Иһитиннэрии
Иһитиннэрии (биллэрии) диэн, аата да этэрин курдук, тулалыыр эйгэҕэ, күннээҕи олоххо туох саҥа баар буолбутун, араас сонуну иһитиннэрэр, кэпсиир сэһэргээһин тиэкис ааттанар.
Иһитиннэриигэ кылаас, оскуола олоҕуттан аан дойдуга туох уларыйыы тахсарыгар тиийэ кэпсиэххэ сөп. Биһиги телевизорынан күннэтэ истэр сонуммут эмиэ иһитиннэрии буолар.
Иһитиннэрии тыла-өһө судургу, ис хоһооно кылгас, чуолкай буолар. Киһи бэйэтин санаата, иэйиитэ көстүбэт. Онон дьыала стилигэр чугас.
Туһаныллыбыт сир
- Саха тыла. Морфология: 6 кылааска үөрэнэр кинигэ. / Неустроев Н. Н. уонна соавт. Бичик. 2006. - 112 с. ISBN 5-7696-2400-0
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |