Киэҥ көҕүстэнии

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Киэҥ көҕүстэнии диэн эйэлэһиини үөскэтэр тулуурдаах майгы ааттанар.

Наҕыл, холку киһи ыксаабат, тиэтэйбэт, ыгылыйбат, сыыһа-халты туттубат майгынын быһааран «Киэҥ көҕүстээх» диэн этэллэр.

Сүрэҕэ ыалдьар киһи кыайан киэҥ көҕүстэммэт. Ыксаатар эрэ ыарыыта ыга тутан көхсүтэ кыарыыр, ыгыллан барара түргэн. Киһи бу уларыйар майгынын арааран билэн сахалар “Киэҥ көҕүстээх” диэн этиини үөскэппиттэр. (1,62).

Былыргы кэмнэргэ сахалар элбэх кыайыылары ситиспиттэрин “Кыайбыт киэҥ көҕүстэнэр” диэн этиилэрэ биллэрэр. «Кыайбыт киэҥ көҕүстэнэр» диэн этиини таба сыаналаан, кыаттарбыттары аһара кыйахалаабакка, кыынньаабакка эрэ чугуйар, халбарыйар сири хайаан да хааллардахха, эйэлэһии кэлэрэ түргэтиир кыахтанарын кыайбыттар туһаналлар.

Кыаттарыы хаһан баҕарар кыһыылаах. Элбэх киһи биир санааламмытын уларытыы ордук уустуктары үөскэтэр. Манна бу дьон бөлөҕүн барыларын суох оҥорон кэбиһии биир саамай боростуой быһаарыы буоларын былыргы кэмнэргэ элбэхтик туһаналлара. Олус былыргы кэмнэргэ кыайбыттар кыаттарбыттары имири кыргаллара, суох оҥороллоро «Нет человека — нет проблем» диэн этиигэ сөп түбэһэр. Билигин да бу этиини туһана сатааччы государстволары салайааччылар бааллар. Кинилэр дьон улахан бөлөҕүн террористарынан ааттаан баран барыларын суох оҥоруохтарын саныыллара уларыйа илик.

Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини таба сыаналаан кыаттарбыттар санааларыгар сөп соҕус түбэһэр быһаарыыны булан эйэлэһиини үөскэтиини кыайбыттар сыал-сорук оҥоһуннахтарына ситиһиэхтэрин сөп. Кыаттарбыттар санааларын уларыталларын ситиһии эйэлээх буолууну төрүттүүр соҕотох суол буолар. Кыайбыттар аһара ыгар быһаарыыларын уларытан сахалыы үөрэҕинэн «Киэҥ көҕүстэнии» диэн этиини тутустахтарына эрэ эйэлэһиини үөскэтэр кыахтаналлар.

Туһаныллыбыт литература

1. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. - Дьокуускай: Бичик, 2006. - 112 с.