Ойуулааһын

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ойуулааһын — туох эмэ предмет ураты бэлиэтин сиһилээн, дьүһүннээн кэпсиир тиэкиһи ойуулааһын диэн ааттанар. Ханнык баҕарар предмети, сири-дойдуну, айылҕаны, үлэни-хамнаһы, хамсыыр харамайы, кыылы-көтөрү, киһини-сүөһүнү ойуулуохха сөп. Ойуулааһын үксүгэр сэһэргиир тиэкис иһигэр көстөр. Туспа ойуулааһын тиэкис сэдэх буолар.

Ойуулааһын ханнык баҕарар стильгэ киириэн сөп. Дьыала кумааҕытыгар, наука кинигэтигэр судургу ойуулааһын баар буолар. Кэпсэтии стилигэр, суруйааччы айымньытыгар уус-уран ойуулааһын киэҥник туттуллар. Саха тыла ойуулуурга, хоһуйарга олус дьүөрэ тыл.

Ойуулааһын үксүгэр маннык тутуллаах буолар:

  1. Ойуулуур предмети билиһиннэрии.
  2. Ойуулааһын: предмет ордук суолталаах бэлиэтин чорботуу, уратытын арыйыы, чугастан ыраахха баран иһии (передний план, задний план).
  3. Түмүк санаа.

Туһаныллыбыт сир

  • Саха тыла. Морфология: 6 кылааска үөрэнэр кинигэ. / Неустроев Н. Н. уонна соавт. Бичик. 2006. - 112 с. ISBN 5-7696-2400-0