Ньаамырҕааһын
Ньаамырҕааһын диэн тылы араастаан сымнатан, уларытан саҥарыы ааттанар. “Нь” дорҕоон тылы сымнатан, ньаамырҕаан саҥарыыны үөскэтэр. Саҥа саҥаран эрэр кыра оҕо сатаан саҥарбакка ньаамырҕаан саҥарара ордук минньигэстик иһиллэр.
“Нь” дорҕоон саҥарыыны сымнатарга, истээччини албынныы сатыырга аналлаахтык элбэхтик туттуллар. Албынныырга анаан туттуллар кэһии биэрии аата манньа диэн тыл сахаларга баар.
“Ньаамырҕаама” диэн эмиэ араастаан саҥаран, тылы уларытан, сымнатан албынныы, үчүгэй буола сатааһыны бэлиэтээн, саха көрсүө, сэмэй, үлэһит дьоно сөбүлээбэттэрин биллэрэн этэллэр. Ньаамырҕаан саҥарыыттан ким эрэ албыҥҥа киллэрэн эрэрэ биллэр, чопчу быһаарыллар.
М.Алексеев - Дапсы сорох тылларбытын “нь” дорҕоонноон ньаамырҕаан саҥарыыга киллэрэ сатыыра, биир эмэ киһи итинник саҥарарыттан бары дьоҥҥо тарҕата сатааһын улахан сыыһа. Саха тылын төрүт дорҕооннорун алдьатыы буолар.
Дапсы этэринэн ийэ диэн саха омук буолары быһаарар төрүт тылы ньаамырҕаан саҥаран уларыта сатаабыта, бэйэтэ оҥорбут тылдьытыгар киллэрбитэ ыраатта. Кини этэринэн ийэ диэн тыл аны “иньэ” диэн буоллаҕына табыллар, кини оннук ньаамырҕаан саҥарар үһү, ону бары сахалар үтүктүөхтээх үһүбүт. (1,123).
Тыл үөрэхтээхтэрэ айыы диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх киһи үчүгэй даҕаны, куһаҕан даҕаны саҥаны айыыны оҥорорун биллэрэр сүрүн тылы “аньыы” диэн сахаларга суох, албынныыр тылы булан уларытар, икки аҥы арааран, икки бастаах киһини оҥорор санаалаахтар. Оҥорор, тутар, бэйэлэрэ үлэлиир дьон айыы диэн тыл уратыларын билэллэриттэн бу албыҥҥа киирэн биэрбэттэр.
Суруйааччы Н.Е.Винокуров – Урсун И.Каженкин “Албыннаама” диэн ыстатыйатыгар эппиэттииригэр “нь” дорҕоону туһаныытын маннык быһаарар, сахалыы өй-санаа уратытын, киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин букатын билбэтин биллэрэр:
Мин санаабар, автор «айыы» уонна «аньыы» (грех) диэн тыллар тустарынан этиитэ аһара барыылаах курдук. Дьон ити тыллары араарар уонна тус-туспатык суруйар да эбит буоллахтарына, итиннэ улахан алдьархай суох. Айыы сирэ, дьоно диэн сырдык өйдөбүлтэн аньыы (грех, баҕар христианскай тардыылаах да буоллун) утары суолталаах өйдөбүлү атыннык саҥарар уонна суруйар куһаҕана суох буолуо этэ. Дьиҥэр итиннэ, быһыыта айаҕынан саҥарыллар «й» дорҕоон (билигин саха алфабитыгар суох, урут латыынныы эрдэҕинэ баара, j диэн уратытык бэлиэтэнэрэ) «буруйдаах» быһыылаах. Ити дорҕоон билиҥҥи «й» уонна «нь» икки ардынан саҥарыллара. Оччоҕо тыл үөрэҕин быһыытынан эттэххэ, «й» дорҕоон сорох ардыгар «нь»-нан солбуллара оннук соһуччута суох. Биир бэйэм хоһооммор айыыны аньыыттан араарарга биирин айыы, иккиһин аньыы диэн суруйабын, чуолкайдыыбын, чопчулуубун. Билиҥҥи орфографияҕа ити киирбэтэҕин да иһин, араарар, тылы бутуйбат, онон суолталарын дьэҥкэрдэр ордук дии саныыбын. (2).
Сахалыы өйү-санааны үөскэтэр, хамсыырын, уларыйарын биллэрэр дорҕоон “й” дорҕоон эрэ буолар. Бу “й” дорҕоон өйү-санааны быһаарар ай уонна өй диэн тылларбытын үөскэтэр. (3,7). “Й” дорҕооно суох тыллар өйгө-санааҕа дьайыылара кыра.
Саҥарар тылы дьон бэйэлэрэ оҥороллор. Сэбиэскэй былаас кэмигэр аһара элбээн хаалбыт тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар ону-маны, саҥаны айбыта буола сатааннар саха тылыгар буортуну, куһаҕаны оҥорор буоллулар, араастаан ньаамырҕаан саҥаран саха дьонун албынныыллар.
Өй-санаа саҥарыыттан үөскүүр уратытын арааран билэн учуонай Попов Б.Н. маннык суруйан сэрэтэр: “Саҥарар куолаһын уларытан сыыбырҕаан, ньаамырҕаан саҥарааччыттан сэрэн. Бэйэҥ хаһан да инньэ гыныма: албын-түөкэй дьон үгэстэрэ”. (4,90).
Омугу үлэһиттэр эрэ сайыннаралларын сахалар билэллэр. Хас да омук тылын билэр, сайдан иһэр саха омукка тыл үөрэхтээхтэрэ туһалара суох, араастаан ньаамырҕаан саҥаран албынныы сатыыллара элбээтэ. Саха дьоно үлэлээн-хамсаан, тутан, оҥорон туһаны аҕалбат, үлэттэн ыраах тэйбит, аһара элбээн хаалбыт тыл үөрэхтээхтэрэ албынныы сатыылларыгар киирэн биэрбэттэр.
Туһаныллыбыт литература
1. Дапсы. Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 272 с.
2. “Саха сирэ. Эдэр саас”, 15.07.2009.
3. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2013. – 108 с.
4. Попов Б.Н. Киһи киһиэхэ сыһыана. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 96 с.