Киһи быычаһа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Киһи быычаһа (нууч. толстая кишка) - ас буһарар систиэма биирдэһэ.

Сүрүн сыала:

Астан иҥэмтэлээх эттиктэрин иҥэринэр, туһата суоҕун саах оҥорон таһардьа таһаарар, ууну иҥэринэр.

Көрүҥэ:

  • уһуна - 1,5 - 2 миэтэрэ
  • кэтитэ - 5 - 10 сантиметр
  • ыскыладкалаардаах

Киһи быычаһа 7 отделтан турар:

  • слепая кишка;
  • ободочная кишка;
  • восходящая ободочная кишка;
  • поперечная ободочная кишка;
  • нисходящая ободочная кишка;
  • сигмовидная ободочная кишка;
  • прямая кишка.

Киһи быычаһа микроорганизмнаах буолан ас буһарар процеһа үчүгэйдик ааһар уонна B, K битэмииннэр оҥоһуллаллар.

Ыарыылар

Киһи быычаһа активнаһа кыра да буоллар ыарыыта аҕыйаҕа суох.

Киһи быычаһа ситэри үлэлээбэт буоллаҕына уопсай бэлиэлээх буолар:

  1. Иһин түгэҕэ ыалдьар
  2. Иһэ үллэр
  3. Саах хатар

Дьоҥҥо тарҕаммыт ыарыы - Аппендицит (Муҥурдаах ыарыыта) — муҥур (аппендикс) ыарыыта. Муҥур диэн функцията соччо чуолкайдана илик, биир эрэ өттүнэн суон очоҕоско аһыллар бүтэй орган, кини киһи иһин уҥа өттүгэр баар буолар. Араас төрүөттэн сылтаан муҥур сытыйар, онтон эмтээбэтэххэ тэстэн ис органнарын сүһүрдэн тарҕанар, перитонит саҕаланар.

  • Ис ыарыыта — араастаан киирэр, бастаан биир сиринэн киин таһынан ыалдьыан сөп, онтон улам ис барыта ыалдьыан сөп. Улам күүскэ ыалдьан уот уматарын курдук ыарытыннарыан сөп.
  • Төбө ыарыыта— сүһүрүү түмүгэр мэйии хаатыгар баар рецептордар "үлэлииллэр".
Аппендицит.jpg



Диарея - потологичэскэй ыарыы. Диареянан ыалдьар киһи суткаҕа 3-4 туалеттыыр уонна сааҕа убаҕас буолар. Диарея ис ыарыытынан доҕуһуоллаах. Бэричинэтэ:

  • Күүрдүбүт оһоҕос
  • Эмтэри иһэн
  • Гиполактазия (бактерии)
  • Сыалаах ас
  • Стресс
  • Гастроэнтериты


Геморрой - аныгы үйэ ыарыыта. Анаал хайаҕас тула тымырдара үллэн ыарыыга кубулуйуута. Хаан тохтон дьон анимия буолар.

Ыарыы үөскүүр төрүтэ:

  • Гиподинамия
  • Уойуу
  • Элбэх калорийдаах астар
  • Фаст Фуд
  • Сахарнай диабет
  • Оһоҕос уонна быар араас проблемалара
  • Аһары физичэскэй хамсаныы