Исламы ылыныы 1000 сылынан мэчиэт
Исламы ылыныы 1000 сылынан мэчиэт.
Закабаннай мэчиэт, Исламы ылыныы 1000 сылынан мэчиэт, Үбүлүөйүнэй мэчиэт(тат. Кабан арты мэчетэ) - Казань историческай мэчиэттэриттэн биирдэстэрэ. Закабаннай мэчиэт, Кабан күөл илин кытылыгар турар. Мэчиэттэри, мусульманнар үҥүөхтэрин иннинэ суунар ууларын дөбөҥнүк буллуннар диэн, төһө кыалларынан ыраас уулаах сирдэр аттыларыгар тутарга кыһаналлара. Кытылга, дьон уу ылан суунаат да мэчиэккэ намаас ааҕа бардын диэн анаан мас болуоттары бэлэмнииллэрэ. Волгатааҕы Булгария хана Алмуш, б.э. 922 с. исламы судаарыстыбаннай итэҕэл быһыытынан ылыммыта, 1922 сыллаахха 1000 сыла буолбут. Исламы ылыныы, мусульманнарга олус улахан суолталаах дьайыы этэ. Үбүлүөйгэ, хас да сыл инниттэн бэлэмнэнии барбыта. 1914 сылтан Закабаннай мэчиэт тутуута саҕаламмыта. Биллэрин курдук, Кабан күөл уонна Булак боротуоха куораты быыстаан икки чааска - нуучча уонна татаар өттүлэригэр араараллара. Ол быыстан арҕаа диэки татаардар, илин диэки нууччалар олохсуйаллара. Закабаннай мэчиэт илин диэки, нууччалар олохсуйар өттүлэригэр тутуллубута. Закабаннай мэчиэт комплексын тутууларын архитектор Евгений Печников бырайыактаабыта. Мэчиэт икки этээстээх, икки саалалаах этэ:эр дьон саалата бастакы этээскэ, дьахталлар саалалара иккис этээскэ Мэчиэккэ киирэр ааннар, эр дьоҥҥо уонна дьахталларга туһунан этилэр. Мэчиэт үс дьаарыстаах ханна да суох минареттаах. Үс дьаарыс - татаардар уонна булгардар олохторун үс кэмин көрдөрөрө:исламы ылыныахтарын иннинээҕи кэми, орто үйэлэри уонна аныгы кэми. Мэчиэт дьон сиэртибэлээбит үбүгэр тутуллубута. Бастакы Аан дойду сэриититтэн үтүрүттэрэн мэчиэт туөуута тохтообута. Медресе дьиэтэ эрэ тутуллубута. 1922 с. мусульманнар делегациялара Москваҕа, национальностар дьыалаларын наркомунан үлэлиир Сталиҥҥа барбыттара. Мэчиэт тутуутугар көҥүлү Сталин биэрбитэ. Ол сыл, Казань исламы ылыныы 1000 сыла буолбутун бэлиэтээбитэ. Мэчиэт арыллан баран, биир нэдиэлэ үлэлээбитин кэннэ сабан кэбиспиттэрэ. Минаретыгар кыһыл өҥнөөх сэбиэскэй былаах баар буолбута, мэчиэт дьиэтигэр рскуола, оҕо саада, ДОСААФ үлэлээбиттэрэ. 1990 с.мэчиэти мусульманнарга төннөрбүттэрэ. Эмиэ, Исламы ылыныы 1000 с.ааттаах медресе үлэлээбитэ, ону кытта, дьахталларга уонна оҕолорго өрөбүллээҕи оскуола, киэһээҥҥи куурустар баар буолбуттара. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%97%D0%B0%D0%BA%D0%B0%D0%B1%D0%B0%D0%BD%D0%BD%D0%B0%D1%8F_%D0%BC%D0%B5%D1%87%D0%B5%D1%82%D1%8C https://www.kazan-guide.ru/zakabannaya-mechet/
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |