Миопия (ырааҕы мөлтөхтүк көрүү)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыарыы өйдөбүлэ

Миопия (харалҕана, ырааҕы көрбөтө) – бу харах ыарыыта, ырааҕы мөлтөхтүк көрүү, ол эрээри чугаһы быдан үчүгэйдик көрөөһүн буолар. Киһи көрөр ойуута харах сетчаткатыгар буолбакка иннигэр буолар. Ол иһин дьоннор ачыкы,линза кэтэллэр. Бу ыарыы сыыйа-баайы сайдан иһэр, эмтээбэтэххэ киһи көрбөт буолуон сөп.

Ордук миопия сайдааһына харах мөкүнүгэ олус түргэнник улаатарыттан буолар, ол иһин о5олорго 7 саастарыттан 18 саастарыгар дылы биллэр, онтон улааттахтарын аайы сайдан иһэр.


Ыарыы төрүөтэ

  1. Удьуорунан бэриллэр
  2. Кэнники ылыллыбыта:
  • Чугастан олорон эрэ телевизор көрүү
  • Кинигэни мөлтөх уот сырдыгар ааҕыы
  • Наһаа өр компьютерга уонна суотабайга оонньооһун
  • Битэмиин, минеральнай веществолар тиийбэт (кальций, цинк, селен) буолааһына

Маны таһынан дьиҥ харалҕан уонна албын харалҕан диэннэргэ арахсар.

Ыарыы истиэпэнэ

  • Бастакы истиэпэнэ: 3 диоптрийга дылы;
  • Иккис истиэпэнэ: 3,25 − 6 диоптрий;
  • Үһүс истиэпэнэ: 6 диоптрийтан үөһээ.

Үрдүк миопия −15, −20, −30 D дылы тахсыан сөп.

Ыарыы сибикэтэ

  • Ырааҕы мөлтөхтүк көрүү
  • Төбө, харах мөкүнүгэ ыалдьар
  • Хараҕын уута кэлэр, аһыйар

Диагностика

Харах бырааһа эбии маннык ньыманан чинчийэр:

  • Сивцев таблицатын көмөтүнэн (харах кыраҕытын быһаарар );
  • Периметрия (хайдах көрөрүн быһаарар);
  • Тонометрия (харах иһинээҕи баттааһынын быһаарар);
  • Офтальмоскопия (харах түгэҕин көрүү).

Эмтэнии

  • Харах былчыҥын эрчийии
  • Эмтэринээн (Тауфон, Мезатон, Ирифрин, битэмиин А, В)
  • Харах кыраҕытын коррекциялыырга быраас анаабытынан линза, ачыкы кэтээһин
  • Хирургическай ньыма (лазернай коррекция, склеропластика)

Сэрэтии

  • Хараххытан кинигэн (монитор) ырааҕа илиин уунуутун саҕа буолуохтаах
  • Уотун сырдыга уҥа өттүгэр түһүөхтээх. Кинигэни ааҕарга естественнай сырдыгы туһан эбэтэр лампан кыамтата 60 Вт буолуохтаах
  • Айаҥҥа ааҕар сыыһа, сахсыйан хараҕын аккомодационнай аппараатын мөлтөтөр.
  • Телевизорын ырааҕа 3 миэтэрэ буолуохтаах
  • Өскөтүн үлэҕэр куруук мониторга олорор буоллаххына, хас 40 мүнүүтэ аайы хараххын эрчий
  • Өскөтүн сварочнай аппараакка үлэлиир буоллаххына, анал ачыкыны эбэтэр масканы кэт
  • Ханнык баҕар истиэпэннэх миопия сылга биирдэ диспансернай кэтэбилгэ туруохтаах

Ону таһынан аскар элбэх фрукта уонна оҕуруот аһын киллэр. Ретиноллаах (витамин А) и аскорбиновай аһыылаах: черника, моркуоп, шпинат, банан, цитрусовайдар, моонньоҕон, облепиха, сарбанньах уо.д.а.

Туһаныллыбыт литература

  1. Кузнецова М.В. Причины развития близорукости и её лечение. — М.: МЕДпресс-информ, 2004. — 176 с. — ISBN 5-98322-020-9.
  2. Стукалов С.Е., Фаустов А.С., Попов В.И., Щепетнева М.А., Попова И.В. Клиника различных форм близорукости, лечение и профилактика. — Ростов-на-Дону: Феникс, 2007. — 128 с. — ISBN 978-5-222-10942-7.
  3. https://ru.wikipedia.org/wiki/близорукость