Киприянов Роман Осипович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Роман Осипович Киприянов — Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, «Ытык аҕа» бэлиэтиилээх.

Арҕаа Хаҥаласка Буотумаҕа төрөөбүт. Ыал улахан оҕото, аҕата Осип Алексеевич тимир ууһа, колхоз үлэһитэ. Роман Оспиович 2 кылааһы бүтэрбитэ.

Сэриигэ кыттыыта

1942 сыллаахха, 22 саастаах эрдэҕинэ, оттуу сырыттаҕына сэрииттэн бэбиэскэ кэлэр. Сарсыныгар өрүһү туораан Мальта станцияҕа түспуттэр. Онно байыаннай үөрэҕи ааспыт. Саас Бастакы украинскай фроҥҥа ыыппыттар, стрелогунан сылдьыбыт. Моонньугар бааһырыы ылбытын кэннэ, Москва куорат госпиталыгар ыытыллыбыт. Yтүөрэн баран, иккис пулемётчик буолбут. Фроҥҥа иккис бааһырыытын атахха ылбыта. Госпиталь кэнниттэн эмиэ сэриигэ барбыта, пехотаҕа. ол сылдьан үһүс бааһыырыытын ылар, көхсүгэр уонна илиитигэр. Тейкево куоракка 4 ый госпитальга сыппыт, саһарардаабыт эбиитин. Атаҕар турбутун кэннэ, пароходунан Иркутскай куоракка, онтон массыынаннан Усть-Кутка тиийбит. Кэнники буолан баран, «Ленин» паромунан дьиэтигэр тиийбитэ. Тиийэн баран биир сыл продавецтыыр, холкуоска үлэлии барар. Кыһынын Ааллаах-Yүҥҥэ көмус промышленнаһын үлэһиттэригэр ас, таҥас таһан кыстыыр.

1946 сыллаахха Карпова Вера Степановнаны кэргэн ылар. 11 оҕону төрөппүттэр. Кэнники кадровай булчут, от бригадатын звеновойунан үлэлээбитэ. Кэргэнэ уонна улахан уола эрдэ өлөн, 10 оҕону соҕотох иитэн Республика «Ытык аҕа» бэлиэтин ылбыта. Элбэх мэтээллээх, наҕараадалаах, Ленин 100 сааһыгар «Yлэҕэ кэлбиэнин иһин» мэтээл ылар, тыа хаһаайыстыбатын грамотатынан наҕараадаланар, уо. д. э..

Бэс ыйын 12 күнүгэр күн сириттэн барбыта.