Кыhыл оҕону көрүү
УРУБИИКИ: Холбуурга сирэйгэ туһааннаах суругу эбэн кулу. Итини таһынан, бука диэн, көннөрүү историятын тургут. |
Киирии
Күн сирин саңа кɵрбут кыһыл оҔо доруобай туруктаах улаатарын туһугар кэмин тутуһан аһатыы, таңаһын-сабын, туттуллар малы-салы ыраастык тутуу улахан суолталаах.
Оҕону көрүү-харайыы
Ийэ о5отунаан төруур дьиэттэн тахсарыгар дьиэ сууйуллубут, салгылатыллыбыт буолуохтаах. ОҔо сытар ороно ыраас салгыннаах сырдык хоско туруохтаах. Манна элбэх мал-сал, тээбирин туруо суохтаах. Таңас-сап сууйар-сахсыйар, табах тардар, элбэх дьону мунньар сатаммат. Хоһу куңңэ хаста да салгылатар ордук. Саңа төрөөбут оҔо таңаһа: 15-20 чараас, 5-6 халын суу, 15 чараас уонна халың ырбаахы, чараас уонна истээх суорҔан, бырастыына. Таңаһы туттуох иннинэ сууйан өтүүктэниллиэхтээх. Бастакы күнүттэн ыла илиитин босхо сырытыннарар үчүгэй, оччоҔо кини илиитин хамсатан аралдьыйар. ОҔо ороно оһох, батарея, түннүк аттыгар туруо суохтаах. Орон икки өртүнэн аһа5ас буолара ордук. ОччоҔо ыраас салгын, сырдык оҔоҔо киирэр. ОҔо киинин бааһа бастакы икки нэдиэлэ устата оһор. Бу кэмңэ оҔону сууннарбаккын. Киинэ оһо илик оҔо таңаһа ыраас, өтүүктээх буолуохтаах. Бааһы дириңник хаһан ыраастыыр, хаҔылыыр сатаммат. Инфекция киириэн сөп. Өскөтүн сиигирэр, симэһиннирэр буоллаҔына булгуччу бырааска көрдөрүөхтээххин. ОҔо тэллэҔэ кытаанах, сыттыга чараас буолуохтаах. Бу уңуо5а көнөтук, сөпкө улаатарыгар туһалаах. ОҔо илиитин мыыланан сууйаллар, тыңыра5ын сотору-сотору кырыйар ордук. Итии дьиэҔэ оҔоҔо бэргэһэ кэтэрдиллибэт, дьиэ 20 кыраадыстан тымныы буоллаҔына эрэ кэтэрдиэххэ сөп. ОҔо сөптөөхтук сайдарыгар оонньуур улахан суолталаах. Тутарыгар-хабарыгар чэпчэки, тупсаҔай дьүһүннээх оонньуур ордук. ОҔо күлэрэ-үөрэрэ кини үчүгэйдик аһыырыгар, ыарыыга утарылаһарыгар улахан тирэх буолар. ОҔо кыратыттан тыаһы, улахан саңаны истэр. Улаатан истэ5ин аайы саңаны араран билэр буолар. Ол иһин, бастаан нарын куолаһынанкэпсэтэр ордук. ОҔо күлэрэ - үөрэрэ кини үчүгэйдик аһыырыгар, ыарыыга утарылаһарыгар улахан тирэх буолар. Иккис ыйыттан саҔалаан оонньууру илиитинэн таарыйар курдук намыһах сиргэ ыйыныллар. ОччоҔо ороңңо сытан охсуолаан, хамсатан аралдьыйар. Төһөнөн эрдэ илиитинэн-атаҔынан үчүгэйдик хамсанар да, оччонон кини түргэнник оонньууру тутар буолар.
Түмүк
Онон оҔону бастакы күннүттэн саҔалаан кэми тутуһан аһатыы, сөптөөх имэрийии, гимнастика оңоруу, гигиена ирдэбилин тутуһуу кини чөл туруктаах, чэгиэн доруобуйалаах буоларыгар туһалаах.
Өссө маны көр
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |