Нэлэкэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Нэлэкэ күөл — Бүлүү уокуругун фондатыгар Нэлэкэ күөлүн былдьаһыы дьыалата харалла сытар (СӨ НА. Ф.И-22. Оп.4. Д.1.). Дьыала төрүөтэ диэн маннык. Чаччыына Софрон Ильин 1844 с. Нөөрүктээйиттэн Наахараҕа көһөөрү Арбаҥда, Булгунньахтаах, Нэлэкэ күөллэри бэйэтин туһатыгар көрдөөбүт. Сунтаар инороднай управата ону сөбүлэҥ биэрбит. 1846 с. Бордоҥ нэһилиэгин старостата Степан Егоров Сунтаар улууһун дьаһалтата Нэлэкэ күөлү сыыһа бэрдэрбит диэн утары сурук суруйан оспуордаспыт. Сунтар дьаһалтата кыккыраччы аккаастыырын иһин бордоҥнор үөһээ тойоҥҥо Бүлүү исправнигар үҥсүбүттэр. Исправник силиэстийэлээн «чахчы Бордоҥнор гиэннэрэ» диэн быһаарбыт. 1851 с. бэс ыйын 16 күнүнээҕи Иркутскайдааҕы казеннай палата ыйааҕынан (№ 6325) 2-с Бордоҥ нэһилиэгэр Нэлэкэ күөлү сокуоннайдык биэрбиттэр. Сэрии ыарахан сылларыгар бордоҥнор Нэлэкэ күөлтэн балыкка түһэр былааны биригээдэлэринэн баран балыктыыллара докумуоннартан көстөр.