Карловы Вары
Карловы Вары эбэтэр Ка́рлови-Ва́ри (чх Karlovy Vary), эрдэтээҥи аата — Карлсбад (Огрже, Ролава уонна Тепла өрүстэр силлиһэр сирдэригэр турар куорат. Нэһилиэнньэтин ахсаана: 49 864 киһи (2014 сыл.) Карловы Вары эмтээх минеральнай ууларынан аатырбыт дьүүктэлэрдээх. Маны таһынан үгүс айанньыт сэргии көрөр тутуулардаах.
Былыргы тутуулара
Гёте башнята
Гёте башнята 1889 сыллаахха тутуллубут Карловы Вары баар саамай былыргы башня. Башня үрдүттэн Карловы Вары куорат уонна тула сытар кэрэ көстүүлэри кэрэхсии көрүөххэ сөп.
Бечов-над-Теплой
Былыргы замок уонна куорат Чехия арҕаа өттүгэр сытар, Карловы Варыттан 25 биэрэстэ тэйиччи. Романтическай замок уонна былыргы кириэппэс - историческай пааматынньык быһыытынан сыаналанар.
Гейзернай колоннада
Карловы Вары саамай биллэр-көстөр дьүүктэтэ. 2 биэрэстэ дириҥтэн +72…+73°С итии эмтээх уу өрө тыган тахсар.
Дворжак садтара
Антонин Дворжак аатынан Дворжак садтара — дьоҕус гынан баран олус кэрэ парк Карловы Вары киинигэр баар.
Ян Бехер түмэлэ
«Бехеровка» диэн аатынан биллэр итирдэр утаҕы оҥорбут фармацевт аатынан түмэл.