Көбүөр от
Көбүөр от | ||||||||||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Научная классификация | ||||||||||||||||||
Домен: Эукариоты Царство: Растения Подцарство: Зелёные растения Клада: Высшие растения Клада: Сосудистые растения Клада: Семенные растения Отдел: Цветковые Класс: ДвудольныеЯсноткоцветные Семейство: Подорожниковые Триба: Antirrhineae Род: Льнянка Вид: Көбүөр от |
||||||||||||||||||
Международное научное название | ||||||||||||||||||
Linaria vulgaris Mill., 1768 | ||||||||||||||||||
Синонимы | ||||||||||||||||||
|
||||||||||||||||||
|
Көбүөр от (нууч. льнянка обыкновенная, лат. Linaria vulgaris) — өр сыллаах оттуҥу үүнээйи. Кини киирэр род Льянка, семейство Подорожниковые.
Ботаническай описанията
Сырдык саһархай өҥнөөх, ис өттө кытархай араҕас, бытырыыс курдук сибэккилээх, синньигэс сэбирдэхтээх. Тас көрүҥэ: үрдүгэ 30-60 (90) см дылы тиийиэҕин сөп, уһун синньигэс туурааҕа олорор ланцетка маарынныыр сэбирдэхтээх, умнаһа көнө, судургу, төгурук, тарҕай, уонна сэбирдэхтэрэ хойуутук уунэр.
Тарҕаныыта
Томтор сиргэ, кырдалга, халдьаайы быарыгар хойуутук уунэр.
Европа: Дания, Финляндия, Ирландия, Норвегия, Швеция, Великобритания, Австрия, Бельгия, Чехословакия, Германия, Венгрия, Нидерланды, Польша, Швейцария, Албания, Болгария, Югославия, Греция, Италия, Румыния, Франция, Испания; СССР: Белоруссия, Молдавия, Европейская часть России, Украина, Западная и Восточная Сибирь, Дальний Восток; Азия: Турция, Китай.
Химическэй састааба
Көбүөр от химическэй састаабыгар киирэллэр: алкалоид пеганин, флавоноиднай гликозидтары (ацетилпектолинарин и линарин, линаризин, неолинарин, пектолинарин). Өссө көбүөр оттон ылаллар: фитостерины, триакантин, органическай кислоталары (лимоннай, муравьинай, фолиевай, яблочнай и уксуснаяй, сапонины, пектиновай и дубильнай веществалары, витамин С, каротин. Көбүөр от сиэмэлэрэ 32-35 % жирнай маслаттан тураллар.
Медицинэҕэ туттуллуута
Бу от састаабыгар токсиннар кыра дозалара баарын үөрэхтээхтэр быьаарбыттара. Онон эмтэнэргэ быраас субэтэ наада. Ииктэтэргэ, лиистиги таһаарарга, ис тэһэҕэскэ, хаан аҕыйаатаҕына, аҕылыырга, водянкаҕа, төбө ыарыытыгар, куртахха, цистиккэ, искэҥҥэ, сөтөлгө, сэлликкэ 10 г оту ыстакаан ууга көөнньөрөн, биир улахан ньуосканы куҥҥэ устэ иһэллэр. Хойуу хаайтарыыны икки-үс улахан ньуоска оту ыстакаан ууга көөнньөрөн, икки-үс кыра ньуосканы утуйуох иннинэ иһиллэр. Геморройга сибэкки маассатын икки өлүүтүн сибиинньэ уулларыллыбыт ис сыатын биэм өлүүтүгэр булкуйан, 12 чаас устата сылытыллыр. Ол кэннэ отун ыган баран, геморрой бааһын сотоллор.
Быһаарыылар
- раздел «Системы APG» статьи «Двудольные».