Ичан-Кала
Ичан Кала (Хива куорат иһигэр, модьу-таҕа истиэнэлэринэн эргиччи күрүөлэммит былыргы куорат. Кини, Орто Азияттан бастакынан аан дойду баайынан ааттаммыт пааматынньык буолар.
Сүүс сыл устата тутулла турбут кириэппэһи бөҕөргөтөр тутуулар, дыбарыастар, мэчиэттэр уонна медресе(босхо мусульманскай оскуола), мавзолейдар уонна минареттар, караван-сарайдар уонна баанньыктар Ичан-Каланы хатыламмат уратылаах пааматынньык куорат гыммыттара.
Заповедник-куорат диэн ааты Кырдьаҕас Хива 1968 с. ылбыта.
Уос номоҕо кэпсииринэн, куорат иһинээҕи кириэппэс Ичан-Кала пророк Мухаммед Медина куораты туппут туойун сириттэн ылыллыбыт туойунан тутуллубут. Кэлин, онно үөскээбит күөлү сибэтиэй диэн ааттыыллар. Онтон, атын уос номоҕо этэринэн ураты дьикти амтаннаах уулаах Хейвак холуодьаһы библейскай Ной уола Сим хаспыт. Ол курдук, уос номоҕо кэпсииринэн Хорезм куорат тутуутун Сим саҕалаабыт. Түүн, Хорезмы ааһан иһэн утуйан хаалбыт. Ол кэмҥэ, билиҥҥи Хорезм турар сирэ кураанах кумах куйаар этэ. Түүлүгэр уоттарынан төгүрүтүллүбүт куораты көрбүт. Уһуктаат куораты тутан саҕалаан барбыт, ол курдук куорат бастакы акылаатын кини түһэрбит. Тутуу кэмигэр холуодьас хаспыт, ол уутун иһэ-иһэ "Хей вак! Хей вак!"-"Олус үчүгэй! Олус үчүгэй!"-диэбит. Ол кэнниттэн куорат аата Хива диэн буолбут.
Хива куорат, үгэс курдук, икки тус-туспа чаастарга арахсара. Ис куорат(цитадель, шахристан) - Ичан-Кала(ис көмүскэнэр эргиир) уонна Тас куорат(рабад) - Дишан-Кала(тас көмүскэнэр эргиир). Ичан-Кала эркиннэрэ: 8-10 миэтэрэ үрдүктээхтэр, 5-6 миэтэрэ кэтиттээхтэр уонна тас өттүнэн 6250 миэтэрэ уһуннаахтар. Көмүскэнэр ис уонна тас эргимтэ бааллар самаантан(соломо булкадаһыктаах туой кирпииччэ)оҥоһуллаллара. Ичан-Кала истиэнэтигэр, отут миэтэрэ буола-буола, истиэнэ тас өттүгэр тахсар көмүскэнэргэ аналлаах төгүрүк башнялар тутуллубуттар. Истиэнэлэр үөһээ өттүлэлэрэ тиискэ моһуоннаахтар, осада кэмигэр өстөөҕү ытыалыырга аналлаах ортотунан дьөлөҕөстөөх оҥоһуулаахтар. Толору уулаах, дириҥ хоруулар эмиэ, көмүскэнэр бөҕөргөтүүлэр ахсааннарыгар киирэллэрэ. Хоруулар оһон эрэр омоонноро кириэппэс соҕуруу өттүгэр билигин даҕаны көстөллөр, онтон арҕаа уонна хотугу өттүгэр былыргы хоруулар омооннорун асфальт бүрүйбүт.
Куорат боруоталара эмиэ көмүскэнэр бөҕөргөтүүлэр ахсааннарыгар киирэрэ. Кириэппэс боруотатынан киири арочнай холлороонун икки өттүгэр көмүскэнэр башнялар бааллара, онтон боруота үрдүнэн кэтээн көрөрн галерея баара. Боруота аркатын кэнниттэн кэлэр куорат диэки барар холлороон аркалыы моһуоннаах сарайынан (Кой Дарваза), биитэр, холлороон уһун буоллаҕына хас да куупалынан сабыллара.
1598 с.Аму-Дарья өрүс, хаһыс да төгүлүн сүнньүн уларытан, Хорезм киин куоратын Гурганджы уута суох хаалларбытын кэннэ,н судаарыстыба киинэ Хорезмскай оазис кырдьаҕас куоратыгар Хиваҕа көспүтэ. Археологическай хаһыылар түмүктэринэн V-Vl үйэлэргэ, Мерваттан Гурганджка барар былыргы суолга, Хейвак холуодьас аттыгар тохтобул биитэр, караван-сарай быһыытынан Хива хайа сахха баар эбит. Итинтэн сиэттэрэн, археологтар сабаҕалыылларынан, Ичан-Кала истиэнэлэрин олоҕунан караван-сарай көмүскэнэр бөҕөргөтүүлэрин сэмнэхтэрэ(V үйэ) буолбуттар. Хейвак холуодьас, билигин даҕаны, Ичан-Кала хотугулуу-арҕаа истиэнэтин аттыгар баар.
Холуодьаһы өрөмүөннүүргэ,олус былыргы тутуу буолара биллибитэ, ону кытта, билигин сиринэн көмүллүбүт куупаллаах былыргы тутуу көстүбүтэ. Кириэппэһи тутар туойу, куораттан икки килэмиэтирдээх Говук-куль диэн сиртэн ылаллара. Ол сир билигин, улахан күөл. Уонна бүгүн даҕаны, итиннэ олорор туой иһити оҥорооччулар, ол сиртэн олус үчүгэй хаачыстыбалаах туойу ылан тутталлар. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%98%D1%87%D0%B0%D0%BD-%D0%9A%D0%B0%D0%BB%D0%B0 https://www.google.com/search?kgmid=/m/06qqm5&hl=ru-RU&q=%D0%98%D1%87%D0%B0%D0%BD-%D0%9A%D0%B0%D0%BB%D0%B0&kgs=3473d00eef986ece&shndl=0&source=sh/x/kp&entrypoint=sh/x/kp https://www.advantour.com/rus/uzbekistan/khiva/itchan-kala.htm
Сигэлэр
- https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%98%D1%87%D0%B0%D0%BD-%D0%9A%D0%B0%D0%BB%D0%B0
- https://www.google.com/search?kgmid=/m/06qqm5&hl=ru-RU&q=%D0%98%D1%87%D0%B0%D0%BD-%D0%9A%D0%B0%D0%BB%D0%B0&kgs=3473d00eef986ece&shndl=0&source=sh/x/kp&entrypoint=sh/x/kp
- https://www.advantour.com/rus/uzbekistan/khiva/itchan-kala.htm