Йазылыкайа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Шаррума таҥврв уонна Тудхалия ыраахтааҕы. Быһа барыллаан б.э.и. 1250—1220 сс.

Йазылыкайа (тур. Yazilikaya — суруктаах хайа) — Киин Анатолияҕа (Турция) Богазея таһыгар хайаҕа баар хеттэр ытык сирдэрэ.

Чинчиллиитэ

1838 с. бороснуус учуонайа Ш. Тексье арыйбыт. 1838 — 1839 сыллардаахха чинчиллибит. Язылыкая суруктарын 1952-1969 сыллардаахха боронсуус учуонайа Э.Ларош аахпыта (расшифрофкалаабыта).

Йазылыкайа хаһыыларын түмүгэр көстүбүт матырыйааллар, комплекс эрдэтээҥи чаастара уонна саамай былыргы керамика оҥоһуктара б.э.и. XV үйэнэҕэ оҥоһуллубуттар диэн сыаналаналлар. Ол гынан баран тутуу сүрүн өттө, суруктар, скульптуралар уонна таҥаралар моһуоннара инньэ Тудхалия IV диэн б.э.и. 1250-1220 сс. олорон ааспыт Хеттэри тиһэх ыраахтааҕыларын саҕана оҥоһуллубуттар.

Йазылыкайа киин тутуулаах. Онно Хеттэр дойдуларын киин куората -- Хаттусаса храмнарыгар дьүөрэлии храм сыһыары тутуллубут. Ону сэргэ киин тутууга ойоҕолуу тутуллубут, ааттара биллибэт таҥаралар уонна демоннар мөссүөннэрэ үйэтитиллибит дьиэлээх. Ол дьиэ -- ытык сир саамай былыргы тутуута. Инньэ Тудхалия IV ыраахтааҕылыыр кэмигэр оҥоһуллубут эрээри, Хеттэр саарыстыбалара сууллуор диэри хас эмэ төгүл уларытан оҥоһуллубут. Ол түмүгэр, билигин киирии ааҥҥа хахай төбөлөөх демоннар олороллор.

Аллараа дойду 12 таҥарата ойуута.

Йазылыкайа храмын киин өттүгэр, хайа сирэйигэр, Хурриттар таҥаралара ойууламмыттар: буурҕа таҥара Тешуб эмиэй бэйэтин ханыылыы таҥаралары кытары, Хурриттар Иштар — Шавушкалара, күн, ый таҥаралара, о.д.а. Хурриттар таҥараларын аата уонна сорох биирдиилээн тыллар Хеттэр (лувийдыы) иероглифтарынан суруллубуттар.

Йазылыкайа Ытык сирин (святилищетын) уонна храмын Хетт ыраахтааҕылара уонна кинилэр династиялара өлбүт киһи сиэрин-туомун ыытарга туһаналлара. 

Литэрэтиирэтэ

  • Bittel K., Naumann R., Otto H. «Yazilikaya, Felsbilder, Inschriften und Kleinfunde», Leipzig 1941
  • Laroche E. «Les dieux de Yazilikaya», Revie hittite et asianique, 1969, t.27.