Историческай Башкортостан

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Халыып:Историческая областьИсторическай Башкортостан (башк. Тарихи Башҡортостан; Башкирия) — 1994 сыллаахха Н. А. Мажитовтаах А. Н. Султанов башкир норуот быһыытынан сайдыбыт үөскээбит историко-географическай уобалаһын научнай бэлиэтиитигэр туһанарга сүбэлээбит тиэрминэ. И. Г. Акманова этэринэн тиэрмин аан бастаан М. К. Любавскай 1930-с сыллар үлэлэригэр киллэриллибитэ.

1917 — 20-с сыллар бүтүүлэригэр дылы “Башкурдистан“ диэн аат туһаныллыбыта даҕаны..

Билиҥҥи кэмҥэ бу сиргэ (кыраайга, дойдуга) Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтэ, Оренбургскай и Челябинскай уобаластар,Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин илин өттө, Удмуртия соҕурууҥу-илин өттө, Пермь кыраайын соҕуруу өттө, Свердловскай уобалас соҕурууҥу-арҕаа өттө, Курган уобалаһын арҕаа өттө, Самарскай уобалаһын хотугулуу-илин өттө, Саратов уобалаһын илин өттө бааллар. Историческай, этнографическай, лингвистическай уонна да атын чинчийиилэргэ онно остуоруйа араас кэмигэр башкир биистэрэ уонна башкир этноһа олохсуйбут сирин ааттыырга Историческай Башкортостан диэн тиэрмини туһаналлар.