Максимова Виктория Николаевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Максимова Виктория Николаевна — Саха тэлэбиидэнньэтин бастакы дииктэрдэриттэн биирдэстэрэ.

1946 сыллаахха ыам ыйын 11 күнүгэр төрөөбүт (чопчулуурга). Дьоно: ийэтэ Аграфена Михайловна (Чөркөөхтөн, Төрүттэн төрүттээх), аҕата Николай Алексеевич Максимовтар. Бииргэ төрөөбүт Людмила диэн балтылаах. Күһүүргэ олорбуттар (сабаҕалаатахха Чурапчы көһүүтүгэр түбэспиттэр курдук), онтон Ытык-Күөлгэ көспүттэр, онно ийэтэ иккистээн үс кыра оҕолоох киһиэхэ кэргэн тахсыбыт курдук суруллар[1]. Дьокуускайга училищеҕа үөрэммит (ханныкка?).

Тэлэбиидэнньэҕэ 17 саастааҕар 1965 сыллаахха үлэлии киирбит. Араадьыйаҕа «Пионерскай саһарҕа» биэриигэ үлэлии сырыттаҕына бэлиэтии көрөннөр ыҥырбыттар. 70-с сылларга Москубатааҕы култуура институтугар үөрэммит. Саха тэлэбиидэнньэтигэр 1998 сыллаахха диэри үлэлээбит. Онтон 2001 сыллаахха диэри араадьыйаҕа үлэлээбит, ыараханнык ыалдьан тохтообут. 2008 сыллаахха кэргэнэ өлбүт, бэйэтэ инсуллаан инбэлиит буолбут. Онтон Капитоновкаҕа инбэлииттэр дьиэлэригэр олорбут.

2011 сыл сэтинньи 26 күнүгэр өлбүт[2].

Быһаарыылар