Киһи уонна үлэ
Киһи диэн өй-санаа сайдыбытын, тупсубутун биллэрэр тыл.
боппуруос билигин даҕаны оннун була илик. Биһиэхэ сахаларга «Туох барыта икки өрүттээх» диэн олус дириҥ уонна киэҥ өйдөбүллээх айылҕа сүрүн тутулугун быһаарар этии баар. Айылҕа сүрүн тутулугунан тэҥнэһии балаһыанньата буоларынан туох баар барыта икки өрүттээх, икки өттүттэн кытаанах тутулуктааҕынан киһи үөскээһинэ бу быһаарыыга эмиэ сөп түбэстэҕинэ эрэ табыллар.
Киһи үөскээһинин быһаарыыга кэлин кэмҥэ олохсуйбут икки утарыта хайысханы тутуһар өйдөбүллэр манныктар:
Бастакытынан, уһун үйэлэр тухары өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт араас таҥара үөрэхтэрэ «Сначало было слово» диэн айылҕаҕа аан маҥнай тыл, өй-санаа баар буолбута диэни тутуһаллар, Айылҕаны барытын «Таҥара, бог уонна аллах айбыта» диэн этэллэр, оннук үөрэҕи киэҥник тарҕаталлар. Киһи үөскээбитэ олус былыргыта бэрдиттэн уонна биллэр бэлиэлэрэ симэлийбиттэриттэн бу быһаарыыны саарбахтааччылар, ол иһиттэн утарааччылар эмиэ элбэхтэр.
Билигин өй-санаа үөрэхтэрэ өссө сайдан истэхтэринэ киһи өйө-санаата этинээҕэр-сиининээҕэр төһө эмэ уһун үйэлээҕэ түүллэри үөрэтиинэн дакаастанан иһэр. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата айыы буолан Үөһээ дойдуга мунньулланнар кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүгэр-санааларыгар түүл буолан киирэннэр дьон сайдыыны ситиһэллэрин түргэтэтэн биэрэллэрин биһиги «Түүллэри тойоннооһун» диэн үлэбититтэн булуллар.
Иккиһинэн, киһи эбисийээнэттэн ыла сайдан киһи буолбута диэн этиини материалистар тутуһаллара иккис өрүтүнэн эмиэ олохтоох. Киһи этэ-сиинэ айылҕаҕа баар уонна онно үөскүүр эттиктэртэн хомуллан үөскүүрэ эбии дакаастабылга наадыйбат.
Сэбиэскэй Сойууска коммунистар кыайан-хотон, материалистар аҥардастыы баһылаан-көһүлээн салайар эрдэхтэринэ бу быһаарыыны сүрүнүнэн ааҕаллара. Дьон сайдыыны ситиһиилэрин аҥардастыы эт-сиин сайдыытын курдук билинии «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга сөп түбэспэтиттэн, сайдыы суолун сыыһа хайысханан салайбыттарыттан билигин бэйэлэрэ лаппа мөлтөөбүттэриттэн тутуспут үөрэхтэрин сыыһата кырдьык билиннэ.
Эт-сиин уонна өй-санаа тус-туспалар диэн быһаарыыны ырытыыны «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэҕэ саҕаламмыта. Бу бэйэ-бэйэлэригэр үгүстүк сөп түбэспэт, сороҕор утарыта хайысханы тутуһар икки тус-туспа өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, тэҥнэһэн, биир тылы булунан, хардары-таары аһара барбаттарын ситистэҕинэ эрэ киһи, киһи буола улаатар уонна киһилии быһыыланар кыахтанар.
Сахалар «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этиилэрэ олохтоох. Бу этии олус дириҥ өйдөбүллээх. Оҕо кыра эрдэҕиттэн улаатан иһиитигэр этэ-сиинэ аан маҥнай баһылаан сайдыытыгар бэлэм билиини төрөппүттэриттэн ылынан өйө-санаата сайдарын, онтон улаатан баран бэйэтин өйө-санаата сайыннаҕына үөрэх-билии көмөтүнэн этин-сиинин көрөн-истэн харыстыырын, уһун үйэни ситиһэрин сахалар үөрэхтэрэ быһаарар.
Айылҕаҕа туох барыта икки өрүттээх тутулуктааҕыттан киһи үөскээһинэ эмиэ икки өрүттээх уонна бу икки өрүттэр куруук бииргэ сырыттахтарына, бэйэлэрин аһара барар санааларын тэҥнээн, ситэрсэн, толорсон биэрдэхтэринэ эрэ киһи олоҕо туруктаах буолан сайдыыны ситиһэр, олоҕу олорор кыахтанар.
Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата тус-туспалар, тус-туспа үөскүүллэр. Киһи этэ-сиинэ эбисийээнэттэн салгыы сайдан үлэни-хамнаһы кыайа-хото оҥорорго үөрэниитэ өйүн-санаатын сайыннаран киһи буолууну ситиһиитэ хас оҕо төрөөн улаатарын аайы өйө-санаата саҥалыы сайдан, салҕанан, хатыланан баран иһэр. Олох сайдыытын уустуктара хас көлүөнэ дьон улаатан истэхтэрин аайы олох уларыйыытыттан тутулуктанан тус-туспатык сайдаллар.
Сахалар үөрэхтэрин сүрүн төрүтүнэн «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн этии буолар. Хас биирдии оҕо кыра эрдэҕиттэн этэ-сиинэ улаатан уонна өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситистэҕинэ эрэ киһилии быһыылары, дьоҥҥо туһалаах дьыалалары оҥорон олоҕу сайыннарар.
Оҕо төрөппүттэринэн үлэһит. Yлэһит дьон элбэхтэр. Баар дьонтон барыларыттан аҥардарыттан лаппа ордуктарын үлэһит дьон ылаллар. Бу дьон үлэлээн-хамсаан туох эмэ туһалааҕы оҥороннор олоҕу иннин, сайдыы диэки хамсаталлар.
Туох барыта икки өрүттээҕин курдук дьон үлэлээбэт өттүлэрэ үлэһиттэр оҥорон таһаарбыттарын үллэстииттэн туһананнар олохторун олороллор. Бу курдук бэлэми туһанар өйдөөх-санаалаах дьон элбээтэхтэринэ олох сайдыыта мөлтүүр, бытаарар. Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар үлэһиттэр оҥорон таһаарбыттарыттан бэлэми туһанааччылар буолаллар. Ахсааннара элбээтэҕинэ сайдыы суох буолар.
Yлэлиир эрэйдээх, эти-сиини куруук хамсатыахха наада. Yлэлиир киһи тулуурдаах, ылыммыт сыалын ситиһээри дьулуурдаах уонна дьүккүөрдээх, ол иһин өйө-санаата туруктаах.
Тугу эмэ туһалааҕы оҥоруу киһиэхэ ыарахан. Эти-сиини хамсатыахха, ону-маны толкуйдуохха, быһаарыахха, тэҥнээн көрүөххэ наада. Илиинэн үлэлиир өссө ыарахан. Элбэҕи көтөҕүөххэ, сүгүөххэ, тардыалыахха, соһуохха наада. Өбүгэлэрин саҕаттан уһун үйэлэрин тухары ыарахан илии үлэтин үлэлии үөрэнэннэр сахалар үлэттэн «Эт-тирии баранар» диэн этиилэрэ быһаччы илиинэн үлэҕэ сыһыаннаах.
Өйө-санаата сайдан иһэр киһи үлэни-хамнаһы сатыырга сыыйа үөрэнэн испитэ биллэр. Олус былыргы таастан оҥоруллубут туттар тэриллэри археологтар булан, хаһан таһааран хас тыһыынча сыллардаахха дьон бу тэриллэринэн туһана сылдьыбыттарын дакаастыыллар. Киһи бэйэтэ оҥостон туттар тэриллэрэ сайдан иһиилэрин тэҥэ өйө-санаата эмиэ сайдан иһэр.
Үлэ-хамнас уустуктара киһи өйүн-санаатын салгыы сайыннараннар кыыл, сүөһү өйүттэн-санаатыттан туспа арахсан киһи буолууну ситиһии кыаллыбыта. Икки аҥар тыһыынча сыллартан саҕалаан киһи курдук таҥаралар баар буолуулара дьон үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын үтүктэннэр үчүгэй быһыылары оҥороллоро элбээһинигэр, киһи киһиэхэ сыһыаныгар эйэлээх буолуу олохсуйарыгар тириэрдибитэ, өй-санаа сайдыытын ситиһэргэ кыах биэрбитэ.
Киһи диэн өй-санаа сайдыыта, өссө үрдүк таһымҥа тахсыбытын көрдөрөр, бэлиэтиир ураты тыл. Саха тылыгар бу тыл өссө хаһан үөскээбитэ биллибэт ыраах. Олус былыргы кэмнэргэ киһи диэн тыл Күҥҥэ тэҥнэнэр сүдү суолталаах тыл эбит. Бу тыл өй-санаа сайдан сиэринэн, сокуоннарынан салаллан олоҕу олорор, кыыл, сүөһү өйүттэн-санаатыттан арахсан суобастаныыны, кэмсиниини, бэрээдэктэниини, быһалыы киһи буолууну билигин да быһаарар аналын илдьэ сылдьар. Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор баҕа санааны дьоҥҥо Киһи таҥара биэрэр. Үчүгэй киһи буолууга баҕа санааны үөскэтинии, иҥэринии Киһи таҥаралаах буоллахха эрэ ситиһиллэр өй-санаа тутаах көрдөбүлэ буолар.
Хас биирдии саха тылын дорҕооно киһи өйүгэр-санаатыгар тус-туспа өйдөбүллэри үөскэтэрин таба өйдөөн тылы ордук күүскэ харыстыыллар. Yлэ-хамнас туһунан суруйууга саха тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин уонна киһи өйдөөн-санаан туран оҥорор быһыылара, хамсаныылара таах, туох да быһаарыыта суох оҥоруллар хамнааһыннартан туспа уратылаахтарын арааран быһаарарын таба туһаныахха.
"Үлэ - киһини айбыта" диэн этии хаһан да уларыйбат. Киһи үлэлээтэҕинэ эрэ киһи буолар. (1,9).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.