Наталья

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Мэкчик күѳл

Бу Ой сэлиэнньэтин хоту ѳттүгэр баар. 60-с сылларга Абааhы Баhылай диэн кэлии киhи, Ɵктѳм диэкиттэн дииллэр, бу күѳл соҕуруу баhыгар, арҕаа ѳттүгэр «землянка» курдук дьиэлээх этэ. Бу киhи аатынан «Абааhы күѳлэ» диэн ааттанан хаалбыта хомолтолоох. Бу маны кырдьаҕастар олох сѳбүлээбэттэр. 2009 сыллаахха 100 сааhын томточчу туолбут Адамова Александра, тѳрүт Нѳмүгү олохтооҕо маннык кэпсээбитэ: «Мэкчэ Ичээн диэн эмээхсин олорбут сирэ. Ол кини арааhа бу күѳл хоту ѳттүгэр баар ойуурга турар этэ. Ол иhин аата Мэкчэ күѳлэ диэн». Эмиэ кырдьаҕастар Мэкчэ буолбакка Мэкчик диэн этэллэр.

Ичээн, урукку ѳйдѳбүлүнэн, ойууннаабатар да, кѳннѳрү дьон кѳрбѳтүн-истибэтин кѳрѳр-истэр, холобур, кѳтѳр-сүүрэр кэпсэтиитин, ол-бу абааhы, саҥатын уонна да атыны, истэн ѳйдүүр дьоҕурдаах киhи. Кѳрбүѳччү. Сахалыы кылгас тылдьыт. Г.Ф.Сивцев Якутскай 1979.стр. 56.

Мэкчэ (күтээ, хопоо) - кылгас саҕынньах.

Мэкчикээн, мэкчики, бүүчээн. Эмиэ бу тылдьыкка кѳрѳбµт. Стр. 88

Ол аата бука мэкчики диэн быhыылаах. Бүүчээн диэн (абаҕа, дьаадаҕас, мэкчики, мэкчикээн, тайах абаҕата). Ыыраахтаах туйахтаах, кылгас кутуруктаах, таҥхаҕар уҥуохтаах кыра кыыл. Нууччалыы кабарга. Стр. 37

Таҥхаҕар- (положение корпуса, при котором передняя часть туловища ниже задней, например у медведя).

Таҥхай (быть наклоненным книзу передней частью. Стр. 375 Якутско-русский словарь. Москва 1971).

Ол аата Мэкчик эмээхсиммит бүгүрү кырдьыбыт, түѳкүйүн тайаҕар хаамар, таҥхайан бүүчээни санатар буолбут диэн ѳйдѳбүл. Саха омук дьүhүннүүр баай тыллааҕын сѳпсѳhүѳххэ сѳп.

Күѳлбүт аатын тѳҥүннэрэн Мэкчик күѳлэ диэххэйиҥ уонна бу аныгы кэмҥэ оннооҕор хартыына даҕаны уруhуйдатыахха сѳп эбит: Күѳл аттыгар Мэкчик эмээхсин тайах тайанан үйэлэри уҥуордаан кѳрѳн турарын…

Мэкчик күѳл билигин уларыйда. Илин ѳттүгэр баар ойуурга оҕо сылдьан дьэдьэнниир ойуурбутугар дьиэ бѳҕѳ дьэндэспит. 60-с сылларга  күѳл уолан түгэҕэр эрэ кыра уулаах этэ, күѳл дириҥ буолан сыырыттан хайыҥарынан, салаасканан хатааҥылыыр буоларбыт, күhүн туох эрэ саhархай сибэккилээх от үүнэрэ, ону тууран ылан бырахтахха таҥаска сыстан хааларын иhин, онон бырахса оонньуурбут, арыый уоскуйан баран таҥаспытыгар сыhыаран санныбытыгар «эппилиэт» (эполет), «мэтээл» оҥосторбут бу баар курдук. Билигин уута туолан, күѳл да күѳл, оннооҕор сорох сыл муҥхалыыр да түгэннэрэ баар, илиминэн хас да ыал балыктыыр, туулааччы да баар. Тѳгүрүччү олорор ыаллар ойбон алларан сүѳhүлэрин уулатан абыраналлар. Күѳлбүт үтүѳ аатын туруорсубут Нѳмүгү кырдьаҕастарыгар Уйбаан, Тамара Прокопьевтарга барҕа махтал. Ɵссѳ даҕаны былыргыны сѳргүтэн аныгы олоҕу тускулаан!