Кэлэр көлүөнэлэр
Саха дьоно оҕо төрүүрүгэр, кэлэр көлүөнэ киһитэ кэлэригэр былыргы кэмнэртэн улахан суолтаны биэрэллэрин, айыыһыт диэн ааттаах дьахтар төрүүрүгэр айыылартан анаммыт, көмөлөһөөччү баарын билинэллэрэ буолар. Бу быһаарыыны түүллэри үөрэтиинэн өссө чуолкайдаатахха айыыһыт диэн киһи ийэтэ, эбэтэ эбэтэр хос эбэтэ өлбүттэрин кэнниттэн айыы буолан Үөһээ дойдуттан көмөлөһө сатыыллара ааттанар.
Былыргы кэмҥэ дьахтар төрүүрэ уратыны, олус улахан саҥаны айыыны оҥоруунан ааҕыллара. Дьахтар төрүүрүгэр өлбүт хаан аймахтара дьахталлар айыы буолан кэлэн көмөлөһөллөрүн айыыһыт диэн ааттыыллар. Оҕо этэҥҥэ төрөөтөҕүнэ бу айыыһыттары дьахталлар мунньустан атаарыыны оҥороллоро.
Айыыһыт атаарыы – дьахтар олордоҕуна айыытын атаарыы, малааһын, алларастыы, саһаахтыы буолар. Иэйэхсит, айыыһыт диэн дьахтар таҥара, киһи, сүөһү үөскүүрүн таҥарата. (1,311).
Омук сайдыытыгар уонна сайдыы киириититтэн уларыйан хаалбакка бэйэтинэн сылдьарыгар кэлэр көлүөнэлэр ылар оруоллара олус улахан. Кинилэр өйдөрө-санаалара ханнык хайысханы тутуһан сайдарыттан омук салгыы олоҕо быһаччы тутулуктанар.
Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдыытыгар ханнык хайысханы тутуһара кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии хайдаҕыттан улахан тутулуктаах. Оҕо иитиитэ икки өрүттээҕэ икки хайысханы үөскэтэн аймахтар, омук сайдыытыгар оҥорор уратылара маннык арахсаллар:
1. Атаах оҕо. Атаах буола иитиллэн хаалбыт оҕо, төрөппүттэрин бэлэмнэригэр олоро үөрэнэн бэйэмсэҕэ улахан буолан хааларыттан аймахтар, омук сайдыыларыгар тугунан да көмөлөспөт, баар бэлэми эрэ туһанааччы буола улаатарын тэҥэ, тулуура, туттунар күүһэ суоҕуттан сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэрэ элбиир.
2. Көйгө оҕо. Үлэлии үөрэнии эрэйдээх. Бу эрэйдэри тулуйдахха, кыайдахха эрэ үлэлии үөрэнии кыаллар. Көйгө оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэлии-хамсыы үөрэммититтэн, тулуура, өһөс санаата улаханыттан элбэхтик, барыстаахтык үлэлээн, ыал олоҕун эрэйдэрин тулуйан аймахтары, омугу сайыннарар кыахтанар.
Сэбиэскэй былаас саҥа “коммунизм” таҥаратын үөскэтэн дьон өйүгэр-санаатыгар киллэрээри атын өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоро, туората сатаабыта. Көйгө оҕо диэни “куһаҕан” диэн дьаралыктаан кэбиһэннэр оҕолор атаахтык иитиллэллэрэ элбээбитэ. Ону тэҥэ “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн сыыһа ыҥырыыны туһанан оҕолору бэлэмҥэ үөрэтии улааппыта. Бу халыйыылар дьайыыларыттан эдэрдэр үлэни кыайан үлэлээбэттэрэ үөскээбититтэн сэбиэскэй былаас бэйэтэ эстибитэ.
1991 сыллаахха “перестройка” хамсааһына кыайыыны ситиһэн, дьон өйүн-санаатын хаайа сылдьыы тохтообутун, уурайбытын кэнниттэн, аны “көҥүлүнэн барар” санаалара элбээбитэ, араас таҥара үөрэхтэрин тутуһуу аһара барбыта, саҥаны айыыны оҥоро, билэ-көрө сатааһын, солумсаҕырыы сайдан тахсыбыта. Бу аһара барар санаалар билигин 2020 сыллаахха да кыччыы, аҕыйыы иликтэр.
Бу быһаарыы дакаастабылынан “айыы үөрэҕэ” диэн сымыйа үөрэх ырыынак да кэмигэр хаала, туоратылла илигэ буолар. Бу сымыйа үөрэх тохтотулла илигэ саха дьоно айыыны оҥорор, ол аата сиэри кэһэр, киһи быһыытын тутуспат санааларын тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар улаатыннаралларын биллэрэр.
Билигин салайар былаастар ыгыыларын, хаайыыларын күүһүнэн, көмөтүнэн коронавирус хаайыытыгар олоро үөрэнэннэр, дьон аһара барарга, солумсаҕыра сылдьарга үөрэнэн хаалбыттарын аҕыйатар кыахтара улаатта.
“Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн өс хоһоонун төрөппүттэр туттубаттарыттан билигин киһи быһыытын аһара барааччылар, “айыы үчүгэй” диэн этээччилэр, албын, минньигэс саҥалара элбэҕиттэн көрсүө, сэмэй, үлэһит дьону лаппа баһыйалларыттан, көрсүө, сэмэй буолуу туттуллубакка, хаалан сылдьарыттан кыайыылаах үлэһиттэр элбии иликтэр.
“Аһара барыма, киһи быһыытын тутус” диэн сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕэ этэр. Бу таҥара үөрэҕин тутуһар туһугар киһи бэйэтин баҕа санаатынан, тулуурунан, туттунар күүһүнэн аһара барар быстах, этин-сиинин санааларыттан аккаастаннаҕына, хааллардаҕына эрэ сиэри, киһи быһыытын аһара барбата табыллар. Киһи быһыытын, сиэри аһара барары Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ боборуттан, тохтоторуттан аһара бара сатааччылар, киһи быһыытын тутуспаттар элбээннэр, бу таҥара үөрэҕэ олоххо киирэ илик.
Сиэри, сахалыы таҥара үөрэҕин үөрэҕин тутуспатахха сыыһа-халты туттунуу үөскүүрүттэн иэстэбил, таҥара накааһа тиийэн кэлэрин үөрэхтэммит да дьон билэн, сэрэниэхтэрэ этэ. “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этиини киһи тутуспатаҕына сыыһа-халты туттунуу үөскүүрүттэн таҥара накааһа, иэстэбил тиийэн кэлэр.
Араас эмтэммэт ыарыылаах, кыайан, табан хамсаммат оҕолор төрөөһүннэрэ элбээһинэ кыргыттар эргэ барыахтарын иннинэ араас эр дьону кытта сылдьыһан буор куту буккуйалларыттан буолар. Ыарыһах оҕо төрөөһүнэ көҥүлүнэн барыы иэстэбилэ буолар.
Оҕо улаатан иһэн төрөппүттэрин көмөлөрүнэн, ыйан, этэн биэриилэринэн, үтүгүннэрэн үөрэтиилэринэн тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорору баһылааһына, ол аата киһи буолууну ситиһиитэ буолар. Онтон салгыы киһи быһыылаахтык олоҕун олоруута аһара барар өйүн-санаатын хааччахтыы сырыттаҕына эрэ кыаллар. Өй-санаа бу хааччаҕа сиэри үөскэтэрин сахалар бары тутуһаллар.
Сэбиэскэй былаас эстибитин кэнниттэн киһи быһыытын аһара барааччылар элбээбиттэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕэ өссө да тарҕана илик. Оҕону иитии, үөрэтии атаахтатыы, киһиргэтии өттүгэр халыйан сылдьарыттан ханнык да үлэ-хамнас кыаллыбат кэмигэр киирэн хаалан баран, кыайан онтон тахсыбакка олоробут.
Киһиэхэ үтүө, үчүгэй, олоххо туһалаах баҕа санаалары иҥэрэн биэриини таҥара үөрэҕэ оҥорор. Ким даҕаны сыыһа-халты туттунуом суоҕа диэн быһа этинэрэ табыллыбат. Ол курдук киһи биирдэ эмэтэ сыыһа-халты туттунан кэбиһэрэ куһаҕан быһыыны оҥороругар тириэрдэн бары үчүгэйи оҥорбутун сотон кэбиһиэн сөп. “Ложка дегтя портит бочку меда” диэн өс хоһооно ити быһаарыыны бигэргэтэр.
Оҕону көрсүө, сэмэй буолууга иитии диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ биэрэр көмөтө буолар. Көрсүө, сэмэй буолуу туһатын бу кэмнээҕи төрөппүттэр өй-санаа үөрэҕин билбэттэриттэн туһата суох курдук саныыллар. Оҕо туоратылла, баттана сылдьыа диэн урутаан түһэ сатыыр төрөппүттэр сыыһа санааҕа киирэн сылдьаллар. Кинилэр быстах санааларыгар оҕолоро харса-хабыра суох буоллахтарына, туохха барытыгар урутаан түһэн истэхтэринэ, ким да атаҕастаабата, онтуларын-мантыларын былдьаабата сөп курдук.
Ону баара оҕо харса-хабыра суоҕа, аһара барар санаата элбээһинэ бэйэтэ сыыһа-халты туттунарын элбэтэн, быстах быһыыга түбэһэрин үксэтэрэ ордук улахан куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Бу этиини “Не лезь вперед батьки в пекло” диэн өс хоһооно дакаастыыр. Ону тэҥэ ону-маны, саҥаны айыыны оҥорууга бастаан иһээччи эрэйгэ тэбиллэрэ, сыыһа-халты туттунууга түбэһэрэ былыргыттан биллэр. Сахалар өй-санаа бу уратытын билэн оҕолору "Айыы диэмэ", "Айыыны оҥорума" диэн этэн көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэллэр.
Саха дьоно көрсүө, сэмэй буолуу аймахтар, омук ахсааннарын элбэтэрин, ханнык баҕарар үлэни кыайыыга, ситиһиигэ тириэрдэрин билэллэр. Көрсүө, сэмэй оҕо сыыһа-халты туттунара биир эмэ буолар, үлэни кыайарыгар тулуурдааҕа, өһөс санаалааҕа, үлэлии үөрэммитэ туһалыыр, ыал буоллаҕына олох ыарахаттарын тулуйар күүһэ улаханыттан арахсыыны үөскэтэрэ аҕыйыыр.
Кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара үлэни кыайыы-хотуу, көйгө буолуу диэки хайысханы туттустаҕына, омук сайдыыны ситиһэр кыаҕа улаатар. (2,73).
Туһаныллыбыт литература.
1. Боло С.И. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. – Якутск: Нац.кн. изд-во “Бичик”, 1994. – 352 с.
2. Каженкин Иван Иванович. Ыал буолуу үгэстэрэ / Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.