Куһаҕан быһыы уонна айыы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Куһаҕан быһыы уонна айыы өйгө-санааҕа биир төрүттээхтэр. Саҥаны айыыны оҥоро сатааһын үгүстүк куһаҕаны оҥорууга тириэрдэр.

Сахалыы “быс” диэн хамсааһыны оҥорууга соруйар тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ “быһыы” диэн субу оҥоруллубут хамсааһыны биллэрэр тыл үөскүүр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи оҥорор быһыылара үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах уонна куһаҕан, буортулаах диэн быһыыларга икки аҥы арахсаллар. (1,29). Киһи оҥорор быһыыта икки аҥы арахсан тахсарын тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар билбэттэр уонна ол билбэттэринэн саха дьонун барыларын албынныыллар.

Сир үрдүгэр баар бары араас элбэх тыынар-тыыннаахтар үгүс элбэх тус-туһунан быһыылары оҥороллор. Бу үгүс элбэх быһыылартан ордук элбэх уратылаахтары дьон оҥороллоруттан биһиги кинилэр оҥорор быһыыларын ырытыахпыт. Саха дьонун олохторун үөрэҕинэн уонна туох барыта икки өрүттээҕинэн, бу араас элбэх быһыылар икки аҥы арахсаллар:

1. Киһи оҥорор быһыылара.

2. Киһи оҥорбот быһыылара.

Бу быһыылар араастарын биир-биир ыламмыт төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Киһи оҥорор быһыыларыгар дьон бары билэр, туһалаах, бэйэлэрэ куруук оҥорор быһыылара киирэллэр. Киһи быһыылаах киһи диэн киһи оҥорор бары быһыыларын барыларын сатаан, таба оҥоро үөрэммит киһи буолар. Оҕо улаатан киһи буолуу үөрэҕин баһылааһына диэн кини киһи оҥорор бары быһыыларын үчүгэйдик, табатык, киһи оҥорорун курдук оҥорор буола үөрэниитэ ааттанар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону улаатыар диэри киһи оҥорор быһыыларын барыларын сатаан, үчүгэйдик оҥорорго утумнаахтык үөрэтэргэ ыҥырар. Оҕо киһи буолуу үөрэҕин улаатыар диэри баһылыахтаах, билиэхтээх, үөрэтиэхтээх. Бу билиини оҕо төһө эрдэттэн баһылыыр даҕаны улахан киһи өйө-санаата эрдэлээн киирэр диэн быһаарыллар.

Оҕону аан бастаан тугу барытын киһи, улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэттэххэ, соннук үгэстэр үөскээннэр өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥэн олохсуйдахтарына, киһилии быһыылаах киһи буола улаатар. Ол иһин төрөппүт оҕото кыра эрдэҕинэ батыһыннара сылдьан бэйэтэ көрдөрөн биэрэн, үтүгүннэрэн үөрэтэрэ, ийэ кутун иитэрэ хайаан да ирдэнэр.

Киһи оҥорор быһыылара барылара ханнык үөрэҕи өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн иҥэриммититтэн, ийэ кута иитиллиититтэн олус улахан тутулуктаах. Былыргы сахалар куһаҕан майгылаах киһини «Куһаҕан иитиилээх» диэн этэллэрэ.

Сахалар таҥараларын үөрэҕинэн киһи оҥорор быһыылара барылара холбоон киһи быһыыта диэн ааттаналлар. Бу, киһи оҥорор быһыылара эмиэ икки аҥы арахсаллар:

А). Үчүгэй, киһилии быһыылар.

Б). Быстах быһыылар.

Бу киһи оҥорор быһыыларын тус-туспа ыламмыт ырытан көрүөхпүт:

А). Дьон бары оҕолорун үчүгэй, туһалаах, киһилии быһыылары оҥорорго ыҥыраллар, үөрэтэллэр, бэйэлэрэ эмиэ тугу үчүгэй, туһалаах дии саныылларын элбэхтик оҥоро сатыыллар. Киһи оҥорор быһыыларын баһыйар үгүс өттүлэрэ үчүгэй, туһалаах киһилии быһыылар буолаллар уонна ол быһыылары оҥорор дьон киһилии быһыылаахтар диэн сахалыы ааттаналлар.

Дьон бары үчүгэй диир быһыыларын оҥоро сатыылларыттан сир үрдүгэр үчүгэй быһыылар баһыйа элбэхтэр.

Б). Киһи оҥорор быстах быһыыларын туһунан биһиги «Үрүҥ Айыы буолуу» үлэбититтэн булуохха сөп. (9,50). Быстах быһыыларга киһи этин-сиинин бары баҕатын толоруута уонна оҥорор кыра куһаҕан быһыылара, кыратык сыыһа-халты туттунуулара киһи быһыытын аһара барбатахтарына, сиэри кэспэтэхтэринэ бары холбуу киирсэллэр.

Быстах быһыы аһара бардаҕына бэрт дөбөҥнүк куһаҕан быһыыга кубулуйара киһи оҥорор быһыыларын бэркэ сэрэнэн, кээмэйин билэн хонтуруоллана сылдьан оҥороро ордугун өйдөтөр. Быстах быһыылары оҥоруу куһаҕан быһыылары элбэтиэн сөп.

2. Киһи оҥорбот быһыылара үс сүрүн көрүҥҥэ арахсаллар:

а). Куһаҕан быһыылар.

б). Кыыллар быһыылара.

в). Саҥаны айыылар.

Бу киһи оҥорбот быһыыларын көрүҥнэрин биир-биир ыламмыт арыыйда дириҥник ырытан көрүөхпүт:

а). Куһаҕан быһыы диэн тугуй? Үтүө санаалаах, киһилии быһыылаах киһи оҥорбот быһыылара куһаҕан быһыылар диэн ааттаналлар. Бу куһаҕан быһыыларга киһи быһыытын, сиэри аһара барар дьон үксэ билэр, куһаҕан диир быһыылара бары киирэллэр.

Бу быһыы куһаҕан буоларын, буортулааҕын, туһата суоҕун улахан киһи билэр буолан оҥорумуон сөп. Урукку олох уопутуттан ылынан, хантан эрэ ааҕан, истэн дуу эбэтэр бэйэтэ оҥорон, боруобалаан көрөн быһааран билбит куһаҕан быһыыларын киһи оҥорбот кыаҕа улаатар. Сахалыы оҕону иитии, үөрэтии сүрүн сыалынан аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары оҕо улаатан иһэн арааран билэр буола үөрэннэҕинэ, олору оҥорбот кыаҕа улаатарын туһаныы буолар.

Дьон бары уһун үйэлэр тухары оҥорон-оҥорон ханнык куһаҕан быһыылары оҥоруу хайдаҕын, дьоҥҥо туох содуллааҕын быһааран үөрэппиттэр уонна онон кээмэйдээн, бу быһыылары тус-туспа араартаан куһаҕан, олус куһаҕан, ыар, хара, дьиикэй быһыылар диэн тус-туспа арааран ааттыыллар.

Киһи оҥорбот быһыыларын оҥоруу куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэҕин улахан, өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон үөрэтэн көрөн билэллэриттэн, олору оҥорботтор. Арай бу быһыылары сыыһа-халты туттан эбэтэр улахаттар үөрэппэтэхтэриттэн арааран билбэттэриттэн оҕолор, эдэрдэр оҥорон кэбиһэр кутталлара улаатар. Киһи өйө-санаата уларыйан иһэрин уратытынан ханнык баҕарар кыаҕа тиийэр быһыытын оҥорор кыахтааҕа буолар. Ол иһин төһө да аҕыйахтарын иһин куһаҕан быһыылар бааллар, букатын суох буолан хаалаллара кыаллыбат.

б). Араас кыыллар быһыылара уонна кыыллыы быһыылар киһи букатын оҥорбот быһыыларыгар киирсэллэр. Киһи өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситиһиитэ, кыыллартан, сүөһүлэртэн арахсыыта кыыллыы быһыылары оҥорбот, олору оҥорууттан туттунар кэмиттэн ыла саҕаламмыта уонна билигин сайдыы үрдүк таһымын ситиһэн демократия, ол аата киһи быраабын харыстааһын сокуоннарыгар олоҕуран олоҕун оҥосторугар тириэрдэн эрэр.

Кыыллыы быһыы биир сүрүн уратытынан кыыллар, көтөрдөр, балыктар бэйэ-бэйэлэрин сиэһэллэрэ буолар. Дьоннор бэйэ-бэйэлэрин сиэспэт кэмнэриттэн саҕаланан кыыллыы өйдөрө-санаалара сыыйа уларыйан киһилии санааҕа, онтон оҥорор быһыылара киһилии быһыыларга сыыйа кубулуйан барбыта. Кэлин икки тыһыынча сыллардаахтан ыла өссө тупсан үчүгэй киһи буолууга, тугу барытын үчүгэйдик оҥорууга тиийэ сайынна.

Киһи букатын оҥорбот быһыыларынан кыыллыы быһыылар уонна кыыллар быһыылара эбиттэр. Сороҕор төһө да кыра кыыллары сөбүлээбиппит иһин кыыллар быһыылара киһи быһыытыгар бары өттүнэн сөп түбэспэттэр.

в). Киһи билбэт буолан оҥорбот быһыыларыгар бары; үчүгэй да, куһаҕан да саҥаны айыылар киирсэллэр. Саҥаны оҥоруу, айыы диэн урут киһи оҥорботох, билбэт быһыыта буоларынан уратылаах. Киһи өссө оҥорон көрө, билэ илик уонна билбэт быһыылара саҥаны айыы буолаллар. Киһи оҥорбот, билбэт быһыылара айыы, саҥаны айыы диэн ааттаналларыттан, бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсара эмиэ биллибэтиттэн олус улахан сэрэхтээх буолуу хайаан да ирдэнэр. Оҕо өйө-санаата ситэ сайда, сэрэхтээх буолара үөскүү илигинэ саҥаны айара куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбиирэ итинтэн быһаарыллар.

Сэрэхтээх буолуу көмүскэли үөскэтэр. Биһиги билигин сэрэхпитин, көмүскэлбитин өй-санаа үөрэҕин хайысхатын сэбиэскэй былаас кэмигэр дэлби буккуйаннар хаалларан сылдьабыт, оҕолорбутун бас-баттах быһыыны оҥорууга "айыы үчүгэй" диэн үөрэтээччилэр, ыҥырааччылар бааллар.

Куһаҕан быһыы уонна саҥаны айыы, айыы биир өрүттэрэ тугуй? Бу быһыылар киһи оҥорбот быһыылара буолан биир өрүттээхтэр. Куһаҕан быһыы куһаҕанын, буортулааҕын улахан киһи билэр буолан оҥорбот, онтон саҥаны айыыны өссө да билэ илигиттэн оҥорбот. Бу быһыылары дьон оҥорботохторуна даҕаны олохторугар туох да буолбат, ханнык да соһуччу уларыйыылар, хамсааһыннар киирбэттэр. Олохторун оҥкула хамнаабат, араас революциялар, сэриилэр уонна уларыта тутуулар буолбаттар, олохторо биир тэҥник, уруккутун курдук устан баран иһэр кэмэ кэлэр. Улахан алдьатыылаах сэриилэр кэннилэриттэн кэлэр маннык кэм дьон олоҕор ордук уһун кэми ылар буолла.

Киһи оҥорбот быһыылара куһаҕан, кыыллыы быһыылар уонна саҥаны айыылар буолаллар. Саха дьоно өй-санаа үөрэҕин олус былыргы кэмнэртэн ыла чуолкайдык үөрэтэн баһылаабыттарын уонна билигин да туһана сылдьалларын, айыы диэн тылбыт элбэх куһаҕан уонна биир эмэ үчүгэй өрүттээҕэ быһааран биллэрэр.

Саха тыла уонна өй-санаа дириҥ тутулуктардаахтарын тыл үөрэхтээхтэрэ арааран билбэккэ, буккулла, бутууру киллэрэ сылдьаллара хомолтолоох. Итини тэҥэ оҕону туохха үөрэтэри биһиги учууталларбыт, учуонайдарбыт аныаха диэри ситэ билбэттэриттэн нуучча тылын быһалыы үтүктэллэрэ биһиэхэ, олус былыргы төрүттээх уонна айылҕаттан тутулуктарын сүтэрэ илик тыллаах сахаларга сөп түбэспэт.

Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит «ай» диэн өйү-санааны быһаарар икки өрүттээх суолталаах тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыытын көмөтүнэн үөскээбит «айыы» диэн тыл бэйэтин төрүт дорҕооннорун тутулугунан куһаҕана баһыйара биллэр. Бу тыл сахаларга хаһан да үчүгэй тыл буола уларыйар кыаҕа суох.

Айыы диэн куһаҕана элбэх, аҕыйахтык туттуллуохтаах уонна улаханнык саҥарыллыбат, сэрэхтээх тыл. Бу тыл иччитэ уһугуннаҕына оҕолор өйдөрө-санаалара өссө буккуллуоҕа, элбэх саҥаны айыылары оҥоро сатыылларыттан сыыһа-халты туттаннар куһаҕан быһыылары элбэтиигэ тиийэн хаалыахтарын сөп. Ол иһин көрсүө, сэмэй сахалар оҕолорун харыстаан «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэллэр.

Оҕо улаатан киһи буолууну, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууну баһылыы илигинэ саҥаны оҥороро, айара олус кутталлаах, тиэтэйэрэ, ыксыыра элбэҕиттэн сыыһа-халты туттунан куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх буолуон сөп. Саҥаны арыйыы, оҥоруу хаһан да биирдэ оҥорору кытта табыллыбат, хас да төгүллээн, хатылаан эбэтэр өссө элбэхтэ көннөрөн, тупсаран оҥордоххо эрэ киһи тугу эмэни туһанар саҥаны айыыта буолан тахсарын улахан, олоххо уопутурбут дьон бары билэллэр.

Оҕо саҥаны, айыыны оҥороро элбэхтэ сыыһа-халты буолар. Сыыһа-халты оҥоруллубут бары дьыалалар куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылаахтар. Ол иһин оҕо аан бастаан тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэнэрэ ордук, онтон улааттаҕына, өйө-санаата ситтэҕинэ, киһи буолууну ситистэҕинэ саҥаны арыйара, айара, бэйэтэ туспатык, атыннык оҥороро табыллара элбиир, туһата улаатар.

Саҥаны айыы аан маҥнай үчүгэйэ дуу, куһаҕана дуу биллибэт. Куттала, сэрэхтээҕэ онно саһан сылдьар. Ол иһин ханнык баҕарар саҥаны айыыттан аан маҥнайгыттан улаханнык сэрэниэххэ, харыстаныахха наада этэ. Саҥаны айыы куһаҕана кэлин тахсан кэлиэн эмиэ сөп. Атомнай буомба эстиитин кэнниттэн үөскүүр элбэх радиацияны Япония куораттарыгар дэлби тэптэрбиттэрин, элбэх дьону сутуйбуттарын кэнниттэн биирдэ билбиттэрэ. Аан дойду учуонайдара бары холбоһон, айан оҥорбут Швейцарияҕа баар андроннай коллайзердара тугу; үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу көрдөрөн таһаарара билигин букатын биллибэт. Ол иһин үгүс дьон салла саныыллар.

Таҥара үөрэҕэ дьон олоҕор саҥаны айыыны киллэрэн олох оҥкулун эмискэ уларытыыны, араас өрө туруулары утаран, эдэрдэр өйдөрүн-санааларын харыстыыр, көмүскүүр. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэр.

Олус элбэх саҥаны оҥоруулартан биир эмэ саҥаны арыйыы дьоҥҥо туһалаах буолан туттуллар, олоххо киирэр кыахтанар. Үгүс саҥаны арыйыылар дьоҥҥо туһата суохтар, кыайан табыллан оҥоруллуохтарыгар диэри сыыһа-халты буоланнар өссө буортулаахтар, ол иһин куһаҕан быһыыга киирсэннэр, бу быһыылары элбэтэллэр. Саҥаны айыылар киһи барыта оҥорор, туһанар быһыыларыгар кубулуйуохтарыгар диэри улахан уларыйыыны, тупсарыыны бардахтарына эрэ табыллар.

Былыр-былыргыттан сахалар айыыны оҥорууну куһаҕан быһыыга киллэрэллэр. Э.К.Пекарскай тылдьытыгар бу тыл куһаҕан өйдөбүлэ быдан элбэх. Билигин бу боппуруос быһаарыыта сахаларга улахан суолталаах буолла. Өй-санаа хайысхатын табатык быһаарыы омук сайдар, симэлийбэт дьылҕалааҕын быһаарар. Биһиги билигин оннук кэмҥэ кэлэн олорорбут.

Киһи буолууну ситиһии сүрүн өйдөбүлүнэн «Yрүҥү уонна хараны араарыы» эбэтэр «Yчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы» буолар. Киһи буолуу диэн туох барыта икки өрүттээҕин билэн ханан эрэ ортотунан түбэһэр быһаарыыны ылынарга үөрэнии уонна ону олоххо киллэрии буолар.

Yчүгэйи куһаҕантан арааран билиини киһи өйдөөх-санаалаах, тэҥнээн, ыйааһыннаан көрөр кыахтаах эрэ буолан кыайан оҥорор. Олох уустуга итиннэ саһан сылдьар.

Аны олох ханнык эрэ кэмигэр үчүгэй уонна куһаҕан атастаһан, эргийэн биэрэр кэмнээхтэр. Бу кэмҥэ киһи быһыыта дьэ арыллан сыыһа-халты туттубакка, олох уларыйыытыгар өйүн-санаатын сөп түбэһэр гына уларытан биэрэр кыахтаах буолара ордук. Урукку кэмҥэ туох эмэ үчүгэйинэн ааҕыллара кэлин куһаҕаҥҥа кубулуйан, уларыйан хаалыан сөп. Биһиги олохпутугар оннук кэм кэлэн ааста. Урут сэбиэскэй кэмҥэ дьадаҥы буолуу үчүгэй дэнэрэ, бары салайааччылар дьадаҥы төрүттэринэн киэн тутталлара, билигин кэлэн ол хаалла, аныгы ырыынак кэмигэр баай дьон үчүгэйгэ, онтон дьадаҥылар куһаҕаҥҥа кубулуйдулар.

Бу олох көрдөбүллэрэ уларыйан биэрэр кэмнэригэр, «Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэбит курдук сэбиэскэй дьон өйдөрө-санаалара кытаанах көрдөбүллээх, ирдэбиллээх улахан итэҕэллэринэн сутулла иликтэриттэн этэҥҥэ, тус-туспа государстволарга арахсыылара табыллыбыта. Саҥа үөскээбит кыра государстволар уһун үйэлэргэ эйэлээх буолуулара төрүттэммитэ.

Дьон барыларын өйө-санаата биир тэҥ буолбатах. Саҥаны арыйа сатыыр, айыыны оҥорор дьон элбэхтэрэ суохтар. Баар дьонтон барыларыттан дьоҥҥо туһалаах саҥаны айа, олоххо киллэрэ сатааччылара уонтан сүүрбэҕэ диэри бырыһыаннарын ылар курдуктар, онтон дьиҥнээх, туһалаах саҥаны айааччылар, олоххо киллэрээччилэр биир эмэ, онтон атыттар бары, араас туһата суох, буортулаах да саҥаны айыылары оҥоро сатааччылар, сыыһа-халты туттааччылар буолаллар.

Саастарыгар биир да саҥаны, айыыны, киһи оҥорботун оҥорон эрэйгэ түбэспэтэх дьон саҥаны айыы диэни табан сыаналыыллара сүрдээх уустук. Кинилэртэн саҥаны айыы туһунан ыйыта да барымыахха син. Син биир таба эппиэти биэрэр кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ бэйэлэрэ боруобалаан, оҥорон көрөн, эрэйдэнэн киһи билбэтин оҥорууттан туох содул, куһаҕан быһыы үөскээн тахсарыттан кэһэйбэтэх буолан билбэттэр. Бу дьон үксүлэрэ олоххо бастаан иһээччилэри үтүктэн, батыһан иһиэхтэрин сөп.

Бастаан, батыһыннаран иһээччилэр аһара барар өйдөрүн-санааларын киһи быһыылаах буолууга, олоҕу киһи быһыылаахтык олорууга таҥара үөрэҕэ үөрэтэр, ол аата эт-сиин улаатан ситиитин кытта өй-санаа сайдыытын тэҥнээн биэриини оҥорор.

Өй-санаа эбиллэн күн-түүн сайдан иһэр, киһи өйө-санаата бэйэтэ даҕаны саҥаттан-саҥаны арыйан айыыны оҥорон иһэр аналлаах. Өй-санаа биир сиргэ хаһан да турбат, эбиллэр, көҕүрүүр, таһынан таһымныыр. Өй-санаа аһара барбатын, Үөһээ дойдуга көҥүлүнэн тахсыбатын, этин-сиини бырахпатын туһугар аналлаах хааччахтаах буолара ордук. Бу хааччах сахалар таҥараларын үөрэҕинэн сиэр, киһи быһыыта диэн ааттанар. Киһи быһыылаах киһи тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор, сиэри тутуһар киһи буолан олоҕун уһуннук олорор кыахтаныан сөп.

Дьон Орто дойдуга, ол аата сиргэ эрэ тыыннаах буолан олоҕу олороллор, өйдөрө-санаалара эмиэ бу дойдуну аһара барыа суохтаах. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума», диэн үөрэтэр, өй-санаа хааччаҕа хантан саҕаланарын, тугу хааччахтыырын биллэрэр. Аһара баран ону-маны айа, оҥоро сатааһын, үксэ сыыһа-халты буолан тахсарыттан дьону сэрэтэргэ, харыстыырга аналлаах таҥара үөрэҕэ сайдыбыт. (2,124).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор, 2013. - 108 с.

2. Каженкин И.И. "Айыы диэмэ", "Айыыны оҥорума". - Дьокуускай: Компания "Дани АлмаС", 2012. - 152 с.