Кармелиттар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Кармелиттэр уордьаннарын дьаралыга

Кармелиттар — Кармель хайаҕа төрүттэммит католиктар икки манаах уордьаннарын уонна биир конгрегацияларын уопсай ааттара.

Тэриллиилэрэ

  • Пресвятой Дева бырааттарын Кармель хайатааҕы уордьана (лат.  Ordo Fratrum Beatae Mariae Virginis de Monte Carmelo, OCarm) — кармелиттэр сүрүн салаалара. 2014 с. 2030 манаахтааҕа (онтон 1316 аҕабыыт) 29 дойдуга 382 манастыырдааҕа[1].
  • Пресвятой Дева атах сыгынньах бырааттарын Кармель хайатааҕы уордьана (лат.  Ordo Fratrum Diacalceatorum Beatae Mariae Virginis de Monte Carmelo, OCD) — XVI үйэҕэ сүрүн салааттан арахсыбыт уордьан. 2015 с. уордьаҥҥа 4021 манаах (онтон 2900 аҕабыыт), 632 манастыыр баара[2].
  • Пресвятой Дева кармелит-бырааттарын конгрегацията (лат. Congreagatio Fratrum Carmelitarum Beatae Mariae Immaculatae, CMI) — Ииндийэҕэ баар сиро-малбаар обряды тутуһар конгрегация, 2485 манаах (онтон 1793 аҕабыыт), 374 манастыырдаах (2014)[3].

Кармелиттар таҥастара — капюшоннаах хараҥа хоҥор ряса.

Уордьан манаах дьахтар салаалаах.

Устуоруйата

Уордьаны кириэстээх бохуттар кэмигэр Арҕаа Европаттан Палестинаҕа кэлэн Кармель хайаҕа Илия дьүүктэтин аттыгар олохсуйбут манаахтар тэрийбиттэр.

Быһаарыылар