Кыраһа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кыраһа — саҥа түспүт чараас сыа хаар. Кырдал өрүс үрдүк хочотугар хотооллор, өнньүөстэр икки ардыларын батыһа барар 2—3 м үрдүктээх субурҕа сир ньуура[1].

Көмүк кыраһа - хойуутук, өлгөмнүк түһэр хаар. Түүмэх кыраһа - кыыдамнаан түһэр хаар. Үүт кыраһа - кыра кыырпахтаах хойуу тунаархай хаар[2].

Өссө маны көр

Быһаарыылар

  1. География Якутии: учеб. для 9-го кл. сред. шк./ И. И. Жирков [и др.]. — Якутск: Бичик, 2004. — 300, [1] с.: ил, карты; 20 см. — ISBN 5-7696-1049-2
  2. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта.V туом, Новосибирскай, Наука, 2008