Мазина Инна Николаевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Мазина Инна Николаевна (учууталларын учуутала, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Олоҕун олуктара

1941 с. Ньурба оройуонугар төрөөбүтэ. 1967 с. Саха государственнай университетын физико-математическай факультетын бүтэрэн, математика учуутала буолбута. Бастаан Амма орто оскуолатыгар математика уонна физика учууталынан үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолаҕа, онтон Сунтаардааҕы политехническай лицейгэ дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлиир. Инна Николаевна лицейгэ үлэлээбит сылларыгар лицейи 20 оҕо кыһыл, 55 оҕо үрүҥ көмүс мэтээллэринэн бүтэрбиттэрэ. Бу Инна Николаевна саабыс быһыытынан лицейгэ үөрэтэр үлэни саҥа ирдэбиллэр таһымнарыгар туруоран, преподавателлэр үрдүк эппиэтинэстээхтик үлэлиир усулуобуйаларын тэрийиигэ үлэтин түмүгүнэн ааҕабыт. Оҕолор үрдүк үөрэх кыһаларыгар ыгар киириилэрин орто көрдөрүүтэ 95-95 быраһыан буолара.

Выпускниктар ортолоругар Аан дойдутааҕы, Бүтүн Россиятааҕы Олимпиадалар хас да лауреаттара бааллар. 14 выпускник наука кандидаттарынан уонна доктордарынан буоллулар[1].

Наҕараадалара, ааттара

  • РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын учуутала
  • Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо
  • Саха -Азия оҕолоро пуонда стипендиата[2][3]

Кини туһунан

— Рахлеев Ф. Ф., Политехнизация прогресс пульса. [Сунтаардааҕы политехническай лицей директорын солбуйааччы Инна Николаевна Мазина туһунан] — : , //Сунтаар сонуннара. . — 1998. — Кулун тутар 26 күнэ-С. 1;

Быһаарыылар

  1. Кыайыыны, эйэлээх олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно / хомуйан оҥордо Н. Н. Спиридонов; редколлегия: Т. Н. Иванова уо.д.а. — Дьокуускай: Чопчу, 2020.
  2. Сунтаар улууһугар үөрэҕирии сайдыыта / [хомуйан оҥорон бэчээккэ бэлэмнээьтилэр: И. Т. Назаров, Н. И. Алексеев; эппиэттиир ред. М. И. Аввакумова]. — Дьокуускай : Бичик, 2009. — 272 с.
  3. Педагогическая энциклопедия / М-во образования Респ. Саха (Якутия); [науч. ред.: Михайлова М. Г. д.п.н., проф ЯГУ, Петрова С. М. д.п.н., проф. ЯГУ ; сост. Иванова В. С.]. — Якутск, Т. 2. — 2003.

Сигэлэр