Николаева Римма Александровна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Николаева Римма Александровна, (1935 с. Сунтаар нэһилиэгэ Сунтаар оройуона Саха АССР – 2017 с.). РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо.

Олоҕун олуктара

Сунтаар нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Үөрэҕэ - Сунтаар орто оскуолата, Бүлүү педагогическай училищета уонна Магаданнааҕы педагогическай институт.

Педагогическай үлэтэ: Илимниир, Бордоҥ, Сунтаар 2 №-дээх орто оскуолаларыгар учуутал уонна пионер баһаатай, Сунтаар 1№-дээх орто оскуолатыгар математика уонна алын кылаас учуутала, В.Г.Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар алын кылаас учуутала, социальнай педагог, оскуола музейын салайааччыта.

Римма Александровна оҕону алын сүһүөх кэрдиискэ үөрэтиигэ уһулуччу бэлэмнээх, баай методическай опыты мунньуммут, үөрэтии хаачыстыбатын үрдэтиигэ сыламтата суох саҥаттан саҥа ньымалары көрдөөн булан, практикаҕа сатабыллаахтык туттар педагог быһыытынан биллэр.

Римма Александровна оройуон, нэһилиэк общественнай олоҕор мэлдьитин саамай активнай кыттыыны ылан кэлбитэ: оройуон Сэбиэтин дьокутаатынан, партийнай тэрилтэ сэкиритээринэн 10-ча сыл, оройуон уонна нэһилиэк дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн 21 сыл үлэлээбитэ[1]. Дьахталлар VIII сийиэстэрин делегата. Үгүс сылларга народнай суут сэтээтэлэ, «Народнай суут Бочуоттаах сэтээтэлэ», хас да сыл оскуола үлэһиттэрин идэлээх Сойуустарын олохтоох тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ.

Норуот үөрэҕириитигэр сүдү кылааты киллэрбит, общественнай үлэлэргэ активист, убаастанар методист-учууталбыт[2] .Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар үлэлиир сылларыгар "Төрөппүт", "Дьиэ кэргэн" диэн ааттаах оскуолаҕа үлэлиир программалар ааптардарынан буолбута. Үлэтин элбэхтик улуус социальнай педагогтарыгар, учууталларыгар семинардарга, маастар кылаастарга тарҕатара.

В.Г.Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар Владимир Гаврильевич Павловка анаммыт мусуойу хомуйан, тэрийэн, улэлэтэ сылдьыбыта. В.С Николаев аатынан Сунтаардааҕы народнай театр попечителэ этэ.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна.
  • Саха АССР үөрэ5ириитин туйгуна.
  • "Саха Өрөспүүбүлүкэтин Учууталларын учуутала" анал бэлиэ.
  • Методист-учуутал .
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенын Махтал суруга.
  • Сунтаар оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо[2]

Кини туһунан

Николаева М., Өйөһөн-Өйдөһөн олоруоҕуҥ. [улуус бочуоттаах гражданина, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, дьахтар сэбиэтин чилиэнэ, Сунтаар начаальнай оскуолатыгар социальнай педагог Римма Александровна Николаева туһунан] - : , //Сунтаар сонуннара. . - 1996. - Олунньу 10 күнэ-С.3;

Кулууп уола - норуот уола / Сост. Михалева Н.В. - Якутск; Смик Мастер полиграфия, 2012.- 207 с.

Сигэлэр

  1. Учуутал аргыһа, ахсынньы ый 29 күнэ, 2011 сыл, №26 (489), 3 с.
  2. 2,0 2,1 Кыайыыны, эйэлээх олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно / хомуйан оҥордо Н.Н. Спиридонов; редколлегия: Т.Н. Иванова уо.д.а. – Дьокуускай: Чопчу, 2020.