Кыра оҕону көрүү-истии ситимэ быстыыта

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олус былыргы уус идэлэрин оҕолоругар кыра эрдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан үлэҕэ үөрэтэн, такайан, уһуйан иҥэрэн биэрэн иһэллэриттэн билигин да уустар элбэхтэр. Бэйэлэрэ сахалыы саҥарар төрөппүттэр оҕолоро саҥа саҥаран эрдэҕиттэн сахалыы саҥарарга үөрэтэллэриттэн саха тылын билээччилэр ахсааннара эбиллэн иһэр.

Бу кэмҥэ диэри ыаллар элбэх оҕолоноллоруттан кыра оҕону көрүү-истии үөрэҕэ эбэлэртэн, ийэлэртэн улахан оҕолоругар быһаччы үтүктэн, батыһан үөрэниинэн бэриллэн иһэр этэ. Ыал улахан оҕото ийэтин эбэтэр эбэтин быһаччы ыйыытынан, көрдөрөн биэриитинэн, кинилэри үтүктэн кыра балыстарын, бырааттарын бэйэтэ, саҥа улаатан иһэн, көрөргө-истэргэ үөрэнэрэ, сатаан сааратара, оннук үгэстэри бэйэтэ иҥэринэрэ. Бу үөрэҕэ улаатан бэйэтэ оҕолонноҕуна оҕотун көрөрүгэр-истэригэр олус туһалыыра.

Оҕону кыра эрдэҕинэ хайдах көрбүттэн-истибиттэн, ииппиттэн өйө-санаата, майгына олус улахан тутулуктаахтарын билигин кут-сүр үөрэҕэ тарҕанан саҥа билэн эрэбит. Бу кэмҥэ оҕоҕо ийэ кута үөскээн олохсуйарын, үчүгэй үгэстэргэ үөрэнэн үчүгэй быһыылаах буола улаатарын кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.

Ыал биир оҕолоох буоллаҕына эбэтэр элбэх оҕоттон кыралара атаах соҕус буола иитиллэн хаалар уратылаах. Бу ураты өй-санаа аһара көрүүттэн-истииттэн, оҕо бары баҕатын төрөппүттэрэ эбэтэр улахан оҕолор толоро охсон иһиилэриттэн бэйэмсэҕэ үөскүүрэ эбиискэ дакаастабылга наадыйбат.

Сахалар үөрэхтэрэ оҕо атаах буола улааппатын туһугар “Оҕону бэйэҕин кытта тэҥнээн тут” диэн үөрэтэрин умнан сылдьабыт. Ол аата араас эбиискэ аһылык, минньигэс манньа, эҥин оҕоҕо кыратын эрэ быһыытынан бэриллэрин бэйэтигэр биллэриэххэ уонна хайаан да тутуһуохха, “Кыра оҕо эбиискэ аһылыга” диэн ааттаан биэрдэххэ улаатан иһэн оҕо бэйэтэ аккаастанар кыахтанар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ араас минньигэстэри сиэбэккэ эрэ улаатыан сөп. Хата тииһэ ыалдьыа суоҕа, бөҕө буолуо этэ. Кыра оҕону хатаҕалаатаҕа аатыран, оҕоҕо үчүгэй буола сатаан, араас минньигэһи аҕалан туспа тутан сиэтэ сатааһын мааныламмыт, ураты, “Мин туспабын”, “Уратыбын” диэн санаалаах киһини улаатыннарарыттан билигин эдэрдэр атаах буола иитиллэннэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута элбээтэ.

Оҕону көрүү-истии үөрэҕэ ийэтиттэн оҕотугар быһаччы, үтүгүннэрэн үөрэтиинэн бэриллэн иһиитэ дьахталлар хаста да оҕолоннохторуна эрэ ситиһиллэр кыахтаах уонна омук биир тэҥник сайдан иһэрин хааччыйыа этэ. Ийэ улахан оҕото, уонун саҥа ааһан баран, кэлин төрөөбүт кыра балтыларын, бырааттарын ийэтин көмөтүнэн, көрдөрөн, ыйан биэриитинэн туһанан көрө-истэ, харайа үөрэнэрэ кыра оҕону көрөр үөрэх быһаччы ийэтиттэн оҕотугар үгэс буолан бэриллэн иһэрин хааччыйар.

Ол аата улааппыт, өйүн-санаатын ситэн эрэр оҕо ийэтин көмөтүнэн кыра оҕону көрө-истэ үөрэнэрэ оҕо көрүүтүн үөрэҕэ быһаччы, төрөппүттэн оҕотугар үтүгүннэрэн үөрэтиинэн бэриллэн иһэрин үөскэтэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэтин көмөтүнэн, ыйыытынан көрө-харайа үөрэммэтэх эдэр киһи бэйэтэ оҕолонноҕуна оҕону көрөр-истэр кыаҕа кыччыыр, оннооҕор туга эмэ табыллыбакка ытаабыт оҕону кыайан саараппакка, аралдьыппакка минньигэһинэн албынныы сатаан атаахтаталлар эбэтэр ыган-хаайан бараллара элбиир.

Биһиэхэ бу ийэтиттэн оҕотугар быһаччы бэриллэр тутаах ситиммит быстан эрэр. Билигин сайдыыны ситиспит, үөрэхтээх дьон ыал, кэргэннии буолаат сылы сыллата, улааттаҕына икки оҕону төрөтөн баран, онон бүтэллэр. Оҕолоро кыһыл, кыра оҕо диэни букатын көрбөккө эрэ улааталлар, биирдэ эмэ киинэҕэ эрэ көрөр кыахтаналлар. Тэҥҥэ кэриэтэ улаатан иһэр оҕолоро кыһыл, кыра оҕо диэни көрбөккө, билбэккэ эрэ улааталлара кыра оҕону көрүү-истии, үөрэтии үөрэҕэ букатын умнулларыгар тириэрдэр буолла.

Оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигинэн 4 эбэтэр 5 сааһыгар диэри олоҕун ситэ өйдөөбөт, өйүгэр-санаатыгар туппат. Ол иһин бэйэтэ оччо сааһыгар диэри хайдах улааппытын төрөппүттэрэ эбэтэр атын дьон кэпсээннэриттэн эрэ быстах-остох билэригэр тиийэрэ өй-санаа уратыларын, олох уустуктарын үөскэтэр.

Кыра оҕо диэни көрбөккө улааппыт оҕо бэйэтэ оҕолонноҕуна кыра оҕо туһунан туох да билиитэ-көрүүтэ суох буоларыгар тиийэр. Аҥардастыы ханнык эрэ арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр суруйууларын ааҕа сатаатаҕына даҕаны, бэйэтэ тутан-хабан боруобалаабатах, үтүктэн үөрэммэтэх суола буоларынан, кыайа-хото сатаабат, оҕотун иитиини дьаалатынан ыытар, куһаҕаны оҥордоҕуна тохтото, өйдөтө сатаабат, маннык оҥордоххо үчүгэй буолуо диэн хос-хос оҥотторон үөрэппэт, аҥардастыы аһатар-таҥыннарар, маанылыыр, киэргэтэр эрэ, иитии-үөрэтии туһугар кыһаллыбакка эрэ сылдьарыттан атаахтатан кэбиһэр. Ол иһин аныгы төрөппүттэр аҥардастыы кыра оҕо бары баҕа санаатын толоро сатааннар атаахтатан, аһара маанылаан кэбиһэллэрэ элбээн хаалар буолла. Итини тэҥэ оҕо кыра эрдэҕинэ аан бастаан бэрээдэккэ, үчүгэй үгэстэргэ киһилии быһыылары оҥорууга үөрэниэхтээҕин, олору үгэс, үөрүйэх оҥостуохтааҕын туһунан букатын да умнан, ийэ кутун ииппэккэ эрэ улаатыннаран кэбиһэр буоллулар.

Оҕо иитиитигэр эрбэхтэн эмэн оҥоруллубут “айыы үөрэҕэ” оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн сымыйанан этэрэ ордук улахан куһаҕаны оҥорор буолла. Бу сыыһа үөрэҕи төрөппүттэр туруорсан тохтоттохторуна эрэ табыллар. Ону тэҥэ, айыы буолуу диэн өйдөбүл киһи өллөҕүнэ тиийэн кэлэриттэн сэрэнии эрэйиллэр.

Ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга кыра эрдэҕинэ иитиллибэтэх оҕо биирдэ эмэ итирэн эҥин, салгын кута көтөн, ийэ кутун баһылаан салайар кэмигэр киирдэҕинэ, атаахтыы үөрэммитэ тардан киһи быһыытыттан таһынан барар быһыылары оҥорон кэбиһиэн сөп.

Аныгы дьахталлар биирдэ эмэ оҕолоноллоро кыра оҕону көрүү-истии аҥардастыы атаахтатыы, харыстааһын, маанылааһын өттүгэр халыйан хаалыытын үөскэтэринэн туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэри улаатыннарарынан омук эстэн, симэлийэн барыытыгар тириэрдиэн сөп. Итини тэҥэ ыал биир эмэ оҕото бэйэтэ оҕолонноҕуна көрөр-истэр, иитэр-үөрэтэр кыаҕа кыратыттан оҕотун өссө атаахтатан, маанылаан кэбиһэригэр тириэрдэрэ омук эстиитэ, симэлийиитэ түргэтииригэр тириэрдэр.

Кыра оҕону көрүү-истии, барыга бары үөрэтии кыра да буоллар олус суолталаах билиилэри эрэйэр. Аһыырга ньуосканы тута үөрэтии хайа илиитин уруттаан хамсата үөрэтиититтэн ордук тутулуктаах. Ол аата оҕо уҥа илиитигэр ньуосканы туттара үөрэттэххэ, ол илиитинэн урутаан туттарга үөрэнэрэ, аан бастаан тугу билбитэ-көрбүтэ олус күүскэ өйдөнөн, иҥэн хаалар уратытын быһаарар. Бу быһаарыыны төрөппүттэр таба туһаныахтарын, оҕолорун үчүгэй быһыылары кыра эрдэҕиттэн оҥотторо үөрэтиэхтэрин сөп этэ.

Оҕо ийэ кутун иитии сахалар киһи таҥараларын үөрэҕин тутустахха, биллэххэ эрэ кыаллар кыахтаах. Бу биһиги сахалар ураты билиибит. Ол иһин атын омуктарга холоотоххо олус уһун үйэни ситиһэн олоробут. Бу билиини туһаныыттан туруктаах өйдөөх-санаалаах эдэр киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарар кыах улаатарын төрөппүттэр таба өйдүөхтэрэ, кэлэр көлүөнэлэрин туһугар кыһаныахтара этэ.

Оҕону иитии, көрүү-истии ситимэ быстан эрэрин эдэр дьахталлар бэйэлэрэ эрэ оннугар түһэрэр кыахтаахтар. Кинилэр өй-санаа оҕолорго, кэлэр көлүөнэлэргэ хайдах көрүҥнээхтик бэриллэрин билэн, олохторугар туһанан, улаатан эрэр оҕолоругар кыра оҕону төрөтөн, кинини көрдөрөн, туттаран-хаптаран үөрэтэллэрэ эрэйиллэр.

Омук тыла уонна өйө-санаата аан бастаан дьахталлартан тутуллар диэн этиини биһиги тутуһабыт. Ол аата оҕо аан бастакы саҥарар тылларын ийэтин эбэтэр эбэтин көмөтүнэн, кинилэри үтүктэн үөрэнэр. Ол иһин дьахталлар оҕолорун атын омук тылынан саҥарда үөрэппэтэхтэринэ эбэтэр бэйэлэрэ атын омук буола сатаабатахтарына саха тыла сүтүө суоҕа. Итини тэҥэ өй-санаа төрүттэрин, сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэхтэрин тутуһарыгар оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтэ эбэтэр эбэтэ иитэр, үөрэтэр кыахтара улаханын туһаныахпыт этэ.

Оҕо ийэ кутун иитии, үөрэтии, саха тылын уонна сахалыы өйү-санааны харыстааһын дьахталларбыт барахсаттартан ордук улахан тутулуктааҕын билинэннэр, киһилии быһыылаах, үчүгэй майгылаах үлэһит оҕолору иитэн улаатыннарарга, тылбытын сайыннарарга, уһун үйэлииргэ уонна өйбүтүн-санаабытын харыстыырга бары кыахтарын ууруо этилэр. (1,127).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Оҕо өйө-санаата сайдыыта / И.И.Каженкин- Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.

Өссө маны көр