Машаду де Ассиз
Машаду де Ассиз (порт. Joaquim Maria Machado de Assis) (1839–1908) — Бразилия уһулуччулаах суруйааччыта, романист, кэпсээнньит.
Африкаттан кулут быһыытынан аҕалыллан баран көҥүлү ылбыт дьон сиэннэрэ.
Суруйааччы айар үлэтин икки кэмҥэ араараллар: романтика периода уонна реалистическэй период. Бастакы периодка «Воскресенье» (1872), «Илии уонна бэрчээккэ» (1874), «Элена» (1876) уонна «Иайа Гарсия» (1878) ромааннар суруллубуттара. Бу айымньылары билигин ааҕааччы оччо сэҥээрбэт диэн ааттыыллар. Иккис период айымньыларыгар суруйааччы киһи уйулҕатын, кутун-сүрүн туһунан толкуйдуур, киһи мөлтөх өрүттэрин (хаҕыс буолуу, үтүөнү өйдөөбөт буолуу, таҥнарыы, бэйэни үрдүктүк туттуу, чычаас санаа, бэрик ылыы, таҕылга бэринии) ырытар. Бу кэмҥэ суруйааччы Артур Шопенгауэр (1788—1860) айымньыларынан үлүһүйэр.
Бу кэмҥэ де Ассиз «Брас Кубас өлөрүгэр суруйбут суруктара» ромаана тахсар (1881), аатырбыт кэпсээннэрин хомуурунньуктара бэчээттэнэллэр: «Быстах кумааҕылар» (1882), «Хаһан суруллубуттара биллибэт кэпсээннэр» (1884), «Арааһынай кэпсээннэр» (1896) уонна «Тус-туһунан лиистэр» (1899)[1].
Сигэлэр
Быһаарыылар
- ↑ Избранные рассказы. В.Копыл эрэд., С-Петербург, Александрия, 2007. Аделто Гонсалвес киирии тыла.
Бу суруйааччыга сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |