Кухто Пётр Аполлонович
Кухто Пётр Аполлонович (кулун тутар 19 күнэ 1914, Гомель уобалаһа, Белоруссия, Арассыыйа импиэрийэтэ — сэтинньи 17 күнэ 1975, ССРС) — авиатор, «Аляска-Сибиир» перегон трассатын кыттааччыта, Маҕан авиа тэрилтэтин бастакы хамандыыра.
Биография
1914 сыллаахха Белоруссия Гомель уобалаһар төрөөбүтэ. Аармыйаҕа 1936 сылтан 1938 сылга диэри стрелок-радист идэтин ылбыта. 1938 сыллаахха аармыйаны бүтэрэн баран Дьокуускайга траспор этэрээтигэр бортрадист быһыытынан үлэлээбитэ, 1942 сыллаахтан 1-ы Краснознаменнай перегон дивизиятыгар флагман бортрадист быһыытынан көтөрө. 1945 сыллаахтан пилот быһыытынан көтөр. 1946 сыллаахтан 234-с анал туттабыл авиа этэрээт (ОСП) пилота, санитарнай звено хамандыыра, этэрээт хамандыырын солбуйааччыта.
1950 сыллаахха 140-с Маҕан холбоһуктаах авиа этэрээтин (ОАО) хамандыыра. 1970 сыллаахтан Саха гражданскай авиация салайыытын пилот-испектора этэ. 1972 сыллаахтан 1974 сыллаахха диэри Тикси холбоһуктаах авиа эскадрильятыгар хамандыыр быһыытынан сулууспалаабыта.
Аатын үйэтитии
2014 сыллаахха кулун тутар 21 күнүгэр Маҕан аэропортун фасадыгар мемориальнай доска туруоруллубута. От ыйын 10 күнүгэр Саха Сиригэр уонна Арассыыйа, «Полярные авиалинии» авиакомпаниятын Л-410 самолета — бастакы көтөр госпитал Кухто аатын сүгэр.
Маҕан киин уулуссата Кухто Пётр Аполлонович аатын илдьэр.
Литэрэтиирэ
- Имена на улицах Якутска : (биобиблиографический справочник) / Окружная администрация города Якутска, Управление культуры и духовного развития городского округа «город Якутск» Муниципальное бюджетное учреждение "Централизованная библиотечная система городского округа «город Якутск», Информационно-библиографический отдел; [составители: Зедгенидзева А. Н., Иванова М. Н., Купоросова Т. И. и др. ; редакторы: Попова С. В., Иванова М. Н. ; руководитель проекта Тихонова Н. Н. ; вступительное слово главы ГО «город Якутск» Евгения Григорьева]. — Якутск : ЦГБ, 2002- . — 21 см. Вып. 4. — 4-е изд., перераб. — 2022. — 693 c. : портр. — 69 экз.