Мэһэмээн мээрэй
Мэһэмээн мээрэй эбэтэр мээрэй — кыра туос иһит, кыра чабычах.
Тыл үөскээбит төрдө
Нуучча тылыттан (безмен) киирбит тыл буолуон сөп.
Оҥоһуута, туһаныыта
Хаппахтаах кыра туос иһит, кыра чабычах. Хороҕор, түгэҕин диэки суптугур эркиннээх. Айаҕынан 18 см тиийэ кэтиттээх, 17—18 см тиийэр үрдүктээх.
Дьиэ иһигэр кыра аһы астыырга, сир аһын хомуйарга туос иһит. Холобур, мээрэй арыы, мээрэй бурдук диэн буолара үһү. [1].
Тыл туттуллуута
Тыл номохторо
- Абааьы кыыһа мэһэмээнтэн куттаммытыгар дылы.
Мэһэмээн сир ааттарыгар
- Мэһэмээн Көрдүгэнэ — Чурапчы улууһун Кылааннааҕар быыкаайык үрүйэ[2].
- Мэмэһээн — Горнай Атамайын ходуһата (сорох сирдэргэ мэһэмээни мэмэһээн дииллэр)[2].
Өссө маны көр
Быһаарыылар
- ↑ Саха ойуута-бичигэ: альбом / Мандар Уус. Дьокуускай: Бичик, 2007. — 288 с.: ил. ISBN 978-5-7696-2696-8
- ↑ 2,0 2,1 Багдарыын Сүлбэ. «Аал уоту оттунан». — Дьокуускай: Саха Сиринээҕи кинигэ кыһата, 1993. — 192 с.
Бу саха иһитигэр-хомуоһугар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |