Кучу, куруҥ ото
Кучу Сир үрдүгэр киһи баар буолуоҕуттан ыла эмтээх үүнээйилэр үгүс ыарыыны эмтииргэ туттуллаллар. Саха сирэ араас ыарыыларга эмтээх үүнээйинэн балачча баай. Бу үүнээйилэр үүнүүлэрэ биһиги сирбит ирбэт тоҥо дириҥник ирэриттэн тутулуктаах эбит. Ол курдук сөҥуу түһэригэр ирбэт тоҥ ууну өтүппэт араҥа буолар уонна сезонунан ирэр кэмигэр буоруттан уута арахсан, почваны сиигирдэрэ айылҕаҕа үүнэр үүнээйилэргэ, сир оҥоһуутугар тоҕоостоох усулуобуйалары үөскэтэр. Ол иһин Саха сирин үүнээйитэ кылгас кэм иһигэр түргэнник ситэр буолан ордук уохтааҕынан, күүстээх дьайыылааҕынан биллэр. Эмтээх оттортон биирдэстэринэн биһиги өрөспүүбүлэкэбит бары улуустарыгар киэҥник тарҕанан үүнэр кучу, куруҥ ото (иван-чай узколистный) буолар. Бу оту биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан чэй оҥостон иьэллэр эбит. Кини кумахтыҥы буордаах ойуур саҕатыгар, улахан айар суолларын кытыыларынан үүнэр. Бу элбэх сыллаах уһун силигирдээх от үүнээйи. Умнастара 1 м диэри үрдүктээхтэр, хойуу сэбирдэхтээхтэр. Сэбирдэхтэрэ утуу-субуутук олороллор, уһун чулбугурдар, көстөр тымырдаахтар, кытыылара кэрдиитэ суох. Сибэккилэрэ сүүмэх киистэлэр, бороҥнор, сырдык кыһыллар. астара 3-4 см. уһуннар, сиэмэлэр элбэх көтө сылдьар көҕүллээхтэр. Бэс уонна от ыйдарыгар сибэккилиир.
Кучуну медицинэҕэ туттуу
Кучуну эмкэ туттарга сибэккилээх учугэйдик сибэккилэнэ турдаҕына хомуллар.
Кучу салгыннаах танидтааҕа сүһүрүүнү утары үчүгэй ньыма, ордук куртах, оһоҕос бааһырыытыгар. Элбэх С битэмииннээҕэ (моонньоҕон курдук) уонна флавоноидтааҕынан кучу сыаналаах битэмииннээх, ниэрбэни уоскутар хаачыстыбалаах үүнээйи буолар. Народнай медицинэҕэ сэбирдэҕэ чэйи солбуйар. Хооруллубут силистэри кофе оҥорорго тутталлар. Хатарыллыбыт силиһиттэн бурдук оҥороллор эбит. Сибиэһэй кучу силистэрин, хортуоппуй оннугар, сиикэйдии эбэтэр буһаран аска тутталлар.
Саха сиригэр эмтээх үүнээйини үөрэтии уонна туһаҕа таһаарыы кэнники кэмҥэ киэҥник сайдан эрэр.
Кучу чэй туһатын туһунан "Айсар" өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай түмсүүтүн салайааччыта Григорьев Александр Васильевич уонна кини кэргэнэ, "Тарбахов" мааркалаах саха чэйин оҥорорго үлэһэ сылдьар Туяра Степановна нэһилиэннэҕэ сырдатар үлэни киэҥник ыыталлар.
Хаҥалас улууһугар Заморщиковтар дьиэ кэргэн бэйэ дьыалатын тэринэн «Унция» маҕаьыын аһаннар, кучу оттон чэй оҥорон киэҥ ырыынакка таһаардылар.
Онон, айылҕаны төрөппүт ийэлэрин кэриэтэ күндүтүк саныыр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрэ умнуллубакка, үйэттэн үйэҕэ бэриллэн иһэр.
Туттуллубут литература
Саха сирин эмтээх үүнээйилэрэ/ А.П. Басыгысова:|[Эппиэттиир ред. П.А.Тимофеев]:өбүгэ үгэһинэн эмтиир киин.- Дьокуускай:Бичик,2004.-128с.