Калачев Анатолий Петрович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Калачев Анатолий Петрович (сэтинньи ый 2 күнэ 1941, Төҥүлү сэлиэнньэтэ, Төҥүлү нэһилиэгэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа — тохсунньу ый 4 күнэ 2016) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин ытыктабыллаах бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ.

Биография

1941 сыллаахха сэтинньи ый 2 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1962 сыллаахха Төҥүлү оскуолатын бүтэрэн баран совхозка икки сылы механизатор быһыытынан үлэлээбитэ. 1964 сыллаахха Саха Судаарыстыбыннай университетын историко-филологическай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ.

1968—1973 сс Наахара оскуолатыгар завуч быһыытынан үлэлээбитэ. Кини үлэлииригэр учууталларга аналлаах икки икки квартиралаах дьиэлэр тутуулара саҕаламмыта.

Хатаска көһөллөр. Оскуолаҕа нуучча тылын учуутала миэстэтэ иллэҥэ суох буолан, интернат баспытаатала онтон заведующай быһыытынан үлэлээбитэ. 1981 сылтан 2004 сылга диэри Хатас айар дьиэтин дириэктэринэн үлэлээбитэ. Онтон 22 сылы быһа бэйэ баҕатынан Хатас участковай избирательнай хамыыссыйа бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбэ.

Дьиэ кэргэнэ

1967 сыллаахха Клара Малгина диэн однокурсницатын кытта холбоҺоллор

Аатын үйэтитии

2019 сыллаахха бэс ый 13 күнүгэр Дьокуускай куорат думатын РЯГД-7-5 ыйааҕынан Хатас уулуссаларыттан биирдэстэрэ Калачев Анатолий Петрович аатынан ааттаммыта.

Литэрэтиирэ

Имена на улицах Якутска : (биобиблиографический справочник) / Окружная администрация города Якутска, Управление культуры и духовного развития городского округа «город Якутск» Муниципальное бюджетное учреждение "Централизованная библиотечная система городского округа «город Якутск», Информационно-библиографический отдел; [составители: Зедгенидзева А. Н., Иванова М. Н., Купоросова Т. И. и др. ; редакторы: Попова С. В., Иванова М. Н. ; руководитель проекта Тихонова Н. Н. ; вступительное слово главы ГО «город Якутск» Евгения Григорьева]. — Якутск : ЦГБ, 2002- . — 21 см. Вып. 4. — 4-е изд., перераб. — 2022. — 693 c. : портр. — 69 экз.