт дьон ааһар анал туомнара.

Былыргы саха итэҕэлинэн, күүстээх ойуун хайаан да эттэнии сиэрин-туомун ааһар. Бу кэмҥэ кини дьиэҕэ буолбакка, ыраах сиргэ хонууга саҥа хастаммыт туос тэллэхтэнэн сытыахтаах (ити сайын). Онно түбэһиэх дьон сылдьара көҥүллэммэт. Кинини көрө-харайа аймахтарыттан оноолооххо орооспотох уол оҕо, эбэтэр эр киһини билбэтэх кыыс оҕо сылдьыһыахтаах. Түөрт-биэс күнү быһа ойуун айаҕыттан үрүҥ күүгэн алла, бары сүһүөхтэриттэн хаан оҕуолуу, этэ барыта күөх баламах буолан өйө суох сытар. Саҥарар кыаҕа суох, бэрт эрэйинэн тыынар эрэ. Кэпсииллэринэн, аллараа дойдуга ойуун этин уҥуоҕуттан туспа сулуйан ыллаллар уонна араас суоллар, аартыктар тоҕойдоругар иччилэр, үөрдэр сииллэригэр анаан быраҕаттыыллар.

Ол эттэнии кэмигэр сорох дьон аймахтара бары кэриэтэ өлөллөр. Сорохторо ону маннык быһаараллар: бу киһи ойуун буолумаары утарылаһарын иһин кинилэри былыргы ойуун иччилэрэ сиэтэлииллэр. Улуу ойуун буолар аналламмыт киһи хас биирдии уҥуоҕун иһин биирдии хаан аймаҕынан төлүүр диэн эмиэ баар. Ол курдук, аҕыс мүһэ уҥуоҕун иһин аҕыс, чөмчөкөтүн иһин биир, уопсайа тоҕус киһи өлөр.

Ити курдук эттэнэн улахан ойуун буолбут киһи атын дьон толуга суох сатаммат. Маннык сиэри-туому толору ааспыт улуу ойууну кытта иирсиллиэ суохтаах, тугу этэрин, көрдүүрүн барытын толорон, биэрэн иһиллиэхтээх. Ону гымматаххына кини туох баҕарар куһаҕаны оҥорор кыахтаах. Сорох ойууттар чугас дьоннорун сэрэтэллэр эбит. Г.В. Ксенофонтов суруйбут Күөгэйэр Мотуруона диэн удаҕан маннык эппитэ биллэр: «ким эрэ миигин хомоттоҕуна, өһүргэттэҕинэ — өтөҕөр кур эрбэһин үүнүөҕэ (ол эбэтэр, иччилэрэ ойуунтан, удаҕантан ыйыта да, баҕарарын-баҕарбатын билэ да барбакка ол киһини имниин эһэллэр). Онон миигин кытта тыл аахсымаҥ, көрдөһө-ааттаһа былаан кэпсэтиҥ», - диэн. Бу удаҕан күн санаалааҕа дииллэр эбит, кыырарын иһин манньа эрэйбэт эбитэ үһү.

Саҥа ойуун буолар киһи хайаан да уһуйууну ааһыахтаах. Сорох дьон ону кырдьаҕас ойуун саҥа ойуун буолар биир идэлээҕин үөрэтэрин курдук саныыллар. Дьиҥинэн оннук буолбатах. Уһуйуу диэни судургутук саҥа ойууну үөрүйэх ойуун төрүт иччилэрин кытта билиһиннэриитэ диэххэ сөп.


Туһаныллыбыт литератуура

  • Г.В. КСЕНОФОНТОВ

Туерт харахтаах ыт.

Сутэн эрэр нэс диэн тыл баар.Олох соторутаа5ыта :"Туох айылаах нэhирэн хаалла5ай, сытар мээрик буолла ",эбэтэр "нэс ыарыы буулаата" дииллэрэ.Ессе "нэс туерт утугэн" диэн ейдебул баара. Ити тылга маарынныыр ейдебул былыргы Иран мифологиятыгар Насу (авест."труп") диэн елуу-сутуу демона баар этэ.Кинини елуккэ ыhар куех истээх сахсыр5а быhыытынан ейдууллэрэ.Насуну утары туhалаах дьайыынан "4 харахтаах ыт КЁРУУТЭ" этэ. Бу ейдебул хайдах эрэ ойуун былаайа5ынан дугдуруйарын ("утэйэрин")санатар буолбаат. Басилов В. Н.(" Избранники духов" политиздат.1984г.) Худяков улэтигэр сигэнэн бу курдук суруйбута: " У якутов дух, воплощенный в колотушке, представлялся в виде волка На рукоятке условно вырезалась волчья голова." Ол ойууттар былаайахтарын уhук етте былыр ыт тебете диэн ейденер буолуон эмиэ сеп.Санаан кер: бере да уурэн эрдэ5э, ол эрээри саха5а " ыт уурэрэ( утэйэрэ)" ордук чугас, ейденер. "Кэлэрэ эбит буоллар- субу дойду 4 харахтаах хара ытын сырайыттан тэбиннэрэн туран кирдиргэччи кирдэриэх этим." (Кулун кул.700 столб.) " 4 харахтаах ыт" ейдебул туох туhуттан уескээбитэй? "Символика культов и ритуалов народов зарубежной Азии"(наука.М.1980 г.-174-175 стр.) улэ5э Турция тыатын сирин олохтоохторугар хойукка диэри баар туомнар тустарынан аа5абыт: бастакытынан о5о сууhун "кулунэн а5ыыр" угэс баар эбит.( Саха5а уот иччитэ инникитин "бу бэйэбит о5обут сылдьар эбит" диэн билэрин туhугар дьиэ5э аан бастаан киирбит, уктэммит о5о сууhун "кулунэн а5ыыр" угэс баара.

Иккиhинэн, "Интерес представляет сохранившийся у турок старинный обряд охраны детей, зафиксированный в прошлом, например, и у узбеков. Очевидно этот обряд восходит к древнетюркскому тотемическому культу волка и состоит в следующем: с пойманного на охоте волка сдирают шкуру с морды зверя у пасти, ее высушивают и сохраняют, через эту волчью пасть и протаскивают новорожденного как только он появляется на свет". Историяттан биллэринэн, Осман империятын теруттээбит омуктар билинни киин Азия диэкиттэн 11 уйэ5э сы5арыйбыттара, кэлбиттэрэ.Онтон ол диэкки олорбут омуктарга зороастризм итэ5элин са5ана ыт ытык ейдебуллээ5э. Онон уеhээ суруллубут бастары сулуллубут бере оннугар бастары сулуллубут ыт тириитин туhаналлара эбитэ буолуохтаах. Уонна ол ейдебул идеята хойукка диэри умнуллубатах эбит. Этиллэр туом саха5а баар этэ дуо?. Ити туом теhе да кубулуйдар , баар эбит. "Кыыс кэрэ убаhаны тутан таhаараннын ханас диэки киллэрэн охторон уеhун тардан елерен тириитин хайыппакка сулэннин ханас диэкинэн эриэн ситиитэ тарданнын, тириитин таннары ыйааннын хатар ,,, (Кул. кул.6840 столб.)

Итини таhынан " ойуун ыта о5ону сиир" диэн ейдебул баара.Итинник кенетунэн судургутук ейдееhун , биллэн турар, хойут православиены соннооhун са5ана уескээбитэ. Дьэ,онон, былыргы туурдэргэ ( эрэ буолбатах буолуохтаах) сана тереебут о5ону ("ытык тирии" диэн ааттанар) ыт( хойутуу бере) бастары сулуллубут тириитин иhинэн аhарар угэс баара.Ити-о5ону харыстааhын туома этэ.Сорох чинчийээччилэр тотемна сугуруйууну, киниэхэ уонна кини туох эрэ еруттэригэр сугуруйуу эрэ курдук этэн таhаараллар.Ол эрээри, ис дьинэр кинилэр туох эрэ кыhал5аттан уескээбиттэрэ.Холобура, уеhээ этиллэр угэстэр о5о елуутэ аhары элбэ5иттэн уескээбиттэрэ. Кэм кэрдии ааста5ын аайы сиэр туом, угэс уларыйа-тэлэрийэ турар идэлээх.Ол тэнэ, ескете саха ебугэтэ зороастризм итэ5эллээх эбит буолла5ына, божество5а ананар суеhулэр оннуларыгар тун былыр ыт туттуллара буолуохтаах.уеhээ этиллэр туом хайдах быhыылаах этэй?. О5о тереетун кытта туттуллубут "ытык" тириини (сорох омукка бастары сулуллубут бере тириитэ) божество5а анаан туттуллуохтаах ("кэрэххэ анаммыт" диэн ааттанар) куерт ыт урдугэр саба быра5аллара.( манна быhаарыы: "Кэрэххэ анаммыты кэбийбит" диэн уехсуу Кул.Куллустуурга баар.) Дьэ, ити тумугэр "4 харахтаах куерт ыт " диэн ейдебул уескуурэ.Онон, "ытык"тирии кэмэ кэллэ5инэ "4 харахтаах куерт ыт" буолара. Ол кэрэ5и ("4 харахтаах куерт ыты") Эт Мураанна (ол сирдэри холобура, Чочур мыраан, учугэй мыраан диэн ааттарынан билэбит) таhааран аранас (киил мастан оцоhуллубут ньолбо5ор быhыылаах иигэ о5ус тириитэ тиириллибитэ) урдугэр уеhун тардаллара.(кыра быhаарыы: Билинни кэмнэ, биллэн турар, "уеhун тардан" эрэйдээбэккэ тутатына елереллере диэн ейдебул баар. Ол эрээри, ис дьинэр, оннук буолбатах этэ). Туомун толорон баран Эт Мураантан туhэллэр. Етер кэминэн аранаска тынырахтаах кетер (Айыы диэн ейденере) туhэрэ. (Манна кыра быhаарыылар: 1. Иранна "арамгах" диэн елбут киhини урдук сиргэ харайыыга (труположение) сыhыаннаах ейдебул баара. 2. Саха5а билинни кэмнэ: аранас- ытыктанар хамныыр хара кырамтатын ытыгылаан уеhэ тардыы, урдук сиргэ харайыы.) Биллэн турар, кини "иннинэ-кэннинэ сылдьааччы" элбэ5э чахчы. Теhе эрэ кэм буолан баран, кэтии-кере сылдьан, жрец Эт Мыраанна тахсар уонна урдук Айыы а5а ууhугар, саха5а сыhыанын билгэлиир. Аранас хайдыбыт буолла5ына урдук Айыылар астымматахтарын кердерере. Барыта этэннэ буолла5ына, аранас ити кэмтэн ыла Айыылар бэлэхтэрэ- дуцур буолара. Онтон " кэрэх" ыт ата5ын унуо5а бастаан утаа " дунур охсор" сэп быhыытынан туттуллубут буолуохтаах. Дьэ, ол ейдебултэн( кэлин саха5а эрэ ейдебулэ хаалан хаалбыт) мастан уhук етте ыт (бере) тебелеех дунур охсор сэп баар буолбута. Дунур , биллэн турар, ити куннэргэ кимтэн да ордук " ойуун ыарыытынан" ыалдьыбыкка тиксэрэ.Санаан кер, ойуун буолуохтаах киhи урукку еттугэр Эт Мыраанна туох буоларын керер-истэр буолла5а дии. Онтон ол куннэр куурээннэриттэн уонна турукка киирии тумугэр ол урут тугу кербутун-истибитин бэйэтигэр ылынар .Судургутук эттэххэ : эттэнэр.Саха5а баар " эттэнии" ейдебул дьэ итинник уескээбитэ. Холбуон (уопсайынан) " 4харахтаах ыт" туhунан ейдебул Шумер диэкиттэн тар5аммыта: Гильгамеш.12 табл.(Э. Дорма улэтэ. Нинкаррак-кэрэх?. Гула. Нингирсу- тинсирики.