Ньурба улууһун Бордоҥ нэһилиэгин историятыттан

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ньурба улууһун Бордоҥ нэһилиэгин историятыттан - Саха биллиилээх этнограба Г.В.Ксенофонтов «Урааҥхай сахалар» диэн үлэтигэр суруйбутунан, Бүлүү өрүс сүнньүгэр бастакы саха Түүлээх дүҥүрдээх Түлүөн ойуун Туймаадаттан тахсан, нууччалар кэлиэхтэрин лаппа иннигэр Ньурба эбэтигэр олохсуйбут.

Кини Сиинэ өрүс хочотугар олохтоох Бордоҥ аҕатын ууһун киһитэ, Тыгын Дархан күтүөтэ эбитэ үһү. Кини удьуордарыттан дьаһаах хомуйаары, В.Шахов 1635-1636 сыллардаахха Ньурба эбэтигэр Бордоҥ дьонун аан бастаан сурукка киллэрбит. Оччолорго Бүлүү сүнньүгэр сахалар киэҥник түөлбэлээн олорор сирдэрэ: Кэбээйи, Үөдүгэй уонна Бордоҥ эрэ бааллар эбит. XVII үйэ бүтүүтүн диэки Ньурба эбэтин тула олорбут Түлүөн ойуун удьуордарыгар тыл тылга киирсибэт быһыы-майгы үөскээри гыммытыгар, уола Дьалаҕай Килээн Дьаарын кинээс диэки буолан, уонна Добуну уолаттара Хатыы Баатыр, Тэрээппэ буоланнар Мэгэдьэк түбэтигэр көһөн тахсыбыттар.

Бары биир аймах Бордоҥ дьоно: Дьалаҕай Килээн билиҥҥи Маалыкайтан соҕуруу диэки биир көстөөх Ыылаах диэн сиргэ, Хатыы Баатыр уонна Тэрээппэ Мэгэдьэк эбэтин тула олохсуйбуттар. Ити кэмҥэ бу эргин атын саха дьоно бааллара биллибэт. Олохтоох тоҥустар булду батыһан тэскилээн биэрбиттэр.

Онон кинилэртэн ууһаан саҥа Бордоҥ волоһа (нэһилиэгэ) XVIII үйэҕэ 1771 сыллаахха үөскээн тахсыбыт. Ити бириэмэҕэ Мэгэдьэк түбэтэ бүтүннүү Бордоҥ волоһыгар киирэр эбит (кэлин Мэгэдьэк, Кукаакы, I-II Малдьаҕар буолбут нэһилиэктэр сирдэрэ-уоттара). 1776 сыллаахха Мэгэдьэк түбэтигэр аан бастаан сири кылаастарынан түҥэтии оҥоһуллубут. Ити бириэмэҕэ I Бордоҥ волоһыгар Маалыкай эргин сирдэр: Дьаарын, Куорбаты, Түргэн, Маар үрэх, Күөх Күөл, Хайыр, Улахан Күөл, Күҥкүй, Нөөлбүтэ (Малдьаҕар сирэ), о.д.а. сирдэр түҥэтиллибиттэр. Оттон билиҥҥитэ Хатыы түбэтин сирдэрэ – Мэгэдьэк эбэтин эргин сирдэр: Бэрэ, Бордуолаах, Балаҕаннаах, билиҥҥитэ Ньурбачаан сирдэрэ: Нимискиэннээх, Тоҥус күөлэ II Бордоҥ волоһын сирдэрэ түҥэтиллибиттэр.

1859 сыллаахха I Бордоҥ нэһилиэгэр саха легендарнай геройа Манчаары Баһылай көскө аҕалыллыбыта.

XIX үйэ бүтүүтүгэр Маалыкайга Иннокентьевскай таҥара дьиэтэ үлэҕэ киирбит. Итиннэ аһыллыбыт церковно-приходской оскуолаҕа саха бастакы революционердара Степан Васильев, Михаил Мегежекскэй, о.д.а. үөрэнэ бастакы үөрэхтээх дьоннорунан буолбуттара. XIX үйэ бүтүүтүгэр волостары, нэһилиэктэри бытарытыы ыытыллыбыт – 1890 сыллаахха I Бордоҥ нэһилиэгиттэн хайдан Малдьаҕар нэһилиэгэ, онтон Кукаакы нэһилиэгэ үөскээбиттэр. Онон XIX үйэ бүтүүтүгэр Мэгэдьэк түбэтэ, урукку I Бордоҥ волоһа, 5 нэһилиэк буолбут: I Бордоҥ, Мэгэдьэк, I Малдьаҕар, II малдьаҕар уонна Кукаакы нэһилиэктэрэ.

1916 сыллаахха Марха улууһуттан арахсан, Ньурба улууһун аан бастаан үөскэтиигэ Мэгэдьэк нэһилиэктэрэ бары Ньурба улууһугар киирбиттэр. Ньурба дьиҥнээх төрүттэрэ, Бородҥнор, бу тэриллиигэ киирэллэрэ табыгастаах эбит.

ХХ үйэ ортотугар РСФСР Үрдүкү Советын 1954 сыл бэс ыйын 14 күнүнээҕи Ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн, Ньурба оройуоннарын нэһилиэктэрин бөдөҥсүйүүлэригэр I Бордоҥ уонна Кукаакы нэһилиэктэрэ холбоһоннор Бордоҥ нэһилиэгэ буолбуттара.

Күн бүгүн Бордоҥ нэһилиэгэ Ньурба улууһугар нэһилиэнньэтин ахсаанынан, сиринэн-уотунан даҕаны Октябрьскай нэһилиэк (Антоновка) кэнниттэн иккис улахан нэһилиэк буолар.

Бордоҥ нэһилиэгин киинэ – Маалыкай бөһүөлэгэ, улуус кииниттэн, Ньурба куораттан, хотугулуу-арҕаа Марха өрүс хаҥас биэрэгэр сиринэн 98 км, оттон Дьокуускай куораттан 1250 км ыраах сытар.

2015 сыл саҕаланыытыгар Маалыкай бөһүөлэгэр 2010 киһи, ол иһигэр 700-чэ оскуолаҕа киирэ илик саастаах оҕо, уопсайа 900-чэ эдэр ыччат олорор. Итинтэн 140-ча ыччат Дьокуускай уонна киин куораттар араас үөрэхтэрин тэрилтэлэригэр үөрэнэ сылдьаллар, уонтан тахса оҕо армияҕа сулууспалыыр. 100 оҕо оскуолаҕа киириэн иннинээҕи тэрилтэлэргэ (детсадтарга, детясляларга) сылдьар.

Степан Васильев аатынан сылгы собуотугар 770 төбө Мэгэдьэк боруодатын сылгыта иитиллэн турар.

Нэһилиэккэ биирдиилээн уонна тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга 1280-ча ынах сүөһү уонна 670-ча сылгы баар. Кэнники бириэмэҕэ нэһилиэнньэ ынах сүөһүнү, сылгыны иитэр традиционнай дьарыгыттан ураты промышленноска сыстан үлэлэһэн эрэрэ улахан кэрэхсэбиллээх. Бордоҥ нэһилиэгин территориятыгар арыллыбыт Накыын алмаас рудалаах хонуута геологическай өттүнэн олус улахан кэскиллээх регионунан ааҕыллар. Накыыҥҥа 2003 сыл атырдьах ыйыгар үлэҕэ киирбит Россияҕа уонна аан дойдуга биллибит 16-с нүөмэрдээх хайа-байытар фабрикатыгар Бордоҥ нэһилиэгин ыччаттара ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.

Нэһилиэк сайдарын, чөллөөх буоларын туһугар, нэһилиэнньэ олоҕун, үлэтин дьүөрэлээн, инникитин көрөн дьулуурдаахтык үлэлиир сөптөөх тэрилтэлэр, коллективтар бааллар. Кинилэр үлэлэрин сүрүннүүр, тэрийэр балачча уопутурбут салайааччылар баар буоллулар. Ол курдук кэнники уон сылга Бордоҥ муниципальнай тэриллии баһылыктарын эдэр, эрчимнээх кадрдар Евсеева М.П., Тихонов В.Г. үлэлээн аастылар, билигин бу улахан эппиэттээх үлэҕэ эмиэ балачча уопутурбут, идэтинэн учуутал Петрова Н.С. ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Кинилэр аҕа көлүөнэ салайар үлэһиттэрэ нэһилиэк сайдарын туһугар тутуспут туһаайыыларын салгыахтарыгар уонна сайыннарыахтарыгар саарбахтааһын суох. Мантан аллараа Бордоҥ нэһилиэгин саҥа көлүөнэтин аатырбыт-суолурбут дьоннорун олохторун, үлэлэрин туһунан информация бэриллэр.