Истин догор

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Истин догор. Истин догор диэн кимий? Мин санаабар истин догор диэн ыраас санаалаах, утуе сыьыаннаах, сэмэй майгылаах, сэргэх киьини этэллэр. Кини ес хоьоонно этэринии "Атас туьугар атах тостор" буолуохтаах. Оннук доготторбуттан биирдэстэрэ мин саамай чугас дьуегэм Сардаана буолар. Кини элбэх оголоох дьиэ-кэргэнтэн иккис ого. Кыратык сырдатар буоллахха Сардаана уерэгэр урдук таьымнары кердерер, араас куоркурстарга ситиьиилээхтик кыттар. Олуьун диэн дьогурдаах. Холобур нэьилиэк биэчэрдэригэр ункуулээн дайар, хоьоон ааган чоргутар уонна ырыа ыллаан дьиэрэтэр. Кемус далаьа ырыа студиятын иитиллээччитэ буолар. Кини ыллыыр буолан сири дойдуну кэрийэр. Холобур Испания, Кытай, Москуба куорат, Санкт-Петербург, Казахстан курдук сирдэргэ сылдьан, кыайан-хотон кэлбитэ. Сардаана киьи быьыытынан элэккэй, уерунньэн, сэмэй, дьону кытта истинник кэпсэтэр. Дьуегэлии буоларбыт быьыытынан бэйэ-бэйэбитигэр куруук ейдеье-ейеье, кемелеье, дурда-хахха буолабыт. Тумукпэр этиэм этэ маннык истин догордоохпунан киэн туттабын уонна сыаналыыбын.