Кыһыл муох тэллэйэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кыһыл муох тэллэйэ (лат. Xerocomus rubellus (Krombh.) Moser., нууч. Моховик красный) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр тэллэй.

Сэбирдэхтээх уонна бэс ойуурдарга үүнэр.

Оҥоһуутун ойуулааһын

Сэлээппэтэ: 2-9 см тиийэр, көппөҕөр, кураанах, бастаан түүлээх өнө ньуурдаах, онтон хайыта барар.
Туруупкалаах араҥата: саһархай, от куөхтүҥү.
Этэ: араҕас, көпсөркөй соҕус, өҥө алдьаттахха халлаан күөхтүҥү буолар.
Атаҕа: кытаанах, үөһэ модьуруур.

Хомуллар кэмэ

Бэс ыйабалаҕан ыйа.

Туттуллуута

Саһархай тэллэйдэртэн питательноһа намыһах. Маринуйдууллар, хатараллар, тууһууллар.