Михаил Акыымап

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Михаил Афанасьевич Акимов – 75 саастаах. Саха сирин экэниэмикэтигэр дьоhуннаах кылааты киллэрсибит, Олоҥхо дойдутун саарыннарыттан биирдэстэрэ. Кинини дьон-норуот Сунтаар цеолитын хостооhуну тэрийээччилэриттэн биирдэстэрин быhыытынан билинэр. Михаил Афанасьевич олохтоох промышленность биир хайысхатынан цеолит буоларын туhугар, туох баар сыратын анаата, Сунтаар улууhун хаhаайыстыбатыгар судургу тылынан кыайан этиллибэт сүдү кылааты киллэристэ.

90-с сыллар, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт ыhыллыы кэмигэр, цеолит тэрилтэтэ Сунтаар туруктаах буоларын туhугар үлэлээбитэ. «Сунтаарцеолит» хамнас аанньа кэлбэт кэмигэр сылгы, ынах ииттэн, бэйэтэ бэкээрилэнэн дьоннорун быстарыктаабакка олорбута. Туох да ааттаах минньигэс, килэркэй хахтаах килиэптэрин хамнас суотугар биэрэр, эттээх-үүттээх буолан, дьоно аччыктаабатахтара. Эбиитин Сунтаар-Устье хайысханан устар бэйэтэ паромнаах буола сылдьыбыта. Билигин, бэйэтэ хоп-курдук базалаах, карьердаах, автопааркалаах, гаас уматыгынан хааччыйар сапыраапкалаах. Сунтаар улууhун саамай эрэйдээх суоллаах-иистээх сирдэрин, Кэмпэндээйигэ тиийэ, «сунтаарцеолит» кутта.

Тэрилтэ кэнники улахан ситиhиитэ -- «АЛРОСА» хампаанньа шахталарыгар цеолиты портландцемент оннугар туттуу. Маны, Михаил Афанасьевич, биллииллээх учуонай Ким Егорович Колодезниковы кытары, Саха сирин саламтатын, «Якутнипроалмаас» институту кытары утумнаахтык үлэлээн, ситиспиттэрэ. Цеолит, МХБК «МИР» руднигын сакылаакка киинигэр (участок закладочных работ) быыстала суох тиэллэр.

Шахта боруодатын хамбаайыннарынан ойо хаhан ылыллыбыт анхайын сакылаакка суурадаhынынан бүөлүүллэр. Онтукалара кытаатан дьилэйдии таастыйар, кирбиилэргэ тиэхиньикэ, дьон сылдьарыгар куттала суох буолар. Ол сакылаакка буортан, сиэмэнтэттэн уонна цеолиттан турар. Аны, цеолит кытаатыннарар туруга сиэмэнтэни кытары араа-бараа. Нууччалатахха «вяжущее средство» дэнэр. Онон, цеолит буккаастаах сакылаакка бигэ, эрэллээх буолара науканан дакаастанна.

Билигин 60-ча үлэhиттээх, элбэх тиэхиньикэлээх, түс-бас «Сунтаарцеолит» тэрилтэ сылга 40-ча тыhыынча туонна цеолиты хостуурга бэлэм. 90-с сыллартан ыла «Сунтаарцеолит» «АЛРОСА» кыттыгас тэрилтэтэ буолбута. Онон, харчынан быстарбатылар. Цеолит алмаас буолбатах, саппааhа дэлэй.