Кутригурдар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кутригуры (ону сэргэ котригурдар, кутургурдар) — көс олохтоох омуктар, утигурдары (эбэтэр утургурдар) кытта былыргы булҕардары төрүттээбит түүр омуктар.

500 сыллар саҕаланыыларыттан бүтүүлэригэр диэри олорон ааспыт Византия суруйааччыта Прокопий Кесарийскай кэпсээнигэр, гуннар ыраахтааҕылара Утигур уонна Кутригур диэн икки уоллааҕа эбитэ үһү. Ити икки уола аҕалара өлбүтүн кэннэ, былаас былдьаһыытыгар норуот икки тус туспа биис ууһугар арахсыбыттар. Хас биирдии уол бэйэтин норуотугар бэйэтин аатын биэрбит. Суруйааччы Кесарийскай этэринэн, ити икки биис уустара аан баастаан "куталаах сир анараа өттүгэр" (биллиҥинэн, Азов байҕала) уонна ол сир төрдүгэр (билиҥҥинэн, Керч силбэһиитэ) олохсуйан олорбуттар уонна ону туораан баран, тетракист готтарга саба түспүттэр. Прокопий Кесарийскай кэпсээниттэн сылыктаатахх, кутригурдар Истра өрүс (билиҥҥинэн Дунай) хаҥас кытылыгар олорбуттар. Кинилэр сотору сотору Илиҥҥи Рим империятыгар саба түһэллэрэ. Оттон утигурдар дойдуларын диэки төттөрү төннөргө санаммыттар.

Кинилэр тустарынан аан бастакы ахтыыллар 469-488 сыллардаахха суруллубуттар. Ону, арааһа, 558 сыллаахха Заберган хаан 631 сыллаахха кутригурдар Альцек хаан (Кубрат уола) салайааччылааз авардар гегемонияларын сууллара сатаабыта эрээри, кыайбатаҕа, ол түмүгэр Рейн диэки франктарга көспүтэ. Дагоберт I ыраахтааҕы кутригурдары Баварияҕа олохсуппута. Ол гынан баран, биир түүн кинилэри кыргарга сорудахтаабыта. Ордубут кутригурдар Италияҕа, Сепин, Бовиан уонна Инзерия сэлиэнньэлэргэ хорҕойбуттара. Кутригурдар сорохторо Македонияҕа тиийбиттэрэ. Онно кинилэри "үрүҥ көмүс булгардар! диэн ааттаабыттара. Кинилэри кэлин Волгатааҕы Болгарияны төрүттээбиттэрэ.

Кутригурдар хааннара

  • 528 сылга диэри — Грод
  • 540-с — Киниалон
  • 550-с — Синион
  • 563 сылга диэри — Заберхан
  • 582—584 — Гостум
  • 584—619 — Курт
  • Кубрат

Бэлиэтээһиннэр

Литэрэтиирэ

  • Златарски, Васил. История на Българската държава през Средните векове, т. 1, ч. 1. Второ фототипно издание. София, Академично издателство «Марин Дринов», 1994. (Болгарский язык).
  • Артамонов М. И. История хазар. // Под редакцией и с примечаниями Л. Н. Гумилёва. — Л.: Изд-во Гос. Эрмитажа, 1962. 523 с.