Кыра оҕону иитии, үөрэтии
Кыра оҕону иитии, үөрэтии диэн үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии, ийэ кутун иитии ааттанар.
Билигин сахаларга арҕааҥҥы омуктар оҕону үөрэтэр ньымаларын киллэрии бара турар. Үгүс дьоҥҥо оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтэн эрэйдэммэккэ эрэ оонньото сылдьыахха сөп диэн сыыһа өйдөбүл киирэн сылдьар. Итиннэ эбии үгүс дьадаҥы дьон оҕолоро бэйэлэрин курдук хара үлэһит буолуохтарын баҕарбаттар. Кинилэр санааларыгар оҕолоро үөрэхтээх киһи буоларыгар илии ыарахан үлэтин үлэлии үөрэнэрэ төрүт да наадата суох, арай үөрэхтээх буолар наадаҕа кинигэни эрэ элбэхтик ааҕар буоллаҕына сөп буолуох курдук.
Киһи оҕотун бэйэтин олоҕуттан атын олоххо үөрэтэрэ ураты уустук, ардыгар кыаллымыан да сөп. Арай оҕотун аан маҥнай бэйэтин олоҕун үгэстэригэр, үлэтигэр, хамнаһыгар үөрэтэн баран, салгыы атын олоххо үөрэтэрэ оруннаах диэн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Оҕо төрөппүтүн олоҕун аан маҥнай билэн-көрөн баһылаан баран салгыы сайыннаҕына өйө-санаата туруктаах, тирэхтээх буолар.
Киһи бэйэтин олоҕо уонна оҕотун туохха үөрэтэрэ сөп түбэспэт, бэйэ-бэйэлэрин утарса сылдьар буоллахтарына, оҕо иитиитэ буккуллар, сүнньүн сүтэрэр. Эдэр дьон олохсуйбут үгэстэргэ үөрэнэллэрэ суох буолан, быстах санааларыгар бас бэринэллэрэ элбиир. Араас революциялар, перестройкалар дьон олоҕун оҥкулун эмискэ уларытаннар эдэр көлүөнэни иитэр-үөрэтэр үлэни төрдүттэн суох оҥорон, уларыта туталлар.
Саха дьоно ыал буолан оҕо төрөтөллөрүгэр аймахтарын төрүччүлэрин дириҥник ырытан көрөллөрө. Бу үөрэтии ураты наадалаах. Былыргы саха дьонун «Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй» диэн өс хоһоонноро кэргэҥҥин ыраахтан ыл диэни чуолкайдык быһаарар. Омук доруобуйата бөҕө буолуутугар тус-туспа хааннаах дьон холбоһуулара улахан туһалааҕын уонна наадалааҕын оннооҕор наука дакаастаан турар.
Киһи өйө-санаата сайдыыта хайдах иитиллибититтэн ордук тутулуктааҕын дакаастыыр көстүүнэн былыр «оҕо турбат» баай дьоно оҕолорун саҥа төрүүрүн кытта хотон түннүгүнэн атын ыалга биэрэн ииттэрэллэрэ буолар. Бу оҕо улаатан иһэн ииппит дьадаҥы дьонун өйдөрүн-санааларын иҥэринэр, кинилэр курдук өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатар.
Дьадаҥы ыалга иитиллибит оҕо өйүгэр-санаатыгар ииппит дьонун сабыдыаллара олус улахан буоларын саха суруйааччылара бэлиэтииллэр. Иннокентий Семенов «Дьулуур» диэн ахтыы-сэһэнигэр Мөхөлүөп Мэхээлэ улаатан киһи-хара буолуута, өйө-санаата уһуктуута кэпсэнэр. Дьадаҥы Бөдьөө Дьөгүөссэҕэ уонна Ааныкаҕа иитиллибит Мэхээчэ өйө-санаата, олох туһунан толкуйа төрөппүт аҕатын өйүгэр-санаатыгар ханан да сөп түбэспэт, сорох өрүттэринэн өссө утары буолан хаалар. (1,3).
Сэһэн Боло — Дьячковскай Дмитрий Иванович революция быдан иннинэ быыбарынай кулуба киһиттэн төрөөн баран, биллибэт-көстүбэт таайдарыгар улаатыар диэри иитиллибит. Революция дьалхааннаах кэмнэригэр Сэһэн Боло баай дьонун өйдөрүнэн-санааларынан барбатаҕын кини кэнники кэмнээҕи үлэтэ-хамнаһа толору көрдөрөн дакаастыыр. (2,5).
Дьадаҥы, үлэһит дьоҥҥо иитиллибит оҕо өйүгэр-санаатыгар аан маҥнай иҥэриммит өйдөбүллэрэ, ол аата дьонун аһыныгас майгылара, киһилии өйдөрө-санаалара олус дириҥник иҥэн хаалбыта кинилэр салгыы олохторугар дьайыыта үлэһиттэр диэки буолууларыгар тириэрдибит.
Атын дойдуларга оҕону кыра эрдэҕинэ бөрө дуу эбэтэр атын кыыл булан ииппит түбэлтэлэрэ биллэллэр. Итинник иитиллэн улааппыт оҕолор ииппит кыылларын майгыларын ылынар, туттууларын-хаптыыларын үтүктэр уонна саҥаралларын курдук саҥарар буолан хаалаллар эбит. Кыра эрдэхтэринэ кыыллары көрөн, үтүктэн үөрэммит үөрэхтэрэ олус күүскэ иҥэн, улааттахтарына даҕаны кыыл курдук майгыларын кыайан бырахпаттар, киһилии туран хаама сылдьар буолуулара уустугурар. (3,12).
Оҕо төрүт өйө-санаата кыра эрдэҕинэ чочуллан, ситэн-хотон, кэлин ханнык да үөрэх киирбитин иһин саҥалыы уларыйара олус уустук, ыарахан буолар. Сахалар былыргыттан оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтии өйүгэр-санаатыгар олус дириҥник иҥэрин бэлиэтииллэр.
Кыра оҕону үөрэтии туспа уратылардааҕын билэннэр былыргы сахалар оҕолорун бэйэлэрэ эрэ көрөллөр-истэллэр, туспа дьоҥҥо мээлэ көрдөрбөттөр, тыыттарбаттар. Маны барытын оҕо өйүн-санаатын харыстыыртан оҥороллор. Оннооҕор кыыс оҕолорун букатын даҕаны «Хара харахтаах көрбөтүнэн» иитэн-үөрэтэн улаатыннараллар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ураты харыстаан, атын дьонунан оҕо өйүн-санаатын буккуттарбакка, чахчы бэйэлэрин курдук өйдөөх-санаалаах киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннараллар этэ.
Эдэр көлүөнэ ыччаты уопсай детсад көрүүтэ-истиитэ буорту оҥорор. Элбэх оҕолору барыларын холбуу үүрэ сылдьан ону-маны оҥотторуу кинилэри күүһүлээһиҥҥэ үөрэтэр. Бары онно бардылар даҕаны, оҕо эмиэ хайаан да барыахтааҕын туһунан өйдөбүлгэ үөрэтии ыытыллар. Ыллаабат оҕону ыллатыы, сүүрбэти сүүрдүү барыта ыгааһын түмүгэр оҥоруллар. Былыргы казарменнай «социализм» кэмин саҕана бары биир киһи курдук буолар туһунан өйдөбүл баар эрдэҕинэ итинник үөрэтии олох ирдэбилэ буолар этэ.
Уопсай детсад оҕолору көрүүтэ уол оҕолору хам баттыырга хайысхалаах. Уол оҕону куруук дьахталларга көрдөрүү кинилэргэ бас бэриммит киһини улаатынннарар, бэйэлэрэ тугу да быһаарар кыахтара суох буоларыгар олук ууруллар.
Былыргы дьон кыра оҕолорун көрүүгэ-истиигэ олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһаллар. Kыра оҕону үөрэтиигэ биир алҕас этиллибит тыл ураты улахан суолталаах буолан тахсарын холобурдары аҕалан дакаастанар.
Суоппардыы сылдьан ыалга эбиэт буһарын кэтэһэ таарыйа саҥардыы тылланан эрэр кыра уолу кытта билсистим. Оонньоон муннун баттыы-баттыы «пиип-пиип» диэбиппэр олус сөбүлээн, кэлэ-кэлэ муннун тоһуйан биэрэр буолла. Дьиэлээхтэр оҕолорун үөрэтэллэрэ олус хойутаан иһэр быһыылаах. «Бу кулгаах»,- диэн тардыалаабыппар дьэ билэн, үөрэнэ оҕуста. Кулгааҕын тарда-тарда «Бу кулгаах» диир буолла. Урут үөрэммэтэх буолан, үтүктэн иһэрэ түргэниттэн мин дьиибэлэниэх санаам киирдэ. Оонньуу курдук илиититтэн тардыалаан баран «Бу атах» диэн ааттаан кэбистим. «Доо, атаххын аҕал эрэ»,- диэтэхпинэ, үөрэ-үөрэ илиитин биэрэн иһэр буолла. Биһиги кэпсэтэр көрбүтүн дьиэлээхтэр көр-күлүү курдук истэ сырыттылар.
Чэйдээн бүтүүгэ оҕо ийэтэ «Атах» диэни сөбүлээбэккэ, көннөрөн «Илии, диэ»,- диэн хаста да этэн көрө сырытта. Онтуката баара хата оҕото илиитин былдьаан ылыахтарыттан харыстыыр курдук хам тутан баран: «Атах, атах»,- дии-дии куота сүүрэ сылдьар буолла.
Оҕо ханнык баҕарар билиитин бэйэтин итэҕэйэр дьонуттан уруттаан ылан иһэрэ ордук буолуохтааҕын бу холобур дакаастыыр. Аан маҥнай билбит билиитэ-көрүүтэ оҕо өйүгэр-санаатыгар олус күүскэ хатанан иһэр. Аан маҥнай хаҥас илиитинэн ньуосканы тута үөрэммит оҕону уҥа илиитинэн туттар буолуутугар көннөрөн үөрэтии лаппа уустугуран тахсар. Ону көннөрүүгэ олус уһуннук дьаныһан туран дьарыктаннаххына, саҥа билиитэ үгэс буолан иҥнэҕинэ эрэ кыайыллар.
Кыра уол куоракка барсыан аһара баҕаран айаннаары хомуна сырыттахпына аттыбыттан арахпат. Хайдах эрэ тэйэ түстүн дии санааммын: «Чэ, мааны таҥаскын таҥыннаххына баҕар илдьиэм»,- диэн кэбистим.
Чэйдии олорон киһибитин олох да умнан кэбистибит. Арай сөп-сөп сүүрэн кэлэн ийэтиттэн тугу эрэ ыйытар уонна хоско киирэн хаалар. Айаннаары бэлэмнэнэн, арахсарга илии тутуһуутун кэнниттэн кыра уолбут хостон бу тахсан кэллэ. Туох баар мааны таҥаһын барытын кэппит, сороҕун илиитигэр туппут, адьас барсардыы көрүҥнэммит.
Оонньоон эппитим оҕус буолбутуттан мин соһуйан хааллым. Киһим чахчы кырдьыктанан субу барсардыы оҥостубут. Мин диэн баара дуо, дьоно өссө соһуйдулар. «Оо, бараргын дьоҥҥор эппэтэххин дии»,- диэммин сымыйыаччы буолумаары аһарына сатаатым. Киһилэрин нэһиилэ тутан хааллардылар. Ытаһыы, айдаан атаарыылаах айаҥҥа хоҥуннубут.
Оҕо итэҕэйэр киһитин соҕотох да этиитин ыраас мууска ылынан кэбиһэр. Онтон ону көннөрүү ордук улахан эрэйдээҕин ити холобурдар көрдөрөллөр. Бу холобурдар оҕону кыра диэн албыннаабакка, киһилии майгыга олохтоохтук, сыыһа-халты саҥарбакка үөрэтиллиэхтээҕин көрдөрөллөр, оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтии олус сэрэхтээхтик, өйүн-санаатын ураты харыстаан оҥоруллуохтааҕын эмиэ дакаастыыллар.
Төрөппүттэр санааларыгар бэйэлэрин кыра эрдэхтэринээҕи өйдөбүллэрэ оскуолаҕа киириэхтэрин эрэ инниттэн саҕаланар. Ол иһин кинилэр бэйэлэрэ кыра оҕо буолан сылдьыбыт кэмнэрин билбэттэр, дьоннорун кэпсээннэриттэн эрэ истэллэр. Бу санааларыттан оҕолорун кыра эрдэхтэринэ эмиэ албынныы сылдьыахха сөп курдук саныыллар. Ол иһин «Кыра оҕо өйдөөбөт», - диэн этиинэн салайтараллар.
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута үөскээн өйө-санаата олохсуйар диэн быһаарар. Бу кэмҥэ чиҥник, чиэһинэйдик, албыннаабакка, бэрээдэктээхтик иитиллибит оҕолортон өйдөрө-санаалара туруктаах, тулуурдаах дьон улаатан тахсаллар. Туруктаах өй-санаа диэн сахалар билэллринэн хаһан да халбаҥнаабат, сыыһа-халты туттубат өй-санаа буолар.
Билигин биһиги төрөппүттэрбитигэр оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата туруга суох буолан ылар кэмэ кэлэр диэн өйдөбүл иҥэн сылдьар. Бу өйдөбүл нууччалартан киирбит буолан, наукаҕа чугаһатан «Переходная возрасть» диэн тупсаран ааттыыллар.
Кэнники кэмҥэ оҕо улаатан этэ-сиинэ ситэн барыытыгар өйө-санаата уларыйар кэмин итинник туспа араарар буоллулар. Былыргы сахаларга оҕо улаатыытыттан өйө-санаата тосту уларыйар диэн үөрэх баара биллибэт. Ол барыта урукку кэмҥэ сахалар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн киһилии, чиҥник үөрэтэннэр өйө-санаата этин-сиинин сайдыытын эрдэлээн иһэрин ситиһэллэриттэн буолар.
Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдыыта этин-сиинин ситиититтэн эрдэлээн иһэр буоллаҕына, этин-сиинин уларыйыыларыгар өйө-санаата бэлэмнээх буолан, улаханнык оҕустарбакка эрэ аһарар. Былыргы сахалар оҕолоро өйдөрүн-санааларын сайдыылара эттэрин-сииннэрин ситиитигэр сөп түбэһэр буоланнар кэргэн буолар кэмнэрин улаханнык аһарбакка эрэ, ыал буолууларын ситиһэллэр этэ. Бу быһыы ордук кыыс оҕолорго сыһыаннаах буоларын «Тыс үтүлүгүнэн бырахтахха уйар буоллаҕына, кыыс оҕо эргэ тахсар кыахтанар» диэн этиилэрэ бигэргэтэр. Урукку кэмҥэ кыыс оҕо этэ-сиинэ ситиитин кытта эргэ тахсара хааччахтаммат этэ.
Оҕо этин-сиинин сайдыыта өйүн-санаатын, билиитин таһымын эрдэлээн хааллаҕына итинник «Переходная возрасть» диэн түргэнник уларыйыы кэмин охсуутугар киирэр. Төрөппүттэр оҕолорун өйүн-санаатын сатаан ииппэккэ, этэ-сиинэ улаатыытыттан хаалларан кэбиһэн баран бу кэми буккуллан ылар кэмэ диэн ааттыыллар.
Оҕо улаатан бэйэтэ улахан киһи буолан барыытыгар этэ-сиинэ уларыйан эмиэ ситэр, хотор. Улахан киһи буолбут эт-сиин көрдөбүллэрэ уларыйаллар. Бу эт-сиин уларыйыытыттан өй-санаа хаалан хаалыа суохтаах. Ол барыта төрөппүттэр оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, кинилэр санааларыттан олус тутулуктаах.
Аныгы бэйэлэрин билиммит төрөппүттэр ордук бэйэмсэх өйдөөх-санаалаах буоллахтарына, оҕолорун ордук кыра оҕо курдук саныыллар. Кинилэр санааларыгар оҕолоро куруук кыра, тугу да быһааран билбэт, куруук көрө-истэ сырыттахтарына эрэ сатанар курдук. Кыра оҕо бэҕэһээ туох буолбутун умнан кэбиһэринэн туһанан хаһан баҕарар албынныы сылдьыахха сөп курдук саныы үөрэммиттэрин букатын уларытыахтарын баҕарбаттар. Маннык быһыы оҕо өйүн-санаатын, кут-сүр үөрэҕин ситэ билбэттэн үөскээн тахсар.
Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһи өйүн-санаатын икки аҥы арааран, бу өйдөр-санаалар тус-туспа буоланнар киһиэхэ дьайыылара эмиэ икки аҥыларын билинэр. Кыра оҕону бэйэтэ өйдөөбөтүнэн туһанан куруук албынныы сырыттахха, «Төрөппүтүм албын» диэн өйдөбүлэ ийэ кутугар иҥэн хаалар буолан, кэлин улаатан баран ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, таһыгар тахсан биллэр. Онтон киһи өйө көтөн, өйө баайыллан ылар кэмнэрэ биир эмэ түбэлтэҕэ син-биир тахсаллар. Бу кэмҥэ киһи ийэ кутун өйүнэн-санаатынан салаллар. Ол иһин төрөппүтүн кытта тапсыбат буолуута арыллан тахсар. Ийэ кутун дьайыытынан улаатан иһэн төрөппүттэрин кытта сөпсөспөт буолуута ордук күүһүрэр.
Оҕо улаатан иһэн, бэйэтин өйө-санаата сайдан, төрөппүттэрин көрүүлэриттэн-истиилэриттэн босхолоно түһүөн баҕарар. Эмиэ бэйэтэ билэр сирдэригэр сылдьа да түһүөн, атын табаарыстарыттан хаалсан хаалымыан баҕара санаата элбэхтик киирэр буолар. Этэ-сиинэ ситэн-хотон барыыта кинини бэйэтин улахан киһиэхэ кубулутан иһэр. Өйө-санаата этин-сиинин кытта хаалсыбакка уларыйан иһиитин төрөппүттэрин бобуулара, көрүүлэрэ-истиилэрэ уонна ситэ үөрэппэттэрэ хааччахтыыр. Эт-сиин ситэрин кытта тэҥҥэ оҕо улахан киһи оҥорор бары быһыыларыттан хаалсымыан баҕарар санаата күүһүрэн иһэрин толорорго дьулуһар.
Улаатан иһэр оҕо бэйэтин улахан киһинэн билинэр буолуута өйө-санаата ситиитигэр туһалыыр. Төрөппүттэр оҕолорун сөптөөхтүк ииппит уонна үөрэппит буоллахтарына бу кэм ханнык да улахан хамсааһына суох салгыы баран иһэр.
Төрөппүттэр оҕолорун улаатан, өйө-санаата уларыйан барыытын аахсыбат буолууларыттан уонна кыра эрдэҕинэ элбэхтик сымыйалыы сылдьыбыттара арыллан хаалыытыттан оҕолоро кинилэри итэҕэйбэт буолуута үөскүүр. Оҕо өйүгэр-санаатыгар төрөппүттэр мөлтөх өрүттэрэ арыллан тахсыытыттан албынныы сылдьыбыттарын билэн олус улаханнык хомойор.
Биһиэхэ оҕо кыра эрдэҕинэ үгүстүк албыннаан, сымыйалаан уонна манньалаан үөрэтии сайынна. Куруук аптаах, албын остуоруйалары, сымыйа кэпсээннэри оҕолоругар кэпсээннэр оҕолоро аны, ол кэпсээннэрин итэҕэйэр буола улааталлар. Кыра эрдэҕинэ куруук сымыйалыы, албынныы сылдьыбыттарын оҕолоро улаатан иһэн син-биир билэр. Төрөппүттэрин итэҕэйбэт, эрэммэт буолуута үөскүүр, кэлин улаатан иһэн тапсыбат буолара онтон саҕаланар.
Төрөппүттэр араас элбэх бобуулара барылара бэйэлэрин тустарыгар буоларын оҕо улаатан, өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ арааран билэр. Оҕо төрөппүтүн итэҕэйэр, эрэнэр буоларын туһугар хаһан да, тугу да сымыйалаабат, албыннаабат, балыйбат ордук. Туох эмэ кыаттарбат да түбэлтэтигэр оҕоҕо быһааран биэрдэххэ бэйэтин кыаҕынан барытын өйдүүр, ылынар. Сымыйалыы, албынныы үөрэппэтэххэ оҕо эһигини хаһан даҕаны албынныа, түһэн биэриэ суоҕа. (4,22).
Туһаныллыбыт литература.
1. «Чолбон» сурунаал. 2-с ньүөмэрэ, 1992 с.
2. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьокуускай: «Бичик» нац. кн. кыһата, 1994.- 352 с.
3. Газета «Якутия». 23 декабря 2000 год.
4. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: Бичик, 2004. - 128 с.