Кинилэр кэлбиттэригэр…
«Кинилэр кэлбиттэригэр…» — 1946 сыллааҕы Мартин Нимёллер диэн ниэмэс паастарын тыл этиилэриттэн цитата. Ниэмэс интеллегенциятын уонна духовенствотын нациистарга утарыласпаттарыгар буруйдуур[1].
Нимёллер антисемит уонна нацист эбит. Кэнники кини көрүүлэрэ уларыйаллар. 1941 сыллаахха нацистар цээркабы хонтуруолларын утары тылы эппитим иһин Дахау уонна Заксэнхаузэн диэн концлааҕырларга хаайыыга укпуттар. 1945 сыл бүтүүтүгэр Нимёллер босхололуллубут Дахауга өссө биирдэ барар. Бу сылдьыыта кини 1946 сыллааҕы цитататын олоҕурдуутугар оруолу оонньообут диэн ааҕыллар. 1955 сыллаахха бастыкынан бэчээккэ тахсыбыта[1].
Цитата хас да барыллаах, ордуга ааҥыл тылынан. Биллэртэн биирдэстэрэ поэтическай көрүҥнээх, 1950-га тарҕатыыта саҕаламмыта[1].
Цитата ааптара
Мартин Нимёллер — ниэмэс лютеран паастора уонна богослов, 1892 сыллаахха Липпштадка төрөөбүт. Коммунистары утарсара уонна Адольф Гитлер былааска кэлиитин өйөөбүтэ[2]. Ол эрээри салайааччы судаарыстыба итэҕэлтэн үрдүк диэбитигэр Нимёллер киниттэн уонна кини бэлиитикэтиттэн кэлэйбит уонна итэҕэлгэ сыһыаннаах режим утарааччыларын салайбыт[3].
1937 сыллаахха Нимёллер хаайыллыбыт уонна сэттэ ыйга колонияҕа уонна икки ыстараапка ууруллубут. Дахау уонна Заксэнхаузэн диэн концлааҕырдарга буруйун боруостаабыт[4].
Босхолонууттан Германияҕа паастор үлэтин салҕаабыт уонна Аан дойду иккис сэриитин кэннинэ буруйу билинэр уонна көнсүү диэки буолааччылартан биирдэстэрэ буолбут. Кини этиитэ тугу да гынымыы буруйдааһына курдук субу-субу цитируйданар[4].
Барыллар
Цитата сүрүн барыла[5]:
Нацистар хоммуньуустары тута сылдьыбыттарыгар, мин саҥарбатаҕым: хоммуньуус буолбатах этим. Тиэкис оригинаала (ниэм.)
Als die Nazis die Kommunisten holten, habe ich geschwiegen; ich war ja kein Kommunist. Als sie mich holten, gab es keinen mehr, der protestieren konnte. |
Цитата араас барылларыгар, араас дьону ахтан ааһаллар, холобур АХШ-ҕа бу барыл биллиилээх[3]:
Бастаан социалистары ыла кэлбиттэрэ, мин саҥарбатаҕым — тоҕо диэтэр социалист буолбатах этим. Тиэкис оригинаала (ааҥл.)
First they came for the Socialists, and I did not speak out - Because I was not a Socialist.
|
Формулировка туһунан мөккүөр
Бастакынан цитата 1955 сыллаахха бэчээккэ тахсыбыта. Милтон Майер кинигэтигэр «Они думали, что они свободны» диэн кинигэтигэр бэчээттэммитэ. Гражданскай быраап иһин охсуһааччыларын уонна АХШ учууталларын ортолоругар киэҥник тарҕаммыт[1].
First Things диэн сурунаал сэтинньи ый 2001 сыллааҕы таһаарыытыгар Ричард Джон Нойхаус маннык диир «1971 сыллаахха киниттэн ханнык цитата барыла сөбүй диэн ыйыппытарыгар, Нимёллер мин өйдөөбөппүн диэн хоруйбут, ол эрээри ханнык барылы ордоробун диэн ыйыттаххытына, “хоммуньуустары, профсоюз чилиэннэрэрин, дьэбириэйдэри уонна миигин” таарыйар барылы талыам[6].
Цитата тарҕааһына
Сэрии кэннинээҕи сылларга АХШ-ҕа көспүт Нимёллер биир дойдулааҕа, Нобель бириэмийэтин лауреата, Томас Манн Америкаҕа Нимёллер үөрэтиитин бэчээккэ таһаарарref>Текст содержит перевод из английского раздела Википедии. </ref>.
Билигин цитата үгүстүк общественнай дискуссияларга уонна поп-култуураҕа иһиллэр. Субу-субу ох тыл диэн ааттыыллар. Цитатаны балыытыка соругунан анаан оҥороллорАллюзиялар бааллар, холобура Рик Скотт диэн Флорида губернатора Митт Ромни диэн предидиэҥҥэ кандидаты өйүү[7].
Цитатаны Яд ва-Шем диэн Холокост иториятын Мемориальнай комплексатыгар, Ричмонд диэн куоракка Холокост Музейыгар, Санкт-Петербург диэн куоракка Холокост Музейыгар, уонна Тонон-ле-Бен диэн куорат Холокост Музейыгар көрүөххэ сөп[4].
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 1,2 1,3 Harold Marcuse. Niemöller, origin of famous quotation «First they came for the Communists…»(ааҥл.). history.ucsb.edu. Тургутулунна 15 Сэтинньи 2023. Төрүт сириттэн архыыптанна 14 Кулун тутар 2013.
- ↑ Юрий Табак. Мартин Нимёллер: «Когда они пришли за евреями, я молчал…»(суох сигэ — история) (9.10.2022).
- ↑ United States Holocaust Memorial Museum. Тургутулунна 15 Сэтинньи 2023. Төрүт сириттэн архыыптанна 14 Кулун тутар 2013.
- ↑ 4,0 4,1 4,2 Текст содержит перевод из французского раздела Википедии.
- Wayback Machine(ниэм.)
- ↑ Richard John Neuhaus. September 11 - before and after (en) // First things. — 2001. — November.
- ↑ Scott defends capitalism with "First they came" Holocaust quote(ааҥл.). Naked Politics (26 January 2012 </noinclude>). Тургутулунна 15 Сэтинньи 2023. Төрүт сириттэн архыыптанна 14 Кулун тутар 2013.
Литэрэтиирэ
- Штейн, Лео (искусствовед), Norman Vincent Peale. Hitler Came for Niemoeller: The Nazi War Against Religion. — Pelican Publishing, 2003. — 336 p. — ISBN 9781455605873
- Marcuse H. The Origin and Reception of Martin Niemöller's Quotation, "First they came for the communists..." // Remembering for the Future: Armenia, Auschwitz, and Beyond / Edited by Michael Berenbaum, Richard Libowitz, Marcia Sachs Littell. — St. Paul. MN: Paragon House, 2016. — С. 173—199. — ISBN 978-1557789235
- Marcuse, Harold. Legacies of Dachau: The Uses and Abuses of a Concentration Camp, 1933-2001. — Cambridge University Press, 2001. — 590 р. — ISBN 978-0521064484.