Мэркииттэр уонна монголлар сэриилэһиилэрэ
1197-1198 сылларга, монгол хана Чыҥыс хаан Кытайы баhылаан олорор нуучча биитэр жакут диэн аатынан биллэр (чжурчжэ) норуот сэриитин кытары татаардары утары сэриилэhэ сылдьарын туhанан, кинини тоҕо-эрэ сэрэппэккэ эрэ, кереиттар хааннара Тоҕурул хаан баhаам элбэх киhи сэриилээх Тохтоо Бөхөнү кытары кыргыhан, Байкал тас өттүгэр үүрбүтэ биллэр. Манна уолун Тоҕус-Бөхөнү өлөрөн баран, Тохтоо-Бөхө кэргэннэрин, икки уолун Худуну уонна Чилауну (Чингисхан сиэнэ) норуотун кытта, икки кыыhын, принцессалары билиэн ылан баран, мэркииттэр дойдулара кереиттар державаларыгар холбоммутун туhунан биллэрбит. Ол эрээри найманнар полководецтара Көксөй-Сабарах Тоҕурулу үнтү сынньыбытын кэннэ, Куду уонна Чилаун кереиттартан арахсан Селенгаҕа күрээн тиийэн, аҕаларын Тохтоону кытта холбоспуттар. Мэркииттар, Тохтоо Бөхө уолаттарын кытары оччотооҕу Монголияҕа турбут Чыҥыс хаан бары улуу уоттаах кыргыhыыларын кыттыылаахтара этэ. Ол курдук эмиэ имири кыргыллыбыт татаардары, тайчиуттары кытары бииргэ Чыҥыс хааны утары туран күөнтэhэ сылдьыбыттара биллэр. Кэлин Джамуха армиятыгар холбоhон, онтон найман полководеhа Буйуругу кытары Чыҥыс хаан ыытар кыа-хааннаах политикатын утаран, бэрт элбэх улуу кыргыhыыларга кыттыбыттар. Ол тухары Чингисхан наар кыайан испит. Арай Тохтоо-Бөхө уолаттарын батыhыннарбытынан, инники көрсүбүтүн, барытын тоҕо солоон, бэйэтэ инникилээн, кэнниттэн ситэ улаата илик ыччаттара бээ-доо, тохтоо диэн хааhытаппытынан, тэскилээн иhэр дьикти идэлээх эбит. Онтон сыыйа монгол биистэрэ бары Чыныс хаанна кыаттаран, Джамуха куотан, бэл баhаам киhилээх Тоҕурул Ван-хан билиҥҥи Читинскай уобалас сиригэр Чингисханы иннин ыллым дии санаан үөрэ-көтө олордоҕуна, эмискэ саба түhэн, Чингисхан кыайан-хотон тахсыбыт. Онон гражданскай сэрии Арҕаа Монголияҕа, найманнар сирдэригэр көспүт, дьэ онно буолбут, быhаарылаах күөн көрсүhүү. Тохтоо уолаттара ох саанан олус бэргэнник ыталларынан киэҥ Монголия үрдүнэн олус диэн аатырбыттар. Ол иhин наар инники кэккэҕэ, разведкаҕа эрэ сылдьаллар эбит. Онтон бары биистэр хотторон Чингисхаҥҥа бас бэриммиттэрин кэнниттэн, Улуу Курултайга Түмэлдьин Чингисханынан биллэриллибитин да кэннэ, мэркииттар бары хотторбут биистэр тобохторун Селенгаҕа мунньан охсуhалларын уураппатахтар. Суостаах Чингисхан Селенгаҕа тоҕо ааҥнаан киирбитигэр, хуасай (куба) мэркииттар аҕа баhылыктара Дайар-Усун албыннаhан, кыыhын Кулан-хотуну Улуу Тойоҥҥо ыыппыт. Манна «Кистэлэҥ история» кэпсииринэн, Чингисхан саамай эрэллээх хамначчыта Наая, аҕа тойонун баҕатын барытын толорорго бэлэм киhи, олоҕун да харыстаабакка туран, Кулан-хотун тойоҥҥо тиийэрин мэhэйдэhэн, хас эмэ хонук устата хаайа сылдьыбыт. Оннук эрэллээх монголлар, тоҕо-эрэ аҕалара мэркииттары кытта уруурҕаhарын утаран, наар мэhэйдэhэ сатыыллар эбит. Кулан-хотун ырааhа биллибитин эрэ кэннэ, Чингисхан уордайыытыттан Наая эрэйдээх быыhаммыт. Хуасай (куба) мэркииттар баhылыктара Дайар-Усун ураты кэрэ кыыhа Кулан-хотун Чингисхан саамай таптыыр кэргэнэ буолбут. Наhаа эйэҕэс, кыра-хара норуот туhугар наар кыhаллар буолан, Кулан-хатун монголлар итэҕэллэригэр ураты ытыктанар таҥараларга киллэриллэн, кини аата монголларга ураты күндү. Чингисхан хуасай-мэркииттартан сэрии көрдьөөбүтүн, удуют-мэркииттэры утары походка кыттыhарга эппитин, Дайар-Уhун быйыл аттарбыт көтөхтөр, онон кыайан барбаппыт диэн аккаастаан кэбиспит. Монгол армията кинилэр сирдэриттэн тахсаатын кытта, тута хуасай-мэркииттэр өрө турбуттар. Обуоска хаалларыллыбыт монголлар биир этэрээккэ түмсэн эрэ, кыhыл илиилэринэн киирсэр, сорохторо обуоска тиийэн сэптэммит мэркииттэры бэрт нэhиилэ ыспыттар, онтон хуасай-мэркииттэр тыа устун ыhыллан, куотан хаалбыттар. Чингисхан бу кэнниттэн туох да олус диэн кыыhырбыт, биhи эмиэ кинилэри бэйэбит ортобутугар хааллараары толкуйдаабыппыт, эмиэ өрө турбуттар, мантан ыла барыларын бииргэ түммэккэ эрэ, хас биис аайы тарҕатан туттахха эрэ табыллыыhы диэн эппит. Онон киhи хайдах-да, сорох суруйааччылар, биитэр ученайдар суруйалларын курдук, мэркииттэр уонна монголлар икки ардыгар сэриини, икки кыр-өстөөхтүү биистэр сэриилэспиттэрэ диэни итэҕэйбэт. Монгол «Кистэлэҥ историятыгар» да кэпсэнэринэн, обуоска хаалбыт мэркиит үтүөлэрбит өрө туран кэбиспиттэрэ, ону кинилэри кытта хаалбыт хамначчыттара, хам баттаабыттара да диэн суруллубута, эмиэ инник санааны үөскэтэр. Иккиhин төннөн кэлэн, Дайар-Усун олорор сирин Чингисхан кыа-хаанынан уhуннаран, уокка биэрбит. Дайар-Усун кэргэнин, огдообо буолбут Тураахына хотуну уолугар Угедейга биэрэн, бэйэтин династиятын өссө бөҕөргөппүт, уолаттарыттан Угедей удьуордара Джучи удьуордарын эрэ кытта историяҕа аҤардастыы аатыралларын ситиспит. Кулан-хотун быраата, Дайар-Усун уола Джемаль-ходжа 100 киhилээх харабыл (кешиктен) хамандыырынан анаммыт, түүн хайа да монголу кини ологор чугаhаппат, төбөтүн атаҕар диэри быhан иhэргэ суостаах уураах таhаарбыт. 1204 сылга Харадал (Хара тыа) хайатын тэллэҕэр Чингисхан армията Тохтоо Бөхөнү кытта кыргыhан, Саара-Кеере истиэпкэ эмиэ муспут баайын -улэhит дьонун былдьаан ылбыта. Тохтоо Бөхө эмиэ икки эр бэрдэ уолаттарын, Кудуну уонна Чилауны кытта бэрт аҕыйах киhилээх, сүүс тыhыынча киhилээх армия төгүрүйбүтүн, тохтото сатаабытын тоҕо көтөн тахсан, куотан хаалбыттар. Чингисхан олус диэн кыhыйан, абаран-сатаран аармыйатын иннигэр дохсун атынан сиэллэрэн, эккирэтэн тиийэн, Алтай тэллэгэр кыстаабыт. Онон билиҥҥи Бурятия сиригэр улахан эккирэтиhиилээх, дуолан бухатыырдар көрсүhүүлэрэ, улуу кыргыhыылар буолан ааспыттар. Манна буряттар мэркииттэры өбүгэлэрин курдук санаабаттарын, манна быстах олоро сылдьыбыт быралгы дьон этэ дии сатыылларын санаан кэлэгин. Уҥа илии сэриитэ, Чимбай уонна Борогул полководецтар хамаандаларынан, мэркииттэр кириэппэстэрин төгүрүйбүттэрэ. Ол курдук удуйут-мэркииттэр 1204 сылга Харадал-Хучжаур кириэппэскэ төгүрүллүбүттэрэ. Мудан (модун), тутаклин (тутаах), раджун биистэрэ манна хааллыбыттара. Ахсаана биллибэт элбэх киhилээх монгол армията бу кириэппэhи күннэри-түүннэри тохтоло суох осадалаан ньиргиппитэ. Кырдьагас буойуттары кытта бииргэ, оҕолор уонна дьахталлар кыыллыйбыт өстөөхтөн дойдуларын көмүскээн, тиhэгэр тиийэ кыргыспыттара. Бу монгол-татаар армияларыттан, Евразия сиригэр бастакы холобура суох төгүрүллүбүт кириэппэhи геройдуу көмүскээhин этэ. Бу кириэппэhи ыларга, холбоммут Улуу Монголия биистэрин сэриитэ барыта кыттыбыта. Мэркииттэр сорохторо Тайхал, биитэр Тайхая диэн ытык хайаларын тула оҥостубут кириэппэстэригэр хорҕойбуттара, онно баар айыыларга унэр-суктэр храмнарыгар саспыттара. Сэриинэн, аан дойдуну эhэринэн суоhурбут Адьарай бииhэ биир кыра хайаны кыайан ылбакка, өр кэм тохтообута, айыы бииhин дьонугар үрдүк айыылар бэйэлэрэ көмөҕө кэлбиттэрин курдуга. Баhаам элбэх киhилээх, тааhынан тамнааттыыр араас сэптэри туhанар улуу сэриини утары Хомпоруун Хотой бииhин дьоно куттаммакка, утары киирсибиттэрэ! А.Тиваненко суруйарынан, Байкал тас өттүн арҕаа өттүгэр, мэркииттэр хаалларбыт буолуон сөптөөх, баhаам элбэх кириэппэстэрин оннулара, харабыл башняларын тобохторо бааллар эбит. И.Линденау XVIII үйэҕэ Байкал таhыгар сылдьарыгар, арааhа ол кириэппэстэр оннуларын көрбүт, ону буряттар, монголлары кытта туруулаhан сэриилэспит саха өбүгэлэрин хаалларбыт бөҕөргөтүнүүлэрэ диэн этэллэрэ үhү. А.П.Окладниковка Ольхон арыы буряттара, Даин-Хошун уонна Хара-Хошун хайаларыгар таас истиэнэ курдук бөҕөргөтүүнэлэр баалларын көрдөрө-көрдөрө, манна сахалар монголлары кытта сэриилэспиттэрэ диэн кэпсээбиттэрэ биллэр. Сахалар Байкал таhыгар олоро сылдьыбыт суолларын, дьаныhан туран Yөрэппит М.П.Овчинников бигэргэтэринэн, бурят ламата 1905 сылга киниэхэ кэпсээбитинэн, буряттар (монголлуу тыллаахтар) сахалары хоту диэки үтүрүйүүлэрэ 683 сыл анараа өттүгэр буолбута үhү. Ону суоттаатахха 1212 сыл буолан тахсар. Бу кириэппэстэр дьиҥэр Байкал таhыгар, курыканнарга сыhыарыллар курумчинскай культура саҕаттан бааллар. Ол аата түүр тыллаахтар бэйэлэрин өбүгэлэрин саҕана тутуллубут кириэппэстэри туhанан, геройдуу охсуhан баран, монгол тыллаахтартан хоту үтүрүллүүлэрэ дьиҥэр ити кэмҥэ эрэ буолбут буолуон сөп. Алтаецтарга баар итэҕэлинэн, сиргэ Таҥара кэллэҕинэ, кини улаханнык көмөҕө наадыйбытыгар, ураты көмөлтө оҥорбуттарын иhин, мэркиит уонна тумат сеоктарын (уустарын) дьонун ураты бэлиэтиэ диэни буолара. Оччо айыылаах, саха өбүгэлэрэ буолбут туматтар уонна мэркииттэр кими утаран, бэлиэтэниэхтэрин сөбүй диэн ыйытыы үөскүүр.
1733-1743 сылларга «Улуу Хотугу» экспедицияны салайбыт академик Г.Ф.Миллер сахалар буряттары уонна монголлары ыаллыы олорбуттар, онтон сэриинэн кинилэртэн кыйдаммыттар диэн түмүк оҥорбута. Кини саныырынан, уордаах Чыныс Хаан баhылыан иннинэ, Монголияҕа түүр тыллаахтар баhылаан олорбуттар, ити санааны кытта, билиҥҥи ученайдар (монголлартан атын) үксүлэрэ сөбүлэhэллэр. Миллер этэринэн, сахалар монголларга саамай чугас Монголия төрүт былыргы олохтоохторо буолаллара. Билиҥҥи тоҥ хаhаа дойдуларыгар төрүт сирдэриттэн Чингисхан сэриинэн сыыйа °үтүрүйбүт, маҥнай Байкал таhыгар куоппуттар, онтон салгыы билиҥҥи дойдуларын булбуттар диэн санааҕа кэлбит. Уонча сыл устата хас эмэ омук ортотугар үлэлээбит, өссө историческай оруннаах номохтору суруйбут сүдү ученай сыыспатах буолуохтаах диэн санааҕа кэлэҕин.
1205 сылга эрэ, мэркииттэр кириэппэстэрэ ылыллан, Чингисхан бирикээhинэн билиэн тубэспит буойуттар ыйаммыттара, сорохторун билиэн түбэhэн Монголияҕа көhөрбүттэрэ. Онтон ылата Монголияга мэркиит ууhун дьоно диэн бааллар. Мэркииттэр үс биискэ арахсаллара, сахалар курдук гурбан (үс) мэркиит диэн аатыраллара биллэр. Дьэ онтон эстэртэн саспыт саха өбүгэлэрэ бэйэлэрин ааттарын кистэнэн, тыаҕа бүгэн олорон, булбаталлар ханнык диэн, кинилэри ирдэhэр Улуу Адьарайтан ааттарын саhыаран, сах омуга, ол аата сах билэр диэнтэн, төрдө-ууhа суох омук аатырбыттар. Манна эстибит мэркиит норуотун албан аатырдыбыт Туракина хотуну Тохтоо-Бохо уола Ходу, ол аата арааhа Культукан Мэргэн кэргэнин Чингисхан уола Угэдэй ылбыта диэн Юань династиятын суруксуттара туоhулууллар эбит. Дьинэр бу дьахтар найман бииhиттэн төрүттээх эбит, ол аата Ходу биитэр Культукан монгол армиятыттан бииргэ куотан иhэн, найман кыыhын сөбүлээн ылбыт буолуон син. Онон Угэдэй хаан дьиҥэр мэркиит бииситтэн икки кэргэннээх буолан тахсар. Биирэ уруккута Дайр-Усун кэргэнэ Дораганэ хотун, иккиhэ Ходу-мэргэн кэргэнэ Туракина буолар. Угэдэй аhыы утаҕы олус тутуhар буолар буолан, дьиҥэр кини кэмигэр Улуу империяны ойоҕо Туракина кытаанахтык салайан олорбут. Кини үөрэҕи, билиини-көрүүнү олус тутуhарын, тардыhарын, оччотооҕу Кытай докумуоннара кэпсииллэр. Угэдэй кэмигэр оҥоhуллубут бары улахан реформаларга дьиҥэр кини бэйэтэ улахан сыhыаннааҕа. Ол курдук киhи-аймах историятыгар аан маннай оҥоhуллубут кумааҕы харчы, Евразия улахан аҥаарын хаппыт дьаам сырыытыгар, монгол омук бэйэтин суругун оҥоhуллуутугар быhаччы оруоллааҕа. Угэдэй өлбүтүн кэннэ бэйэтэ регентша буолан, Империя улуу баhылыгынан буолбута.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
Билэ:OOjs UI icon clock-warning.svg | Бу историяҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |