Куһаҕан үгэс, үөрүйэх
Куһаҕан үгэс, үөрүйэх диэн киһи оҥорор куһаҕан быһыыларыттан өй-санаа үөскээн ийэ уонна буор куттары үөскэтэрэ ааттанар.
Дьон бары кэриэтэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруохтарын баҕараллар, ол эрээри куһаҕаны оҥоруу син-биир суох буолбат. Ол барыта киһи сыыһа-халты туттунарыттан куһаҕаны оҥорууну элбэтэн кэбиһэриттэн тутулуктаах. Биир эмэ куһаҕан быһыыны оҥордоххо куһаҕан үгэс түргэнник үөскүүрэ, куһаҕан быһыы суох буолбатын үөскэтэр. Киһи биирдэ уорбута табылыннаҕына, туһаннаҕына, барыстаннаҕына салгыы уора барыан сөбө куһаҕан быһыы угуйар, ыҥырар күүһэ улаханыттан тутулуктаах.
Бука бары үчүгэйи элбэхтик оҥорон үчүгэй үгэстэниэхпитин баҕарар буоллахпытына, куһаҕан быһыыны оҥорон куһаҕан үгэстэнэн хаалааччылар эмиэ бааллар. Ол барыта куһаҕаны оҥоруу тардар, угуйар күүһэ элбэҕиттэн урутаан оҥорулларыттан үчүгэйдээҕэр элбээн хааларыттан тутулуктаах. Ону тэҥэ үчүгэйи оҥороору тиэтэйэн, ыксаан сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥорууну киһи бэйэтэ элбэтэр.
Үчүгэйи, туһалааҕы айыы, оҥоруу олус эрэйдээх, элбэх үлэттэн туох эмэ туһалаах оҥоруллан тахсар. Дьон билбэттэрин, туһалаах саҥаны айыыны оҥорбут патеннаахтар уонна учуонайдар олус аҕыйахтар. Буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥорооччулар саппыкыны тиэрээччилэр, бэргэһэни тиэрэ кэтээччилэр, чараас мууска киирэн ууга түһээччилэр олус элбэхтэр.
Сэбиэскэй былаас албыныгар өр кэмҥэ олорбуппутуттан төрөппүттэр сахалыы үөрэҕи тутуспаттарыттан оҕо өйө-санаата сайдыытын, ийэ кута үөскээһинин кэмин билбэттэриттэн оҕолоро үчүгэй үгэстэри иҥэринэригэр суолта биэрбэттэр, кыра эрдэҕинэ оонньото эрэ сырытыннараллар. Билигин ырыынак үйэтигэр төрөппүттэр оҕолорун өйө-санаата сайдыытыгар бэйэлэрэ кыһаналларын билинэннэр сахалыы кут-сүр үөрэҕин ылынан, оҕону үлэнэн-хамнаһынан үөрэтэри биһирээн эрэллэр.
Оҕону иитиигэ ордук улахан куһаҕаны элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” оҥорор. Кинилэр “оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр” диэн таһы-быһа сымыйанан этиилэрин төрөппүттэр итэҕэйэннэр оҕолорун кыра эрдэҕинэ ийэ кутун ииппэт, үлэҕэ-хамнаска үөрэппэт, үчүгэй быһыылары үгэс оҥорон иҥэрбэт буола сылдьаллар. “Айыы үчүгэй” диэн ыҥырыыны туһаналларыттан эдэрдэр айыы буола сатаан бэйэлэригэр тиийинэн эдэр олохторун кылгаталларыгар тириэрдэллэр.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ үгэстэр эмиэ сөп түбэһэллэр. Үчүгэй үгэстэр дьон олоҕор элбэх миэстэни ылар буоллахтарына, куһаҕан үгэстэр суох буолар кыахтара суох. Дьон уһун үйэлэр тухары уоруйахтары кытта охсуһан тахсаллар эрээри уоруйахтар билигин даҕаны бааллар. Олох уларыйыытыттан тутулуктанан хата элбээн биэрэр кэмнээхтэр. Уорар майгы үгэс буолан хааллаҕына хаһан да көммөт уоруйахха кубулуйуохха сөбүн сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ биллэрэр.
Куһаҕан быһыы үгэс буолан иҥмэтин туһугар хос хатыланан оҥоруллара суох буолара эрэйиллэр. Кыра оҕо куһаҕан быһыыны оҥорор буоллаҕына сонно тохтотуллан иһэрэ, бу быһыыта элбэхтэ хатыланан үгэс буоларын суох оҥорор. Оройугар буору кутар оҕону ханнык баҕарар төрөппүт тохтотор “Бу куһаҕан быһыы, манныгы оҥорума” диэн этэр. Оҕо бу быһыы куһаҕан буоларын билэр буолар, аны ону оҥорбот кыахтанар. Оҕо барыта улаатан иһэн маннык үөрэҕи билиэ этэ. Сахалар таҥараларын “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕэ оҕо аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары билэрэ олох үөрэҕин түргэнник баһылыырыгар, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар буоларыгар тириэрдэр.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ куһаҕан санаалартан ыраастаныы диэн сиэри-туому ыытар. Бу сиэр-туом куһаҕан санаалар элбэхтик хатыланан үгэскэ кубулуйан хаалалларын суох оҥорорго аналланар. Киһи барыта куһаҕан санааларыттан ыраастана сырыттахтарына үчүгэй санаалара элбиир кыахтаналлар. Элбэх үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй үгэстэнэн үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирин сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар.
Киһи билбэт, оҥорбот быһыытын оҥоруу айыыны оҥоруу буолар. Айыыны оҥоруу сиэри, киһи быһыытын кэһэр быһыы буоларын билэн сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрин оҕону иитиигэ тутуһаллар. Бука бары үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах айыыны оҥоруохпутун баҕарар буоллахпытына, сатаан, кыайан табыллыбатах, сыыһа-халты буолбут саҥаны айыылар бары кэриэтэ куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылаахтар. Үчүгэйи айыы биир эмэ буолан тахсар буоллаҕына, куһаҕаны айыы, оҥоруу элбээн тахсар.
Киһи биир мэйиилээх, бастаах буоларынан үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥоруу соҕотох айыы диэн тылынан этиллэрэ эрэ табыллар, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр буолар. Киһи үчүгэйи тэҥэ, куһаҕаны эмиэ оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын айыы диэн тыл соҕотох буоллаҕына эрэ табатык быһаарар. Айыы оҥорору кытта аан маҥнай үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан биллибэт уратылаах, үчүгэйи айдыбыт диэһин кэлин, төһө эрэ кэминэн куһаҕана биллэн тахсар. Аан маҥнай айыы диэнинэн үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллиэр диэри сылдьарыгар тиийэрэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны кыайан араарбат дьоҥҥо буккууру үөскэтэр.
Үлэһиттэр салайар былааһы сэриилэһэн ылан сэбиэскэй былааһы олохтооһуннара дьон олоҕор олус улахан саҥаны айыы буоллаҕына, 74 сыллар кэннилэриттэн биирдэ куһаҕана биллэн тахсан бу былаас эстибитэ. Саҥаны айыы ханнык айыы буолара төһө эмэ кэминэн билиннэҕинэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруу үрүҥ айыы диэн ааттанар, онтон куһаҕаны айыы – хара айыы диэн буолар.
Үчүгэйи, үрүҥү, туһалааҕы олоххо туһанар буоллахха, хара айыыны умнан, хаалларыллар, кыра оҕолорго биллэриллибэт. Кыра оҕо куһаҕан быһыыны биирдэ эмэ да оҥордоҕуна куһаҕан үгэстэнэн хааларыттан харыстанар.
Хара айыыны оҥоруу киһи өйүгэр-санаатыгар ордук күүскэ иҥэн хааларынан киһиэхэ оннук куһаҕан үгэс үөскээн хаалара түргэтиир, олус куһаҕан быһыы киһи этигэр-сиинигэр дьайарынан биирдэ оҥордоҕуна даҕаны умнубат, өссө оҥоруон баҕата элбиир, улаатар. Куһаҕан быһыы үгэстэн үөрүйэххэ кубулуйар кэмэ кэлэр.
Сахалар хайа эрэ көлүөнэлэригэр хара айыыны оҥорбут, ол аата киһини өлөрбүт киһини кытта ыал буолан холбоспоттор. Төрөтөр оҕолоругар эмиэ итинник хара айыыны оҥорон кэбиһэр дьон баар буолуохтарын сөбүттэн сэрэнэллэр, кэлэр көлүөнэлэрин харыстыыллар.
Куһаҕан үгэс үөрүйэххэ кубулуйдаҕына хаһан да умнуллубат, киһи кыайан көммөт киһиэхэ кубулуйуон сөп. Хас да киһини өлөрбүт киһини “маньяк” диэн ааттыыллар, тутан хаайа сатыыллар.
Киһини өлөрүү диэн олус ыар сабыдыаллаах куһаҕан, ыар айыы буоларынан киһи бу быһыыны оҥордоҕуна үгэстэн үөрүйэххэ кубулутан кэбиһиэн сөп. Олус ыар быһыы биирдэ оҥорору кытта үөрүйэҕи үөскэтэн кэбиһэр кыахтаах. Оччоҕуна бу киһи киһини өлөрөрүн салгыан сөп.
Куһаҕан үгэс киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйдаҕына куһаҕан үөрүйэҕи үөскэтэн буор кукка уларыйар. Үөрүйэх диэн буор кут үөрэҕэ ааттанар уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэрин быһаарар. Куһаҕан быһыылары оҥорон куһаҕан үөрүйэхтэммит киһи оҕолонноҕуна куһаҕан үөрүйэҕэ оҕолоругар салгыы бэриллиэн сөбүттэн сахалар сэрэнэннэр хаайыылаахтары кытта ыал буолан холбоспоттор.
Сорох үөрэхтээхтэр карма” диэн үөрэхтээхтэр диэн этэллэр, ону үтүктэ сатыыллар. Сахалар куһаҕан үөрүйэх диэн үөрэхтэрин билбэтэҕэ буолаллар. Индиялар “карма” диэн ааттыыр үөрэхтэрин сахалар бэйэлэрэ да билэллэр, куһаҕан үөрүйэх умнуллубат, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр диэн этэллэр, куһаҕан үөрүйэхтэри иҥэриммэт, өйдөрүн-санааларын харыстыыр туһугар кыһаналлар.
Былыргы сахалар “Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһэллэр” диэн этиилэрэ куһаҕан үөрүйэхтэр аҕыйыылларыгар тириэрдэр туһалаах быһыы буолан туттулла сылдьыбыт. Дьон өйө-санаата сайдарыгар, тупсарыгар бу быһыы улахан үчүгэйи оҥорбут. Куһаҕан үөрүйэхтээхтэр олохтон эрдэ туораан биэриилэрэ дьон киһилии быһыылара элбииригэр тириэрдибитэ чахчы. Билигин өй-санаа сатарыйан, алдьатыы өттүгэр халыйбыт кэмигэр бу туһалаах үгэспитин оннугар киллэрэн туһаныа, куһаҕан үөрүйэхтээхтэр элбээбиттэрин аҕыйатыа этибит. Бу быһыы дьон туттунар күүстэрин улаатыннарыыга туһата улахан буолар.
Сахалыы таҥара үөрэҕин ылыныы куһаҕан санаалартан куруук ыраастана сылдьыыга тириэрдэн куһаҕан санаалар үгэс буолан өйгө-санааҕа иҥэллэрин суох оҥорорго туһалыыр кыаҕа улахан.
Киһи киһи быһыылаахтык олоҕун олорорун туһугар куһаҕан үгэстэри үөскэтинэн үөрүйэххэ кубулуппата, өйүн-санаатын харыстыыра, куһаҕан санааларыттан ыраастыы сылдьара ирдэнэр. Үөрүйэххэ кубулуйбут куһаҕан быһыы кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэриттэн сэрэнии, харыстаныы эрэйиллэр. (1,14).
Туһаныллыбыт литература
1. "Туймаада" хаһыат. №340. 26.01.2017.