Норуоттар икки ардыларыгар сыһыан

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан диэн аан дойду таһымыгар атыы-эргиэн, уп-харчы уонна олох уйгутун тоһумун оцорон таһаарыы, салайар тутул хайысхатын быһаарар тумсуу, суут-сокуон, ей-санаа, сэрии-эйэ, эйэлээх олох сыһыанын табан туһанныы, омук олоххо ситиһиитин таһымын кэрдэрэр-биллэлэр аналлаах, онтон да атын хайысхалар икки ардыларыгар сыһыаннары холбоон кэрдэруу аттанар. Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан уратыта диэн биир дьаһайар уонна салайар тутула суоҕа. Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан араас таһымца, элбэх хайысханан сайдар толуктаах. Ол иһин норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан сайдарыгар куутуллубэтэх тубэлтэлэр уонна биирдиилээн дьоннор ейдере – санаалара дьайыан сеп. Норуоттар икки ардыларыларынааҕы сыһыан аан дойду таһымыгар, эбэтэр чопчу тыырыллыбыт сиргэ, элбэх уонна биирдиилээн себулэһиилэргэ олоҕуран тэриллэр. Араас дьайар кууһунэн буолаллар: дойдулар икки ардыларыгар, атыы-эргиэн, олох уйгутун тоһумун оцорон таһаарааччылар, салайар тутул хайысхатын быһаарар тумсуулэр, олохтоох нэһилиэнньэ санаата уонна олоххо уһулуччу кэруулээх эйгэ дьоно-сэргэтэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаны икки ацы араарыахха сеп: утары турсуу уонна доҕордуу сыһыаннарга. Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан тирэҕинэн буолар норуоттар икки ардыларынааҕы эбэтэр, ессе атыннык эттэххэ, аан дойду салайар тутулун быһаарар куус (мировая политика). Аан дойду салайар тутулун быһаарар (мировая политика) кууһунэн ааттанар аан дойду эйгэтигэр аналлаах быһаарыныылары бэлэмниир, ылынар уонна олоххо киллэрэр ситимин быспакка оцоһуллар дьайыы. Аныгы аан дойду салайар тутулун быһаарыыга араас элбэх кыттааччы баар. Ол гынан баран, билиццэ диэри баһыйар ейдебулунэн, аан дойду салайар тутулун быһаарыы сурун кыттааччыларынан биирдиилээн дойдулар уонна хас да дойду кыттыспыт тумсуулэрэ буолаллар. Ол да буоллар бугуццу куццэ норуоттар икки ардыларын сыһыаннаһыыларыгар кыттааччы ахсаана элбии турара саарбаҕа суох кестуу курдук сыаналанар. Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыга сурун оонньооччунан Аан дойду тэрилтэлэрэ буолаллар. Аан дойду тэрилтэлэрэ, угэс курдук, дойдулар икки ардыларынааҕы эбэтэр дойдуну салайар тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы тэрилтэлэргэ уонна дойдуну салайыыга сыһыана суох тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы сыһыаны олохтуур тэрилтэлэргэ арахсаллар. Дойдулар икки ардыларынааҕы эбэтэр дойдуну салайар тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы тэрилтэлэр сыһыаннаһыылара дойдулар икки ардыларыгар туһэриллибит анал кэпсэтиигэ олоҕурбут, чопчу сыаллаах-соруктаах, дьайар хамсатыылаах уонна ситимин быспакка улэлиир тэрилтэлээх, олоҕун булбут холбоһуулар буолаллар.

Дойдулар салалталарын икки ардыларынааҕы сыһыан дойду тутулун быһаарар хайысхалара ыараан иһииитэ уонна аан дойду таһымыгар сыһыаннары дьаарыстааһын тирээн кэлбитин көстүүтэ дойдуну салайыыга сыһыана суох тэрилтэлэр олохтонууларыгар тиэрдибитэ. Дойдуну салайыыга сыһыана суох тэрилтэлэр ис саланыылара дойдуну салайар тэрилтэлэр киэннэринээҕэр уустук туруктаах. Книнлэр толору дойдуну салайыыга сыһыана суох тэрилтэлэр буолуохтарын сөп эбэтэр буккуллубут ис туруктаах буолуохтарын эмиэ сеп. Ол эбэтэр кинилэр истэригэр киириэхтэрин сеп: дойдуну салайар тэрилтэлэр, олохтоох нэһилиэнньэ тэрилтэлэрэ уонна, олору таһынан, биирдиилээн дьон. Аан дойду тэрилтэлэрэ норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан туллубат тутаах суһуехтэрэ буолалларын быһыытынан дойдуну салайар тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга тус бэйэлэрин ааттарыттан эбэтэр бу тэрилтэҕэ киирэр дойдулар ааттарыттан кыттыахтарын сеп. Аан дойду тэрилтэлэрин ахсаана кун-туун уксуу турар. Аан дойду тэрилтэлэрэ норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан араас еруттэрин хабаллар. Маннык тэрилтэлэр атыы-эргиэн уонна олох уйгутун тоһумун оцорон таһаарыы, салайар тутул хайысхатын быһаарар, омук олоххо ситиһиитин таһымын кэрдэрэр-биллэлэр, норуотттар сыбыаннаһыыларын быһаарыы эйгэтигэр тэриллэллэр уонна бэйэлэрин истжригэр тус-туһунан торумаах, суоллаах-истээх буолаллар. Холобур быһыытынан маннык аан дойду тэрилтэлэрин ааттаталыахха сөп:

Чопчу тыырыллыбыт сир тэрилтэлэрэ:

  • Соҕуруулуу-Илиҥҥи Азия дойдуну салайар тэрилтэлэрин түмсүүтэ (СИАДСТТ) эбэтэр Соҕуруулуу-Илиҥҥи Азия судаарыстыбаларын ассоциацията (СИАСА), (Ассоциация Государств Юго-Восточной Азии (АСЕАН);
  • Европаҕа Атыы-эргиэн, үп-харчы уонна Олох уйгутун тоһумун оҥорон таһаарыы Эйгэтэ, Хаҥыл Эргиэн (Европейское Экономическое Сообщество (ЕЭС, Общий рынок);
  • Араап Дойдуну салайар тэрилтэлэрин Холбоһуга (АДХ) эбэтэр Арап судаарыстыбаларын лигата (Лига Арабских государств (ЛАГ) о.д.а.

Атыы-эргиэн, Үп-харчы тэрилтэлэрэ:

  • Аан дойдутааҕы Атыы-эргиэн Дьиэтэ (ААДь), (Международная Торговая Палата (МТП);
  • Аан дойдутааҕы Үп-харчы Эргиирэ (АУЭ), (Международный Валютный Фонд (МВФ);
  • Аан дойдутааҕы Саҥаттан тутуу уонна Сайдыы Үбүн дьиэтэ (АССУ), (Международный Банк Реконструкции и Развития (МБРР);

Олох уйгутун тоһумун оҥорон таһаарыы тэрилтэлэрэ:

  • Аан дойдутааҕы Оттук Тэрилтэтэ (АОТ), (Международное Энергетическое Агентство (МЭА);
  • Аан дойдутааҕы Атомынан Оттук Тэрилтэтэ (ААОТ), (Международное Агентство по Атомной Энергии (МАГАТЭ);
  • Ниэби Атыылыыр Дойдулар Тэрилтэлэрэ (НАДТ), (Организация Стран Экспортеров Нефти (ОПЕК);

Салайар тутул хайысхатын сүнньүн быһаарар уонна атыы-эргиэн, үп-харчы, олох уйгутун тоһумун оҥорон таһаарыы торумун тэлэр тэрилтэлэр:

  • Африка норуотун Биир ньыгыл Тэрилтэтэ (АБТ), (Организация Африканского Единства (ОАЕ);

Биир идэлээхтэр тэрилтэлэрэ:

  • Аан дойдутааҕы Хаһыат-сурунаал Суруйааччыларын Тэрилтэтэ (АХСТ), (Международная Организация Журналистов (МОЖ);
  • Аан дойдутааҕы Ыараханнык Бэрээдэги кэһээччилэри Уодьуганныыр Тэрилтэ (АЫаБКУоТ), (Международная Организация Криминальной Полиции (ИНТЕРПОЛ);

Көҥүл Санаа тэрилтэлэрэ эбэтэр Демократическай тэрилтэлэр:

  • Аан дойдутааҕы Дьахталлар Көҥүул Санааларын Тэрилтэтэ (АДьКСТ), (Международная Демократическая Федерация Женщин (МДФЖ);
  • Ыччат Аан дойдутааҕы Түмсүүтэ (ЫАТ), (Всемирная Ассоциация Молодежи (ВАМ);